Аны күһүн премьералары күүтэбит

Share

Самаан сайын кэллэ. Сахаларга бу кэм дьыл саҕаланыыта буолар. Айылҕа тиллэр кэмэ үлэ араас эйгэтигэр сабыдыаллаах. Холобур, киинэ эйгэтигэр сайын кэлиитэ “хонууга үлэ” сезона саҕаламмытынан ааҕыллар. Аны кэлэр күһүҥҥэ диэри Саха сиригэр уһуллубут киинэ премьераларын көрөрбүт саарбах.

Онон ааспыт сезон ордук өйдөнөн хаалбыт бырайыактарын саныаххайыҥ. Даҕатан эттэххэ, 2022-2023 сыллар бэрт үчүгэй айымньылары көрөөччүлэргэ бэлэхтээтэ. Наҕараадалары хомуйбут, каасса саҥа чыпчаалларын дабайбыт, көрөөччү тапталын сүүйбүт бырайыактары кылгастык ырытан көрүөҕүҥ.

“ЗИНА УОННА ЛЕХА”

Бу киинэни ааспыт сыл бастыҥ киинэлэрин кэккэлэригэр киллэрэри сорох эс­­пиэрдэр соччо-бачча сөбүлэ­һиэхтэрэ суоҕа. Ол эрээри, уус-уран киинэ култуура эрэ көстүүтэ буолбатах. Киинэҕэ сыана быһыы биир сүрүн көрдөрүүтүнэн төһө үбү-харчыны киллэрбитэ эмиэ аахсыллар. Бу өттүнэн “Зина уонна Леха” – үрдүк ситиһиилээх быра­йыак. Быракаат бастакы үс нэдиэлэтигэр 11,5 мөл. солк. кэриҥэ “каассаны” киллэрбитэ биллэр. Бэрт судургу ис хоһоонноох кэмиэдьийэ көрөөччү биһирэбилин сүүйэн 20 мөл. муҥутуур элбэх билиэти атыылаабыт сахалыы киинэлэр кэккэлэригэр турбута. Буоларын курдук, бу сатаммыт продюсерскай бырайыак салҕааһыннаах буол­бута. “Зина уонна Леха. Саҥа дьыл” диэн киинэ иккис чааһа тахсыбыта. Бу кэмиэдьийэ ааспыт сезон “каасса” өттүгэр бастыҥ бырайыага буолуохтаах этэ эрээри, атын айымньы бастакы миэстэттэн үтүрүйбүтэ.

“ПЕСНИ ЛЕТА”

Дмитрий Давыдов биир саамай дьикти үлэтэ киинэ ты­­йаатырдарыгар улахан тыаһа-ууһа суох тахсан, үгүс көрөөччү хараҕын далыгар киирбэккэ ааспыта. Ол эрээри “Сайын ырыаларын” сатамматах бырайыагынан ааҕар сыыһа. Бу, өр кэм ааспытын да кэнниттэн, көрөөччү төннөн кэлэ-кэлэ ааптар тугу этиэн баҕарбытын таайа сатыан баҕарар гына оҥоһуллубут айымньы. Режиссер соруйан элбэх таайтарыыны олус дириҥник кистээбитэ көстөр. Сорох көстүүлэрин тойонноон көрдөххө, киһи орто дойдуга кэлиитин туһунан олоҥхоҕо олоҕуруу баар, түҥ былыргы аптаах ритуаллары саҥалыы көрүү сэрэйиллэр. Уустук устуулаах, сатабыл­лаах таҥыылаах дьикти хартыына. Бу абстрактнай айымньыны кэлэр көлүөнэ көрөөччүлэр, киинэ устааччылар чинчийэ, өйдүү сатыахтара.

“ЭДЭР СААС”

Өскөтүн “Песни лета” киһи өйдүүрүгэр бэрт уустук айымньы эбит буоллаҕына, “Эдэр саас” судургу ис хо­­һоонноох. Ол эрээри, олохтоох киинэни таптаан көрөөччүлэр сорохторо Давыдов киинэлэригэр тоҥуйдук сыһыаннаһаллар. Ааптары “Саха сирин бөрүкүтэ суох өттүттэн көрдөрөр” диэн буруйдааччы аҕыйаҕа суох. Омос көрдөххө, “Эдэр саас” кырдьык, хараҥа өҥүнэн уруһуйдаммыт, ускул-тэскил олохтоох бэһиэччик төрөөбүт дэриэбинэтигэр төннүүтүн туһунан сэһэргиир нүһэр драма.

Дьиҥэр, бу айымньы чычаас соҕустук кистэммит түгэхтээх – анараа дойдуга барыан иннинэ сирин-уотун кэрийэ сылдьар дууһа аньыыларыттан ыраастана сатыырын туһунан кэп­­сээн. Режиссер “Хардыы” панк-рок бөлөх ырыаларын таба тайанан истэн, иэйиитэ киирэн устубут үлэтэ.

“БИҺИГИ КЫҺЫММЫТ”

2022-2023 киинэ сезонун Амматтан төрүттээх икки режиссер аҥаардастыы баһылаабыттара көстөр. Степан Бурнашев тиһигин быспакка үлэлиир ааптар бу кэрчиккэ эмиэ икки киинэтин сүрэхтээбитэ. “Биһиги кыһыммыт” – Саҥа дьыл иннинэ быракаакка тахсыбыт мелодрама элбэх киһи ыарыылаах тиэмэтин таарыйбытын көрдөрбүтэ. Социальнай ситимнэргэ ырытыы, мөккүөр күүскэ күөдьүйбүтэ. Уус-уран айымньы ааптардара дьиэ кэргэн арахсыытын туһунан кыһалҕаны атын хайысхаттан көрдөрөллөр. Экраҥҥа көстөр сэһэн дьо­­руойдара иккиэн эдэрдэр, арахсар сылтахтара туораттан көрдөххө, наһаа улахана суох. Ол эрээри, режиссер сыана быспат, хайаларын даҕаны буруйдаабат. Оннооҕор туохтан сылтаан дьиэ кэргэн ыһыллыбытын ааптар чинчийэ са­­таабат. Арахсыы сорох түгэҥҥэ сөптөөх быһаарыныы буо­луон сөп дуо? Аныгы олоххо дьиэ кэргэни харыстыыр туһугар төһө күүһү барыахха сөбүй? Бу курдук ыйытыылар Саха сирин киинэлэригэр, айымньыларыгар өссө туруорулла иликтэр быһыылаах.

“АЙТА”

“Айта” – психологическай триллер Саха сирин киинэһиттэрэ Арассыыйа быракаатыгар тахсарга уочараттаах сити­һиилэринэн буолар. Олохтоох продюсердар “Сайсары күөлгэ…” детектив киинэ быракаакка тахсыаҕыттан Саха сиригэр оҥоһуллубут бырайыагынан хаста даҕаны дойду киэҥ быракаатыгар тахса сатаабыттара эрээри, улахан ситиһии билигин даҕаны кэлэ илик. Ол эрээри, сылтан сыл сөптөөх ха­­йысхаҕа үлэ бара турара көстөр. “Айтаны” Арассыыйа киин эрэгийиэннэригэр куһаҕана суохтук көрсүбүттэрэ көстөр.
Ону киинэ “каассата” туоһулуур. “Айта” эрдэ этиллибит “Зина уонна Леха” киинэни “каасса” көрдөрүүтүнэн бастакы миэстэттэн халбарыппыта. Бүгүҥҥү күн туругунан, бу киинэ барыс киллэрии муҥутуур чөмпүйүөнэ. Ол курдук, Степан Бурнашев хартыыната өр сыллаах рекордсмены, «Агент Мамбо» кэмиэдьийэни (16,6 мөл. солк.) аһары түһэн, 25 мөл. солк. тахса суумаҕа билиэт атыыламмыт. Манна олус кичэллээхтик таҥыллыбыт продюсер­дааһын үлэтэ уонна биллэн турар, киинэ тыҥааһыннаах ис хоһооно улаханнык көмөлөспүттэрэ.

“КЭРЭНИ КӨРБҮТ”

Тус бэйэм санаабар, Люба Борисова “Кэрэни көрбүт” уус-уран киинэтэ – Саха сирин култууратыгар сабыдыаллаах сүдү айымньылар кэккэлэригэр турар кыахтаах үлэ. “Мин үрдүбүнэн күн хаһан да киирбэт” диэн ааттаах айымньыта аан дойдуга бэрт улахан биһирэбили ылбыта эрээри, иккис киинэтэ тугунан да тэҥнэммэт үрдүк таһымнаах үлэ буолан тахсыбыт. Ол эрээри, бу киинэ ымпыгын-чымпыгын саха тылын, үгэһин, олоҕун үчүгэйдик билэр эрэ киһи толору сыаналыыр кыахтаах дириҥ ис хоһоонноох айымньы. Худуоһунньук Иван Попов уонна кини атаһа Ыстапаан Бөрөсүөкэп айаннарын туһунан сэһэн хас даҕаны араҥа­лаах, ону барытын өйдүүр туһугар бу киинэни хаста даҕаны төхтүрүйэн көрүөххэ сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago