Антонина Григорьева: «Киһи кэрэхсиир боппуруоһа үгүс»
Ил Түмэн дьокутаата, педагогическай наука дуоктара, Ил Түмэн наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, иһитиннэрэр-биллэрэр ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин Анал этиитин истэн баран, санаатын маннык үллэһиннэ:
— Быйылгы быһа эпииригэр РФ Бэрсидьиэнэ социальнай көмүскэл тиэмэтигэр үгүс саҥа көрүүлэрин иһитиннэрдэ. Биллэн турар, элбэх оҕолоох дьоҥҥо, ийэ хапытаалыгар, ипотека туһунан боппуруостарга дьоһуннаах толору хоруйдары биэрдэ. Аҕа баһылык дьиэ кэргэн ипотекатын бырагырааматыгар лимиит суох буолуо диэтэ. Мин «элбэх оҕолоох ыал оҕолоро бүддьүөт миэстэтигэр киириэхтэрин сөп дуо?» диэн ыйытыыны сэргии иһиттим. Аҕа баһылык Владимир Путин «бу боппуруоһу үөрэтэн көрүөхпүт» диэн хоруйдаата. Ити курдук, киһи кэрэхсиир боппуруоһа үгүс.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: