Аны путевканан албыннаабыттар
Дьон харчытын ылар туһуттан түөкүттэр тугу толкуйдаабатахтара баарай?! Аны санаторийга путевканан диэн төлөпүөннээн бараннар, Дьокуускайга олорор биэнсийэлээх дьахтартан 800 тыһ. солк. ылбыттар.
Түөкүттэр аҕам саастаах дьону угаайыларыгар киллэрэ сатыыллара үксүүр. Ол курдук, 76 саастаах биэнсийэлээх полицияҕа үҥсүү суруйан киллэрбит. Киниэхэ билбэт дьахтара куорат поликлиникатыттан эрийэр аатырбыт. Эмсэҕэлээччи сыл анараа өттүгэр санаторийга сынньанаары сайабылыанньа биэрэн турардаах эбит. Ол уочарата кэлбитин туһунан эппит уонна приемҥа кэлэригэр этэн баран, страховой сибидиэтэлистибэтин нүөмэрин ыйыппыт. Биллэн турар, кырдьаҕас киһи этэн биэрбит. Салгыы билбэт киһитэ төлөпүөннээн ыйыы кэрдии биэрбитин толорбут. Бу кэнниттэн төлөпүөнэ барбат да, кэлбэт да буолан хаалбыт. Ол эрэ кэнниттэн эмсэҕэлээччи счетуттан 800 тыһ.солк. сүппүтүн быһаарбыт.
Маны таһынан өссө 21 саастаах икки устудьуон түөкүттэргэ киирэн биэрбиттэр. Устудьуоннары чэпчэкитик харчылаһыахха сөп диэн албыннаабыттар. Буоларын курдук, билбэт дьонноро эрийбиттэр, харчылаһар туһунан «сырдаппыттар». Устудьуоннар итэҕэйэн сөбүлэспиттэр. Эдэр дьон кирэдьиит ылбыттар уонна түөкүттэр ыйбыт счеттарыгар ыытааччы буолбуттар. Устудьуоннар 100 уонна 580 тыһ.солк. ыытан баран биирдэ угаайыга киирбиттэрин өйдөөбүттэр.
Ытыктабыллаах гражданнар! Билбэт дьоҥҥут этиилэринэн араас сыһыарыылары төлөпүөҥҥүтүгэр туруорунумаҥ. Сэрэхтээх буолуҥ! Төлөпүөннээбит дьон ыйыыларынан-кэрдиилэринэн харчыгытын онно-манна ыытымаҥ, уурдарымаҥ. Бэйэҕит тус дааннайгытын кимиэхэ да этимэҥ. Дьоҥҥутун, кырдьаҕастаргытын, аймахтаргытын түөкүттэртэн сэрэтиҥ.
Маны сэргэ, харчыгытын саарбах инвестиционнай бырайыактарга уурдарымаҥ. Чэпчэкитик уонна түргэнник харчылаһары түөкүттэр эрэ сүбэлииллэр. Оннук рекламаларга итэҕэйимэҥ.
СӨ ИДьМ пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: