Аны саас төрүт култуура чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа

Share

2025 сыл сааһыгар өрөспүүбүлүкэҕэ “Будущие носители “Идэтийии” төрүт култуураҕа идэтийбит маастарыстыба I чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа.

Чөмпүйэнээти олохтуур туһунан сэртипикээти Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бүгүн, ахсынньы 28 күнүгэр, А.Д. Макарова аатынан Култуура, ускуустуба кэллиэһигэр туттарда, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

“Култуура, ускуустуба кэллиэһэ көҕүлээбит бырайыага талааннаах оҕолору булууга уонна өйүүргэ туһаайыллар. Куонкурус кинилэр норуот төрүт култууратын чөл хаалларар, сайыннарар идэлэри таба тайаналларыгар көмөлөһүө. Бырайыагы олоххо киллэрэр туһугар бары улуустар оскуолаларыгар туһааннаах үлэни ыытыахха наада. Кэллиэс бу соругу кыайыа диэн эрэнэбит”, — диэтэ Сергей Местников.

Төрүт култуура чөмпүйэнээтэ бөлөхтөрүнэн ыытыллыа: юниордар – 7-12 саастаах оҕолор, сүрүн бөлөх – 13-18 саастаах улахан кылаастар үөрэнээччилэрэ,  орто анал үөрэх устудьуоннара. Куонкурус маннык хайысхаларынан барыа: хомус, чабырҕах, норуот ырыата (дэгэрэҥ, дьиэрэтии), оһуохай, һээдьэ, олоҥхо.

Маны тэҥэ 18 сааһыттан хаарчаҕа суох декоративнай-прикладной айар үлэ маастардара чороону, саха быһаҕын, хомуһу оҥорууга кыттыахтара.

Олунньуга, кулун тутарга зонанан түгһүмэхтэр ыытыллыахтара, онно кыайбыттар финалга кыттыахтара.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан «Прямой разговор» биэриигэ кыттыаҕа

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев "Россия 24" телеханаалга ГТРК "Саха" "Прямой разговор"…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга нэдиэлэ иһигэр 44 бэйдиэ сылдьар ыты туттулар

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга 44 бэйдиэ сылдьар ыты туттулар. Бу туһунан бүгүн Дьокуускай куорат дьаһалтатын мунньаҕар…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Куорат хоту өттө аныгы поликлиникаланна

Соторутааҕыта Дьокуускай куоракка ханна да суох улахан уонна аныгы тутуулаах СМАРТ-поликлиника Гагарин уокуругар аһылынна.  Саҥа…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Чэй – саамай тарҕаммыт утах

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Чэйи аан бастаан Кытайга иһэр буолбуттара. Үһүйээҥҥэ…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөлбэ үлэтэ — нэһилиэк олоҕо

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгин "Айтал" түөлбэтэ тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтэ. 30 сыл устата түөлбэни нэһилиэк…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нерюнгригэ оҕолор сүһүрүүлэринэн силиэстийэ хаамыыта хонтуруолга ылылынна

Арассыыйа Сэлиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Нерюнгри бассейныгар оҕолор сүһүрүүлэринэн сэлиэстийэлээһин хаамыытын тус хонтуруолугар ылла. Арассыыйа Сэлиэстийэлиир…

2 часа ago