Аны путевканан албыннаабыттар

Share

Дьон харчытын ылар туһуттан түөкүттэр тугу толкуйдаабатахтара баарай?!  Аны санаторийга путевканан диэн төлөпүөннээн бараннар, Дьокуускайга олорор биэнсийэлээх дьахтартан 800 тыһ. солк. ылбыттар.

Түөкүттэр аҕам саастаах дьону угаайыларыгар киллэрэ сатыыллара үксүүр. Ол курдук, 76 саастаах биэнсийэлээх полицияҕа үҥсүү суруйан киллэрбит. Киниэхэ билбэт дьахтара куорат поликлиникатыттан эрийэр аатырбыт. Эмсэҕэлээччи сыл анараа өттүгэр санаторийга сынньанаары сайабылыанньа биэрэн турардаах эбит. Ол уочарата кэлбитин туһунан эппит уонна приемҥа кэлэригэр этэн баран, страховой сибидиэтэлистибэтин нүөмэрин ыйыппыт. Биллэн турар, кырдьаҕас киһи этэн биэрбит. Салгыы билбэт киһитэ төлөпүөннээн ыйыы кэрдии биэрбитин толорбут. Бу кэнниттэн төлөпүөнэ барбат да, кэлбэт да буолан хаалбыт. Ол эрэ кэнниттэн эмсэҕэлээччи счетуттан 800 тыһ.солк. сүппүтүн быһаарбыт.

Маны таһынан өссө 21 саастаах икки устудьуон түөкүттэргэ киирэн биэрбиттэр. Устудьуоннары чэпчэкитик харчылаһыахха сөп диэн албыннаабыттар. Буоларын курдук, билбэт дьонноро эрийбиттэр, харчылаһар туһунан «сырдаппыттар». Устудьуоннар итэҕэйэн сөбүлэспиттэр. Эдэр дьон кирэдьиит ылбыттар уонна түөкүттэр ыйбыт счеттарыгар ыытааччы буолбуттар. Устудьуоннар 100 уонна 580 тыһ.солк. ыытан баран биирдэ угаайыга киирбиттэрин өйдөөбүттэр.

Ытыктабыллаах гражданнар! Билбэт дьоҥҥут этиилэринэн араас сыһыарыылары төлөпүөҥҥүтүгэр туруорунумаҥ. Сэрэхтээх буолуҥ!  Төлөпүөннээбит дьон ыйыыларынан-кэрдиилэринэн харчыгытын онно-манна ыытымаҥ, уурдарымаҥ. Бэйэҕит тус дааннайгытын кимиэхэ да этимэҥ. Дьоҥҥутун, кырдьаҕастаргытын, аймахтаргытын түөкүттэртэн сэрэтиҥ.

Маны сэргэ, харчыгытын саарбах инвестиционнай бырайыактарга уурдарымаҥ. Чэпчэкитик уонна түргэнник харчылаһары түөкүттэр эрэ сүбэлииллэр. Оннук рекламаларга итэҕэйимэҥ.

СӨ ИДьМ пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

16 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago