10 мөлүйүөнү сүүйбүт саха ыанньыксытын туһунан “НТВ” ханаалга кытары көрдөрдүлэр. Оттон соторутааҕыта, Нижнэй Новгород куоракка олорор силиэсэр Александр Земсков “Столото” лотереяҕа 1 миллиард солкуобайы сүүйбүт диэн РИА Новости суруйар.
Александр Земсков сүүйбүтүн туһунан “Новогодний миллиард” шоу кэмигэр билбит. Ол эрээри, тута харчытын ыла сүүрбэтэх. Хас да күн итэҕэйбэккэ сылдьыбыт, онтон уоскуйан, улахан сүүйүүнү биэрии бэрээдэгин сиһилии үөрэппит. Икки ый буолан баран, олунньу ортото, Москваҕа “Столото” киинигэр тиийэн, билиэтин, дьэ, көрдөрбүт.
Сокуон ыйарынан, 1 миллиартан 150 мөлүйүөн солкуобай нолуок тутуллар, онон илиитигэр 850 мөлүйүөнү тутар эбит.
— Бу сүүйүүнү өйдүү, ылына охсор ыарахан. Кэргэммин кытта соруйан тохтоон, уоскуйа түһэн баран, кэллибит. Мин билигин да итэҕэйбэппин. Миллиард диэн киһи өйүгэр батан киирбэт улахан суума. Мин бэйэм харым күүһүнэн үлэлээн иитиллэр боростуой киһибин. Ол иһин биир түгэн иһигэр миллиардер буолуом диэн санаабатаҕым, — диэн Земсков билинэр.
Земсковтар сүүйүүлэрин ыллахтарына, бастакы уочарат кирэдьииттэрин төлөөн баран, саҥа массыына атыылаһар былааннаахтар. «Харчыны матайдаабакка, бэйэ дьыалатын арыныам уонна аһымал аахсыйаҕа кыттыһыам», — диэн кини этэр.
“Новогодний миллиард” түмүгүнэн 8 мөлүйүөн билиэт сүүйүүлээх этэ, бырааһынньыктааҕы тиражка барыта 2,5 миллиард солкуобай оонньоммута.
Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…
2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан, оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…
Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…
Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024" Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…