Аны хирурдар тустарынан сериалы көрүөхпүт
Алтынньы 7 күнүттэн күөх экраҥҥа “Саха” Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа “Хируурдар” диэн саҥа сериалын көрүөхпүт.
Ситиhиилээх хирург, ытыктанар эмчит Софронов биир идэлээх эдэр быраастарын Айаалы уонна Айыынаны кытары суhал хирургия салаатыгар күннэтэ дьону быыhыыр түбүктээх. Софронов ыра санаата, дьулуhар дьыалата — хирургия анал киинин тэрийии. Туохтааҕар да кырдьыгы, суобаhы өрө тутар уонна олоҕун онон сирдэтэр.
Пантелеев — эмчиттэри бэрэбиэркэлиир тэрилтэҕэ үрдүк дуоһунастаах. Кини олоххо табыллыы баайтан-дуолтан, үрдүк солоттон тахсар диэн бигэ санаалаах. Кини курдук дьону «Уол оҕото» диэн ааттыыллар.
Саҥа сериал сценариһа – Кэрэмэс Сыдьаай, режиссера – Марина Платонова.
Сүрүн оруолларга Александр Бурнашов, Ева Шамаева-Шакор, Иван Шамаев оонньууллар.
«Бу сериал хирурдар ыарахан үлэлэрин арыйар соруктаах, ол эрээри, уус-уран айымньы буоларын умнуо суохха наада. Айымньыга көстөр сыаналар барыта өйтөн оҥоһуу буолаллар. Мин санаабар, бу сериал — сонун көстүү. Тоҕо диэтэххэ, эмчиттэр, хирурдар үлэлэрин туһунан улахан хабааннаах киинэ, сериал тахса илик.
Сериалы уһулар ыарахан этэ. Тоҕо диэтэххэ, биһиги мэдиссиинэҕэ сыһыана суох дьоммут. Сериалы Мэдиссиинэ национальнай киинигэр устубуппут. Онон үлэһиттэргэ мэһэйдээбэт, уустук балаһыанньаны үөскэппэт туһугар эбиэттэн киэһээ үлэлиирбит. Ол иһин, сериалы устууну олунньуга саҕалаан баран, от ыйыгар биирдэ түмүктээбиппит. Биһиги эпэрээссийэ хосторугар устубуппут. Онно артыыстары кытары үлэлии сылдьар анестезиологтар, эпэрээссийэ сиэстэрэлэрэ кыттыбыттара. Уһуллубут дьон эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыттара. Онон биһиги сериалбытын элбэх эмчит көрөөрү кэтэһэ сылдьарын билэбит», — диэн «Саха» НКИХ сериал сулууспатын туруорааччы режиссера Марина Платонова кэпсээтэ.
Сүрүн оруолу толорооччу, СӨ норуодунай артыыһа Александр БУРНАШОВ:
-Мин киинэҕэ улахан оруолга бастакыбын оонньоотум уонна киинэ олус дьикти эйгэтигэр киирэммин, дьоруойбун кытары биир олоҕу олорон аастым диэхпин сөп.
Бииргэ оонньооччуларым сорохторо улахан маастардар, сорохторо сыһыана суох да дьон түбэстэ, барыларыттан олус элбэххэ үөрэнним.
Киһи олорорун тухары үөрэнэр дииллэрэ саамай сөп эбит.
Киинэ ис хоһоонунан үрүҥ халааттаах аанньалларга: кинилэр түбүктээх үлэлэригэр уонна идэлэригэр толору бэриниилээхтэригэр ананар. Онон эмчит идэтэ уустугун эппинэн-хааммынан биллим. Устуулар кэмнэригэр балыыһа үлэһиттэрэ олус көмөлөспүттэрэ, онон махталбыт мунура суох.
Саха национальнай тэлэбидиэнньэтин олус үчүгэй хамаандата үлэлээтэ. Бары биир киһи курдук түргэн туттуулаахтар, уопсайынан маастардар диэн сыаналаатым.
Мин итинник күүстээх хамаандаҕа киирсэн алтыһан, үлэлээн ааспыппар дьылҕабар махтанабын. Көрөөччүлэрим миигин атын өттүттэн көрүөхтэрэ, билиэхтэрэ дии саныыбын.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: