Антонина Хоютанова: “Оҕо санаатын этэ үөрэниэхтээх”
Оҕо көмүскэлин күнүгэр “Сыл иитээччитэ‑2023” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс лауреата, СӨ Үөрэх эйгэтин анал бириэмийэтин ылбыт, улуустааҕы бастыҥ педагогтар Бочуоттаах дуоскаларыгар киирбит “Березка” киин иитээччитэ Антонина Хоютанованы кытта сэһэргэстибит.
Иитээччи идэтэ
— Антонина Павловна, иитээччи идэтин эрдэттэн толкуйдаан талбытыҥ дуо?
— Бэйэм Горнай улууһун Маҕараһыттан төрүттээхпин. Оскуола кэнниттэн тута Дьокуускайдааҕы 2‑с нүөмэрдээх педагогическай кэллиэскэ оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин салаатыгар үөрэнэ киирбитим, салгыы Педагогическай институкка үрдэтиммитим. Үөрэхпин бүтэрээт, куорат уһуйааныгар иитээччинэн саҕалаабытым, билигин Чурапчытааҕы “Березка” оҕону сайыннарар кииҥҥэ үлэлиибин.
Иитээччи идэтин талыым бэйэтэ туспа устуоруйалаах диэххэ сөп. 10‑с кылааска үөрэнэр сылбытыгар Дублер күнүгэр хас да оҕону идэҕэ эрдэттэн туһаайыы быһыытынан, уһуйааннарга оҕолору кытта үлэни билиһиннэрэ ыыппыттара. Биир күн оҕолору кытта алтыһаат, тута биһирээбитим. Уопсайынан, бэйэм даҕаны кыра эрдэхпиттэн оҕолору кытта бодьуустаһарбын сөбүлүүбүн, бэйэбиттэн кыра оҕолору кытта оонньоон-көрүлээн, араас оонньуулары толкуйдаан улааппытым. Бу идэ тус бэйэбэр чугаһын эрдэттэн билэрим.
— Үлэҥ туох уустук уонна судургу өрүттэрдээҕий?
— Оҕону кытта үлэлиир олус үчүгэй. Өскөтүн үлэни оҕо санаатыттан, баҕатыттан аттаран оҥордоххо, таһаарыылаах, бэйэтэ ситимнэнэн иһэр. Оҕолор саҥаттан-саҥаны билэллэрин, харахтара уоттанарын, кинилэр эмоцияларын көрөн наһаа үөрэбин. Тус бэйэм, аныгы кэмҥэ төрөппүтү кытта үлэ ситэ кыайтарбакка турар диэн көрөбүн. Элбэх төрөппүт оҕотун иитиитигэр толкуйдаан, кыһаллан туран сыһыаннаспат, кыттыбат курдук. Оҕотун кытта дьарыктанар, өрүү кэпсэтэр төрөппүт оҕото чыҥха атын буолар, тута биллэр. Оттон билиҥҥи курдук технология сайда турар кэмигэр төлөпүөнү элбэхтик көрөр оҕолор саҥалара-иҥэлэрэ кыра, көрүүлэрэ-истиилэрэ чычаас буолар.
— Иитээччи буоларга киһиттэн ханнык хаачыстыба ирдэнэр?
— Бэйэбин кэтээн көрдөхпүнэ, оҕолор идиэйэлэрин, санааларын истэрбин ордорор эбиппин. Үлэ син биир былаанынан ыытыллар эрээри, онно сыһыаннаах оҕо идиэйэтиттэн аттарынабын. Оччотугар оҕо да сэҥээрэр, үлэ даҕаны таһаарыылаах буолар. Ханнык да түгэҥҥэ иитээччи оҕону ытыктыахтаах, кини санаатын өрө тутуохтаах.
Суукканы эргиччи үлэлиир бөлөх
— Уһуйааҥҥыт туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.
— “Березка” — оҕо саҥатын сайыннарар киин. Доруобуйаларынан хааччахтаах, инбэлиит оҕолору кытта үлэлиир улууска соҕотох уһуйаан, үс бөлөхтөөхпүт, 75 иитиллээччилээхпит. Арааһынай диагнозтаах оҕолор сылдьаллар, кинилэри кытта анал исписэлиистэр дьарыктаналлар. Суукканы эргиччи үлэлиир бөлөхтөөхпүт, мин онно иитээччибин. Оҕолор бэнидиэнньиктэн сэрэдэҕэ диэри, онтон чэппиэртэн бээтинсэҕэ диэри сылдьаллар. Нэдиэлэ ортото дьиэлэригэр баран хоноллор, өрөбүл күннэригэр эмиэ. Кэлин мөлтөхтүк саҥарар, бытаан сайдыылаах оҕолор олус элбээтилэр.
— Эн санааҕар, ити төрүөтэ тугуй?
— Экология, оҕо ийэ иһигэр сылдьан сайдыытыттан, нууччалыы-сахалыы бутуйан кэпсэтииттэн тутулуктаах быһыылаах дии саныыбын. Уонна улахан төрүөтүнэн төрөппүт оҕотун кытта кэпсэппэтэ буолар. Саамай сайдыахтаах, саҥарыахтаах, бодоруһуохтаах, алтыһыахтаах кэмин аһардан, мэһэйдээбэтин эрэ диэн төлөпүөн туттаран кэбиһэллэр. Ити оннугар көннөрү тыл бырахсан кэпсэтэллэрэ эбитэ буоллар, мөлтөх саҥалаах, бытаан сайдыылаах оҕо биллэ аҕыйыа эбитэ буолуо. Төлөпүөҥҥэ эмиэ дьон саҥарар дииллэр да, оҕо киһини кытта алтыһара, ийэтин, аҕатын кытта тыыннаахтык кэпсэтэрэ суолталаах. Кини көннөрү истэ эрэ сылдьыбакка, иһиттэн дорҕоон таһааран саҥара үөрэниэхтээх.
Ааптардар бырайыактара
— Ураты ааптарыскай бырайыактаахтар диэн истибитим. Ол туһунан кэпсии түһэриҥ буоллар.
— 2022 сыллаахха уһуйаан үлэһиттэрэ хаһыа да буолан түмсэн, биир үлэбитин чорботон, чинчийэн көрбүппүт. Билиҥҥи кэмҥэ ВорлдСкиллс күрэс киэҥник биллэр, дьон идэҕэ сатабылын күрэхтэһиитэ буолар. Маҥнай “скиллс” диэн тугун үөрэппиппит. Киһиэхэ, нууччалыы эттэххэ, “мягкие навыки” уонна “твердые навыки” диэн бааллар. Бу “твердай навыктар” биһиги идэҕэ сатабылбыт (көмпүүтэргэ үлэлиирбит, массыынаны ыытарбыт…), оттон “мягкие навыки” диэҥҥэ хамаанданан үлэлиир дьоҕур, бэйэ санаатын дьоҥҥо тириэрдии, бириэмэни таба туһаныы киирэллэр. Салгыы үөрэтиибит түмүгэр, киһи олоҕор ситиһиилэниитин 85% “мягкай навыктан” уонна 15% эрэ “твердай навыктан” тутулуктааҕын билбиппит. Ол аата биһиги ситиһиилээх оҕолору иитэн, улаатыннаран таһаарыахпытын баҕардахпытына, бастатан туран, оҕо ураты толкуйун (креативность), хамаанданы кытта тапсан үлэлиир дьоҕурун, лиидэр быһыытынан хаачыстыбатын, бириэмэни сөптөөхтүк туһанан аттарар сатабылын күүһүрдүөхтээх эбиппит. Бу сатабылларга оҕо эрдэхтэриттэн саҕалаан үөрэнэллэр. Уһуйааччым Елена Ивановна Седалищева, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрим, кииммит дьаһалтатын, старшай иитээччибин, мэтэдииһи кытта суруйбут бырайыакпыт буолар. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор “мягкай навыктарыгар” уустуктары көрсөллөр. Кыайан саҥарбаттар, эбиитин бэйэлэрин санааларын эппэттэр, тириэрдибэттэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта өйдөспөт кэмнэрэ эмиэ бааллар. Бу сатабылларын сайыннараары “Айсофтскиллс” бырайыагы толкуйдаабыппыт. Атыттар оонньуу нөҥүө оҕолору кытта бодоруһууну (коммуникация) күүһүрдэр эбит буоллахтарына, биһиги бырайыакпыт итини таһынан, креативноһы, лиидэрдии хаачыстыбаны, хамаанданан үлэни, тайм-менеджмент — барытын бииргэ сайыннарар. Бу барыта оонньуу нөҥүө барар.
“Сыл иитээччитэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ кыттарбар “КейсКуб” диэн оонньуубутун көрдөрбүтүм. Оҕолор олоххо баар эбэтэр өйтөн айыллыбыт түгэннэри (ситуация) хамаанданан быһаараллар. Холобур, итии ууга сиэппит оҕо хартыынатын көрөн тугу сыыһа оҥорбутун, маннык тахсыбатын туһугар тугу гыныллыахтааҕын толкуйдууллар, уруһуйдууллар, хоруйдарын бэлэмнииллэр, быһаараллар.
Итини таһынан, уһуйааммытыгар улахан “Айпроектум” бырайыактаахпыт. Манна хас биирдии үлэһит кыттар, иккилии оҕону арыаллыыр. Оҕолор күһүн уһуйаан аһыллаатын кытта саамай сэргиир тиэмэлэрин талаллар уонна сылы эргиччи үөрэтэллэр. Холобур, куосумас тиэмэтэ. Куосумас диэн тугуттан саҕалаан төрөппүттэр, оҕолор иннилэригэр тахсан кэпсииллэр. Салгыы куосумас туһунан уруһуйдууллар, ырыа ыллыыллар, хоһоон ааҕаллар. Онтон куосумас туһунан оонньуу айан оҕолорго кэпсииллэр, оонньотон көрдөрөллөр. Бүтэһик түһүмэххэ куосумаһы чинчийэн көрөллөр, эспэримиэн оҥороллор… Хас түһүмэх аайы кэпсииллэр. Оҕону, сыһыарыллыбыт салайааччы, төрөппүт сүбэлэрин түмэн бэлэмнииллэр. Иитиллээччилэрбит инникитин ситиһиилээх буолалларын туһугар ити этиллибит хаачыстыбаларын күүскэ сайыннарарга дьулуһабыт.
Ойуулук, оонньуу
— Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын? Туох хоббилааххын?
— Көмпүүтэргэ үлэлиирбин, ойуулуктары оҥорорбун сөбүлүүбүн, оҕолору кытта дьарыгы бигэргэтэн биэрэргэ туһаныллар араас оонньуулары толкуйдуубун. Иллэҥ кэммитигэр иитиллээччилэрбиниин тэттик ойуулуктары айан таһаарабыт. Тиэмэтин оҕолор талаллар, уруһуйдууллар, хамсаталлар, саҥараллар. Араас технологияны туһанабыт: быластылыын, уруһуй, көмпүүтэр графиката… Билиҥҥитэ сэттэ ойуулуктаахпыт. Соторутааҕыта айылҕа харыстабылыгар анаммыт тиэмэлээх ойуулукпутунан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ кыттан “Айар туруоруу” номинацияҕа кыайбыппыт. Бу барыта түмүллэн оҕо саҥатын сайыннарар, санаатын сайа этэригэр көмөлөһөр.
Биһиги иитиллээччилэрбит үгүстэрэ көннөрү оскуолаҕа үөрэнэллэр, учууталлар “Березкаттан” кэлбит оҕолор аһаҕастар, бэйэлэрин санааларын этэллэр, бастакынан дуоскаҕа тахсаллар, араас бырайыактары көмүскүүргэ нойосуус үөрэтэн буолбакка, бэйэлэрин тылларынан кэпсииллэр диэн бэлиэтииллэрин үөрэ истэбит, ол аата сөптөөх суолу тутуһан иһэр эбиппит диэн түмүккэ кэлэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: