Аны саас төрүт култуура чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа
2025 сыл сааһыгар өрөспүүбүлүкэҕэ “Будущие носители “Идэтийии” төрүт култуураҕа идэтийбит маастарыстыба I чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа.
Чөмпүйэнээти олохтуур туһунан сэртипикээти Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бүгүн, ахсынньы 28 күнүгэр, А.Д. Макарова аатынан Култуура, ускуустуба кэллиэһигэр туттарда, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
“Култуура, ускуустуба кэллиэһэ көҕүлээбит бырайыага талааннаах оҕолору булууга уонна өйүүргэ туһаайыллар. Куонкурус кинилэр норуот төрүт култууратын чөл хаалларар, сайыннарар идэлэри таба тайаналларыгар көмөлөһүө. Бырайыагы олоххо киллэрэр туһугар бары улуустар оскуолаларыгар туһааннаах үлэни ыытыахха наада. Кэллиэс бу соругу кыайыа диэн эрэнэбит”, — диэтэ Сергей Местников.
Төрүт култуура чөмпүйэнээтэ бөлөхтөрүнэн ыытыллыа: юниордар – 7-12 саастаах оҕолор, сүрүн бөлөх – 13-18 саастаах улахан кылаастар үөрэнээччилэрэ, орто анал үөрэх устудьуоннара. Куонкурус маннык хайысхаларынан барыа: хомус, чабырҕах, норуот ырыата (дэгэрэҥ, дьиэрэтии), оһуохай, һээдьэ, олоҥхо.
Маны тэҥэ 18 сааһыттан хаарчаҕа суох декоративнай-прикладной айар үлэ маастардара чороону, саха быһаҕын, хомуһу оҥорууга кыттыахтара.
Олунньуга, кулун тутарга зонанан түгһүмэхтэр ыытыллыахтара, онно кыайбыттар финалга кыттыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: