Салгыы
Аны силиэсэр 1 миллиарды сүүйдэ

Аны силиэсэр 1 миллиарды сүүйдэ

14.03.2023, 18:45
Хаартыска: stoloto.ru
Бөлөххө киир:

10 мөлүйүөнү сүүйбүт саха ыанньыксытын туһунан “НТВ” ханаалга кытары көрдөрдүлэр. Оттон соторутааҕыта, Нижнэй Новгород куоракка олорор силиэсэр Александр Земсков “Столото” лотереяҕа 1 миллиард солкуобайы сүүйбүт диэн РИА Новости суруйар.

Александр Земсков сүүйбүтүн туһунан “Новогодний миллиард” шоу кэмигэр билбит. Ол эрээри, тута харчытын ыла сүүрбэтэх. Хас да күн итэҕэйбэккэ сылдьыбыт, онтон уоскуйан, улахан сүүйүүнү биэрии бэрээдэгин сиһилии үөрэппит. Икки ый буолан баран, олунньу ортото, Москваҕа “Столото” киинигэр тиийэн, билиэтин, дьэ, көрдөрбүт.

Сокуон ыйарынан, 1 миллиартан 150 мөлүйүөн солкуобай нолуок тутуллар, онон илиитигэр 850 мөлүйүөнү тутар эбит.

Бу сүүйүүнү өйдүү, ылына охсор ыарахан. Кэргэммин кытта соруйан тохтоон, уоскуйа түһэн баран, кэллибит. Мин билигин да итэҕэйбэппин. Миллиард диэн киһи өйүгэр батан киирбэт улахан суума. Мин бэйэм харым күүһүнэн үлэлээн иитиллэр боростуой киһибин. Ол иһин биир түгэн иһигэр миллиардер буолуом диэн санаабатаҕым, — диэн Земсков билинэр.

Земсковтар сүүйүүлэрин ыллахтарына, бастакы уочарат кирэдьииттэрин төлөөн баран, саҥа массыына атыылаһар былааннаахтар. «Харчыны матайдаабакка, бэйэ дьыалатын арыныам уонна аһымал аахсыйаҕа кыттыһыам», — диэн кини этэр.

“Новогодний миллиард” түмүгүнэн 8 мөлүйүөн билиэт сүүйүүлээх этэ, бырааһынньыктааҕы тиражка барыта 2,5 миллиард солкуобай оонньоммута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: