Өймөкөөн Томторугар Олоҥхо ыһыаҕар Итэҕэлгэ суолта бэриллиэҕэ
Бу күннэргэ суолталаах тэрээһиҥҥэ ирдэнэр регламент чэрчитинэн эбийиэктэри тутуу тэтимнээхтик бара турарын, Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт чилиэннэрэ: Ил Дархан сүбэһитэ, Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн режиссера Андрей Борисов, култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, тутуу миниистирин солбуйааччы Евгений Афанасьев, оройуон баһылыгын э.т. Александр Иванов, улуустааҕы тэрийэр кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрэ, нэһилиэктэр баһылыктара «Көмүс Күрүө» этнографическай комплекска тутулла турар эбийиэктэргэ сылдьан, үлэ хаамыытын илэ көрдүлэр-иһиттилэр.
Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн режиссера Андрей Борисов, култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрүстүлэр.
ТУТУУ ТЭТИМНЭЭХ
«Сүрүн түһүлгэни» былырыын «Уран» дизайн-устуудьуйа туппут буолан, бэлэм турар. Олоҥхо ыһыаҕын тутууларын ыытар бэдэрээтчит тэрилтэ салайааччыта Родион Ефремов бүгүҥҥү күҥҥэ бара турар үлэни билиһиннэрбитинэн, бу күннэргэ тутуу биригээдэлэрэ «Олоҥхо түһүлгэтэ», «Туос ураһа», «Күнү көрсүү түһүлгэтэ», «Оҕо балаҕана», «Тойон Аан» эбийиэктэри таҥан туруоран эрэллэр.
«Туос ураһа» каркааһын, ыалдьыттары көрсүү сэргэлэрин былырыын «Уран» дизайн-устуудьуйа оҥорбут. “Ураһа туоһа, сэргэ-остуолбалар оһуордара эмиэ эрдэттэн оҥоһуллубуттара. Кыһыҥҥы кэмҥэ былааннаммыт үлэбитин тохтоппотохпут. Үөһээ Бүлүүнэн, Дьокуускайынан тимиринэн, маһынан, туоһунан сүрүн үлэлэри оҥоро сылдьыбыппыт. «Олоҥхо түһүлгэтэ» эбийиэк тимир конструкциянан таҥыллар. Онон манна миэстэтигэр хомуйар, таҥар үлэни ыытабыт. «Тойон ааҥҥа» 52 оһуор сыһыарылларга бэлэм сытар. 8 маһынан кыһыллыбыт сүүрэн эрэр аттар оҥоһуктарын Дьокуускайга оҥорон аҕалбыппыт. «Күнү көрсүү» эбийиэк сэргэлэрин эмиэ киин куоракка оҥорон бэлэмнээбиппит. Ол оҥоһуктар бары Томторго кэлэн, ону таҥан туруоруохпут. Олоҥхоһут оҕолор балаҕаннара тутулла турар. Киин түрүбүүнэ 39 туонна тимир тирэҕэ бу күннэргэ кэлэн, үлэ күөстүү оргуйар.
Тутааччыларга анаан икки олорор дьиэни арыандалаабыппыт. «Долженков ИП» чааһынай тэрилтэ гарааһын кэпсэтэн, Олоҥхо ыһыаҕын эбийиэктэрин матырыйаалларын киниэхэ уурдаран сытыарабыт. Үлэлиир сирбититтэн барыта чугас”, – диэн кэпсиир Родион Родионов.
Бүгүҥҥү күҥҥэ «Көмүс Күрүөҕэ» эрбии, сүгэ тыаһа үлэ тэтимнээхтик барарын туоһулуур. «Аал Луук Мас» тимир каркааһын «Уран» дизайн-устуудьуйа былырыын туруорбут буолан, үлэтэ барыта бүтэн турар. Быйыл таҥыллара уонна киэргэтиллэрэ эрэ хаалла. Билигин манна «Уран» дизайн-устуудьуйа сүрүн маастара Василий Яроев тутар биригээдэтэ үлэлии сылдьар. Сыбаарсыктар, суоппардар, тутааччылар биригээдэлэрэ күн аайы үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Өссө икки биригээдэ кэлэн холбоһуоҕа. Онон үлэ тэтимнээхтик барар.
БЭС ЫЙЫН ОРТОТУТТАН БЭЛЭМНЭНИИ САҔАЛАНЫАҔА
Томтордооҕу култуура киинигэр Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн режиссера Андрей Борисов, култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев олохтоохтору кытта көрсөн бэрт иһирэхтик кэпсэттилэр, сүбэлэстилэр.
Афанасий Ноев: “Дьокуускайтан кэлэр тэрийээччилэр уонна тыйаатыр артыыстара, үҥкүү кэлэктииптэрэ – барыта 200-тэн тахса киһи, театрализованнай көстүү кыттааччылара 160-ча буолуохтара. Кинилэр бэс ыйын 20-25 күннэригэр Томторго баар буолуохтара. Андрей Борисов бу кэмҥэ режиссер быһыытынан кыттааччылары кытта театрализованнай көстүүнү бэлэмниэҕэ”, – диэн чуолкайдаата. Кини сүрүннээн, тэрээһиҥҥэ кыттар оҕолору улахан дьону кытта бииргэ түһэрбэт гына толкуйдааҥ диэн тэрийэр хамыыһыйалары соруйда.
ИТЭҔЭЛ ЫҺЫАҔА
Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн режиссера Андрей Борисов уопсастыбаннаһы кытта көрсүһүүтүн кэмигэр “Саха сирэ” хаһыакка тахсыбыт бэйэтин интервьютун түҥэттэ. Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн хаһыат эрэдээксийэтэ ааспыт чэппиэрдээҕи нүөмэр 100 экземплярын босхо биэрэн, туһугар, анал өйөбүл аахсыйаны оҥордо.
Андрей Саввич кэпсэтиитин ис хоһооно “Этиттэриилээх Олоҥхо ыһыаҕа – Өймөкөөҥҥө” интервью сүнньүнэн барда. “Хас түөлбэ дойду аайы тус-туспа көстүү буолар: сирэ-уота, дьоно-сэргэтэ тус-туспа ирдэбили туруорар. Онон “итинник буолуохтаах, маннык гыныллыахтаах” диэн мөккүһүү барыа суохтаах. Үөһээ халлаан Айыылара бэйэлэрэ “сибигэнэйэн” салайан биэрэллэр. Түөлбэ сирэ ханна турарыттан тутулуктаах: хайалаах сиргэ – биир, алаас дойдуга – атын. Күнүн-дьылын туруга кытта араастаһар. Быйылгы ыһыахха Алгыска болҕомто ууруллуоҕа. Сүрүн сорукпут – Итэҕэлгэ суолта биэрии. Олоҥхо сюжетын аныгы олоҕу кытта алтыһыннаран, балачча үчүгэй театрализованнай көстүү буолуоҕа”, – диэн бэлиэтээтэ сүрүн режиссер.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: