Салгыы
Антонина Хобусарова: «Ан Миисэ — уол оҕо, эр бэрдэ!»

Антонина Хобусарова: «Ан Миисэ — уол оҕо, эр бэрдэ!»

Ааптар:
27.10.2022, 14:32
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 53-с кыттааччыта Үөһээ Бүлүүттэн Антонина Хобусарова.

Ааптар хоһоонун парашютист, муоратааҕы пехотаҕа сулууспалаабыт  рота старшината, учуутал, баһаарынай, быыһааччы, икки уоллаах иллээх дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, билигин көҥүл өттүнэн  сулууспалыы барбыт Ан Михаил Васильевичка анаабыт.

Ан Миисэ — уол оҕо, эр бэрдэ!

Үрдүккэ кыырайар мохсоҕол!

Ыытабыт эйиэхэ эҕэрдэ,

Тумуннун эйигин дэҥ-оһол!

Эдэркээн уолаттар эйигин

Эрэнэ кэтииллэр сэриигэ.

Билэбит  көрүөҕүҥ-истиэҕиҥ,

Көмүскүөҥ инники кирбиигэ!

Этэҥҥэ эргиллэн кэлэҥҥин

Салайыаҥ Кыайыыбыт параадын.

Чөллөркөй куолаһыҥ ньиргийэн

Иһиллиэ ыраахха дуорайан.

Хотойдор үөһэнэн көтөллөр!

Эн ааккын киэн тутта ааттыыбыт!

Хорсуннар биһиэхэ төрүүллэр!

Үс куттаах бойобуой сахалар!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: