Антоновка сайылыгын кырдаллара

Share

Урут сэбиэскэй былаас сылларыгар, «Ньурба» сопхуос өрөспүүбүлүкэҕэ биир тарбахха баттанар улахан сопхуос эрдэҕинэ, Антоновка дэриэбинэтэ киин отделение буолан, үлэ күөстүү оргуйар этэ… Манна биһиги сайылык оҕолорун аатын сүгэн, оонньоон-көрүлээн ойор-тэбэр дьоллоох оҕо сааспыт элэҥнээн ааспыта. Сайын аайы ыам ыйын бүтүүтэ сайылыкка тахсар сахсаан, хомунуу-иминии буолааччы…

Киин отделениеҕа 1963 сыллаахтан племенной оҕустары аҕалтаан, оройуоҥҥа племенной үлэни тэрийиэхтэриттэн ыла ыанар ынах икки биригээдэҕэ араарыллан көрүллэр буолта. Ол курдук, племенной үлэни сүрүннүүр биригээдэҕэ Илларионов Петр Гаврильевич (Бөппүрүөк Бүөтүр), онтон табаарынай биригээдэҕэ Афанасьев Семен Николаевич (Хорула Сэмэн) биригэдьиирдэринэн ананан үлэлээбиттэрэ. Манна аан бастаан оройуоҥҥа племенной үлэни саҕалаан олоххо киллэрбит киһинэн Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, Тимирязевскай академияны бүтэрбит учуонай-зоотехник Пермяков Николай Николаевич буолар. Ол сылларга биирдии бэйэлэрэ туонналыы кэриҥэ ыйааһыннаах 6-7 симменталь боруоданы, атыыр оҕустары аҕалтаабыттара. Көстөр көрүҥнэриттэн да киһи толлон чугаһаабат быһыылаах-таһаалаах оҕустары Яковлев Василий Гаврильевич (Тоокко Баһылай), Захаров Николай Спиридонович (Муос Ньукулай) кэргэнинээн Мария Титовналыын, Иванов Егор Аркадьевич (Холуочук Дьөгүөр), Константинов Руф Семенович бостууктаан көрөн-истэн ааспыттара. Хомойуох иһин, Холуочук Дьөгүөрү кырыга киирбит оҕус кэйэн өлөрбүтэ… Племенной ыстаансыйа салайааччыларынан Афанасьев Семен Николаевич, Зарубин Анатолий Иванович, Иванов Гаврил Иванович үлэлээн ааспыттара…

Биригэдьиирдэринэн бу сылларга Семен Николаевич племенной ыстаансыйа салайааччытынан үлэлии барбытын кэннэ Иванов Егор Николаевич (Киппий), Степанов Гаврил Егорович (Хабычча), Захаров Николай Сергеевич, Тимофеев Владимир Михайлович (Халлаан Болуодьа), Тимофеев Алексей Иванович онтон Тимофеев Василий Иванович (Уордаах Бааска) үлэлээн ааспыттара.


Бу биригээдэлэр 3-түү сайылыктаахтар этэ. Племенной биригээдэ 1976 сылтан IX пятилеткаҕа уһулуччу үрдүк көрдөрүүну ситиспитин иһин, “IX пятилетка аатынан плембиригээдэ” диэн бочуоттаах ааты сүкпүтэ. IX пятилетка аатынан племенной биригээдэҕэ ыанньык ынахтара Астыырга, Туойдаахха, Титииктээххэ сайылыыллара. Сайылыктарыттан дьыла хайдах кэлэриттэн көрөн, сорох сыл күһүн Куочай оттонон бүттэҕинэ Соппулуоттааҕыннан, Мултуугунан отордоон баран кыстыкка дэриэбинэҕэ көһөн киирээччилэр. Онтон табаарынай биригээдэ сайылыктара Бэс атах, Даркы, Ыылаах буолааччылар. Ол сылларга саҥа төрөөбүт тарбыйахтары 10 хоннулар да, ийэлэриттэн арааран тарбыйах көрөөччүлэргэ туттараллара. Олор эмиэ сайын устата сайылыкка олорон тарбыйахтарын көрөн-истэн, күһүн улаатан төлөһүйбүт тарбыйахтары кыстыкка киллэрэллэрэ. Олор сайылыыр сирдэрэ племенной биригээдэ киэнэ Оҕонньор күөлэ, Эриэн Кута, Ыылаах буолааччылар, онтон табаарынай биригээдэ Холхоодонон, Ньууккаанынан, Кулуһуннааҕынан сайылааччылар.

Сороҕор дьылыттан көрөн отделение салалтата сүбэлэһэн, сайылыктарын тарбыйах, ыанньык киэнин атастаһыннартаан биэрээччилэр. Бу сылларга инньэ гынан Киин отделениеҕа аҥаардас ыанар ынаҕа 750-ча төбө ынах сүөһүгэ тэҥнэһэрэ. Маны таһынан борооскулары таһынан абараактаммыт ыанньык ынахтары солбуйарга, ремонтнай диэҥҥэ эмиэ үчүгэй удьуордаах эдэр сүөһүнү зоотехниктар сүүмэрдээн уонна эккэ туттарарга анаан уотууга 1500-2000-чэ кэриҥэ субай сүөһүнү иитэллэрэ. Оччолорго ыаллар үксүлэрэ 2-тэн 4-кэ диэри ыанар ынаҕы ииттэллэрэ. Дьэ, бэйэҕит суоттаан көрүҥ, урукку сэбиэскэй саҕанааҕы уонна билиҥҥи Антоновка төһө хороҕор муостааҕы иитэн олорбутун уонна билигин иитэрин… Саатар урукку иитиллэр сүөһү аҥаарын кэриҥин иитэрэ буоллар, нэһилиэкпит экэнэмиичэскэй туруга тупсан, нэһилиэнньэ дохуот киллэринэн олоҕун таһыма үрдээн, өрөспүүбүлүкэҕэ урукку аатын-суолун төнүннэриэ этэ…

Сэрии кэнниттэн олох тупсан ыал үксэ элбэх оҕолоох буолара. Онон, сайылыкка көстөххө, сайылыкка оҕо-аймах мустан оонньоон-көрүлээн, сөтүөлээн-күөгүлээн, онтубут быыһыгар дьоммутугар көмөлөстөҕө буолан мучумааннанан, сайын бүппүтүн өйдөөбөккө да хаалааччыбыт. Сайылыкка ынаҕы күҥҥэ үстэ ыыллара. Сарсыардааҥы ыам сарсыарда 6-тан 8-ка, күнүскү ыам 12-тэн 2-гэ, киэһээҥҥи 6-тан 8-ка диэри буолааччы. Хас ыам бүттэҕин аайы хайдахтаах да ардахха Антоновкаттан үүтү таһар массыына кэлэн, үүттэрин Убайааҥҥа баар Мясомолпром арыытын сыаҕар тиэйэн илдьэ киирэрэ. Манна аҕыйах кэмҥэ массыына уруулун тутан ыытаары, үүтү таһар массыына иһэрин көрдөхпүтүнэ, утары сүүрэн ыһыллаҥнаһыы бөҕө буолааччыбыт. Сорох суоппардар ыыттарааччылара суох. Оччоҕо кыһыы бөҕө буолааччыбыт… Сороҕор массыынабытын тыраахтыр кытта арыаллыыра… Манна үлэлиир суоппардарга үүтү аһыппат туһугар улахан эппиэтинэс сүктэриллэрэ. Биир эппиэтинэстээх үлэлээх дьонунан үүт таһар массыына суоппардара буолаллара. Хайдахтаах да самыыр түстүн, суол-иис алдьаннын, кинилэр булгуччу күн аайы 5-6 туонна үүтү хас ыам аайы Убайааҥҥа Мясомолпром үүтүн сыаҕар үстэ кырынан таһаллара. Ол үлүгэрдээх суолга-иискэ үүт аһыйыытын олох таһаарааччылара суоҕун билигин сөҕөҕүн… Манна элбэх суоппар үлэлээн ааспытыттан сорохторун ааттаталаатахха: сэрии кыттыылааҕа, Антоновка бастакы суоппара Пахомов Иннокентий Прокопьевич, Захаров Григорий Николаевич (Халыҥ Киргиэлэй), Илларионов Василий Петрович, Андреев Василий Афанасьевич, Софронов Михаил Егорович онтон да атыттар тиритэ-хорута үлэлээн ааспыттара…

1970-с сыллар ортолоругар диэри, ГЭС уота кэлэ илигинэ ынаҕы ЗИД-4,5 бэнсиининэн үлэлиир быанан тардан, собуоттанар мотуорунан ыыллар этэ. Дьиэлэргэ чүмэчиннэн, кыраһыын лаампатынан сырдатынааччыбыт. Умнан кэбиһэн баран күһүн дэриэбинэҕэ киирдэххэ, лаампа уота сырдыгын сөҕө санааччыбыт.

Оччолорго пиэримэҕэ элбэх да киһи үлэлээн-хамсаан ааспыта. Оччотооҕу дьон үлэҕэ көхтөөх, туруоруммут соруктарын ситиһэргэ дьулуурдаах этилэр. Киин отделение үлэһиттэриттэн Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин VII ыҥырыытыттан X ыҥырыытыгар диэри субуруччу дьокутаат буолар үрдүк чиэскэ тиксибиттэрэ: Васильева Мария Никифоровна Чаппанда отделениетыгар үлэлии сылдьан, ыанньыксыт Захарова Евдокия Михайловна, субай сүөһү көрөөччү Ноговицына Лидия Семеновна уонна тарбыйах көрөөччү Степанова Розалия Ивановна. Ону таһынан ССРС «Бочуот Знага» уордьанынан Васильева Мария Никифоровна, Николаева Ирина Семеновна, Петрова Анна Степановна уонна биригэдьиир Илларионов Петр Гаврильевич наҕараадаламмыттара.

Уопсайынан, оччотооҕу пиэримэҕэ үлэлиир ыанньыксыттар, ньирэй көрөөччүлэр, бостууктар үлэлэригэр наһаа кыһамньылаах, туруоруллубут сыалларын-соруктарын булгу толорорго дьүккүөрдээх этилэр. Ол курдук, ыанньыксыттар: Николаева Ирина Семеновна, Захарова Валентина Николаевна, Николаева Феодосия Семеновна (Сөдүөччүйэ), Хабакова Мария Николаевна, Петрова Анна Степановна, Степанова Мария Романовна, Хабакова Вера Никифоровна, Захарова Аграфена Николаевна (Мархаас эмээхсинэ) табаарынай биригээдэҕэ Николаева Анна Андреевна, Спиридонова Надежда Алексеевна, Тараярова Зинаида Семеновна, Захарова Мария Титовна, Андреев Моисей Афанасьевич, Иванова Розалия Николаевна, бостууктар Обоев Иона Петрович, Мартынов Степан Алексеевич, Татаринов Семен Павлович (Бөккөн), Павлов Прокопий Иванович (Килибээй) уонна да атыттар үрүҥ илгэ үрүлүйэригэр үгүс сыраларын биэрбиттэрэ.

Кинилэртэн Прокопий Иванович (Килибээй) устар ууну сомоҕолуур, уус-уран тыллаах, тута хоһуйан сытыы кылыс тыллардаах, күлүүлээх да, баай ис хоһоонноох да, оччотооҕу олоҕу чопчу ойуулаан көрдөрөр ис хоһоонноох, этиилэрдээх хоһооннору ааһан иһэн хоһуйан кэбиспитин дьоннор сөбүлээн начаас нойосуус үөрэтэн ааҕан субурутааччылар… Ол курдук, дьон ылынар, сөбүлүүр айымньыларын хаалларыах киһи сурукка тиһэн, кэнчээри ыччакка хаалларбахха барбыта хомолтолоох…


Сайылыкка баар оҕолор үлэбит элбэх этэ. Хас ыам бүттэҕин аайы мас күрдьэҕинэн күрдьэн, сүөһү киититтэн сүөһү хааллар далыгар сүүһүнэн ынахха анаан түптэ бэлэмнээһинэ, тарбыйахтарга, ыал иитэр сибиинньэлэригэр от үргээһинэ, тарбыйах сылгылааһына, харчааҕы көрөн сибинньэлэргэ, кууруссаларга мунду буһарыыта — биһиги күннээҕи эбээһинэспит этэ. Ону таһынан күөлтэн далаһанан киирэн, биэдэрэнэн уу баһан таһааран, чох сылабаарыгар чэй өрөөһүнүгэр, ким сылабаара урут оргуйарыгар куоталаһыылаах буолааччы. Кыра сылдьан сылабаарбыт туолбакка иккилиитэ кырыныы кытта буолааччы. Ону таһынан оттуу барбыт бостуугу солбуйан, ыам икки ардыгар ынахтары бостууктаан иилиҥкэйдэнии. Аны туран, эдэр кыргыттар ыанньыксыттыы кэллэхтэринэ, субуотаҕа таансылыы баралларыгар кэмпиэт туһугар ынахтарын ыан бурҕаҥнаһыы буолааччы… Киэһэ аайы араас оонньуу барыта баар этэ — лапталааһын, городки тамнааһын онтон да араас… Киэһэ нэһиилэ сылгылаталаан, орону буллартааччылар… Аны санаатахха, астык да кэмнэр ааспыттар эбит…
Сотору-сотору сопхуос рабкообун автолавка диэн массыыната навигацияҕа баржанан саҥа кэлбит наадалаах табаары, бородууктаны аҕалааччы. Манна Иванов Николай Михайлович (Нуучалба уола) диэн киһи үлэлиир этэ. Онтун быыһыгар таһаҕас тиэйэр массыынанан маҕаһыыннар табаар арааһын аҕалан, атыы-тутуу бөҕө буолаллара. Кулууптар сотору-сотору агитациялыыр биригээдэни тэрийэн, кэнсиэрт көрдөрөллөрө, сибиэһэй хаһыат аҕалаллара. Бибилэтиэкэлэр саҥаттан саҥа кинигэни аҕалаллара, ол иһигэр уларсыһа сылдьан ааҕарга анаан араас тиэмэлээх кинигэни хааллараллара. Лиэктэрдэр аан дойду, өрөспүүбүлүкэ тула сонуннары кэпсээн ырыталлара, киинэ мэхээнньигэ Токусаров Николай Ефремович көһө сылдьар киинэ массыынатынан сылдьан киинэ көрдөрөрө. Инньэ гынан, чуҥкуйар бириэмэ суох буолааччы…

Биһиги сайылыыр сайылыкпытыгар Ирина Семеновна, Иона Петрович Обоев аҕыс, Яковлева Валентина Николаевналаах, Аграфена Николаевналаах (Мархаастар) 6-лыы оҕолоохторо, онтон биһиги 8 бииргэ төрөөбүттэр этибит. Ону таһынан атын ыаллар эмиэ хастыы да оҕолордоох этилэр. Балартан 4-с, 5-с кылаастан атын сиргэ үлэлии барбатах оҕолор бары сайылыкка мустарбыт. Инньэ гынан, күнү быһа сайылык иһэ оҕо аймах саҥатынан-иҥэтинэн оргуйан олороро. Сайылыкка үксүгэр 4-5 ыал сайылыыра. Сайылык ыаллара бары уопсай тылы булан аһара иллээхтик олорооччубут. Оҕолор даҕаны иирсэ-охсуһа сылдьааччыбыт суох. Сайылыкка ханнык оҕолор ханнык ыанньыксыты солбуйалларын, кимнээх бостууктуу баралларын, оҕолор бэйэбит икки ардыбытыгар боруоктаһан туран кэллэхпитинэ ким буруйдааҕын быһааран иллэһиннэртээччи оруолун саамай аптарытыаттаахпыт Ирина Семеновна (Обуой Өрүүнэ) толорооччу. Кини тыла бүтэһик туочуканан буолааччы. Билиҥҥинэн ыллахха, сайылыкпытыгар мировой судьуйа оруолун толорооччу буолара.

Сайылыкпытыгар үс кырдьаҕас эмээхсин бааллара: Хабакова Прасковья Александровна (Хабакова Маайа ийэтэ), Куприянова Марфа Алексеевна (Мархаастар ийэлэрэ) уонна Илларионова Анастасия Семеновна (биһиги эбээбит). Кинилэр туос хастаан, эҥин араас сиэдэрэй оҥоһуулаах туос иһиттэри тигэллэрэ уонна сайылыкка баар ыалларга түҥэтэллэрэ. Эбээбит сорох тигиилэрэ баччааҥҥа диэри биһиэхэ ыскаап киэргэлэ буолан тураллар. Биһиги эбээбит маны таһынан сылгы кылынан ситии хатан, эҥин араас акка туттарга анаан быа-туһах, көнтөс, сулар таҥалайдыы тигэн таһаарара көрүөххэ дьэрэкээн буолара. Ону тройка көлүйэллэригэр, отделение сүүрүк аттарыгар, аҕам күүлээһэй сыарҕаҕа, миинньэр да атыгар туттааччы. Кэлин мин улаатан баран сылгыһыттыы сылдьан, киэргэллээх ат сэптээх буолааччыбын. Аны туран эмээхситтэриҥ оччотооҕу улахан баҕайы фанера табаах таараларыгар куоталаһа-куоталаһа отоннууллара, дьэдьэннииллэрэ. Саамай интириэһинэйэ диэн, сэрии саҕанааҕы олохторун туоһунан иистэнэ олорон кэпсииллэрин, төһө да чолоҕордор буолларбыт, син киэһэттэн киэһэ сэргээн истэн олорорбут.


Сайылыкка көһөн таҕыстахтарына сопхуос, отделение салалтатын, олохтоох кулууп тэрийээһиннэринэн кымыс үрдэ диэн сүөһү үлэһиттэригэр анаан бырааһынньык тэриллээччи. Ол бэйэтин таһымынан ыһыах курдук буолааччы. Онно үлэ бастыҥнарын чиэстииллэрэ, туох ситиһиилэммиттэрин, инники соруктарын ырытыһаллара, сайылыктар икки ардыларыгар успуорт күрэхтэригэр ууга-уокка түһүү буолан ылара. Сүөһү өлөрөн, сибиэһэйдии уостарынан үллэстэллэрэ. Ону таһынан түүн хойукка диэри үҥкүү, оһуохай буолара…

Ол тэрээһин үксүгэр Туойдаах сайылыгар кииннээн ыытыллан, отделение бары сайылыктарыттан ыанньыксыттар, ньирэй көрөөччүлэр, бостууктар, үүт таһар массыына суоппардарын сэргэ, отделение, сопхуос салалтатыттан бэрэстэбиитэллэр баар буолааччылар. Сүрүн «ыалдьыттар” биһиги, оҕолор, буолааччыбыт. Онно ким арагаайката ырааҕы тэбэригэр, чаачар саата төһө табыллан оҥоһуллубутугар кытаанах күрэхтэр буолааччылар. Сороҕор бостууктар аттарын сүүрдэн күрэхтэһиннэрэн, ыһыы-хаһыы бөҕө буолуллара.


Уопсай үлэҕэ көхтөөх, туруоруллубут соругу толорорго бириэмэлэрин аахсыбакка, уопсай үлэ туһа диэн доруобуйаларын да харыстаммакка, Ийэ дойдуларын туругурарын туһугар үлэлээн-хамсаан ааспыт дьоммутун куруук өйдүү-саныы сылдьыаҕыҥ. Кинилэр холобурдарыгар үүнэр көлүөнэбитин иитэн, дойдуларын, нэһилиэктэрин дьиҥнээх патриоттарын иитэн таһаартыахха.

Валерий ИЛЛАРИОНОВ, Тойбохой, Тэҥкэ нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, Сунтаар улууһун сайдыытыгар үтүөлэрин иһин анал бэлиэ хаһаайына.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

25 минут ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

15 часов ago