Аныгы дьон чиэспит, суобаспыт дьыалата буоллаҕа

Аныгы дьон чиэспит, суобаспыт дьыалата буоллаҕа

12.05.2024, 16:00
Хаартыска: “Кыайыыны уһансыбыт ытык ийэлэр” кинигэттэн.
Бөлөххө киир:

Искибиэр диэн – киһи кута-сүрэ тохтуур, дууһата аһыллар, сүрэҕинэн-быарынан ылынар ураты тыын иҥэриллибит бүччүм сир, анал миэстэ. Манна дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар, үөрүүтүн-кыһалҕатын илдьэ кэлэн санаатын-оноотун сааһыланар, уһуну-киэҥи толкуйдуур, ааспыты-инникини анаарар, олоххо  тардыһыыта күүһүрэр.

 Өйдөөбөтөхтөрө, туора аспыттара

“Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ өссө 2010 сыллаахха, Улуу Кыайыы 65 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, Аҕа дойду көмүскэлигэр кырык­таах сэриигэ  өстөөҕү үлтүрүтэргэ күүс-тирэх буолбут, эрэ­йи-кыһалҕаны эҥэрдэринэн тыыр­быт, биэстиигэ тиийэ оҕолорун сүтэрбит, ол эрээри модун санааларын булгуруппатах, кыайыыга эрэллэрин сүтэрбэтэх тыыл хорсун саллааттарыгар – дьахталларга, ийэлэргэ, кинилэр аанньал ааттарын үйэтитэн, сырдык кэриэс­тэригэр сүгүрүйэн, Февронья Николаевна Малгина мөссүөнүнэн уобарастаан кэриэс­тэбил, сүгүрүйүү сибэтиэй миэс­тэтин – ураты тыын иҥэриллибит Кэриэстэбил искибиэрин олохтуурга Дьокуускай куорат оччотооҕу дьаһалтатыгар этии киллэрбитэ.

Мэр Юрий Заболев баһы­лыктаах куорат дьаһалтата этиини өйөөн, мэрия уонна эрэдээк­сийэ Улуу Кыайыы 65 сылынан Дьокуускай куоракка Сайсары күөл кытыытыгар Ийэ искибиэрин тутууга аналлаах аахсыйаны биллэрбиттэрэ. Тутууга уонна бэтэрээннэргэ көмө оҥорорго аналлаах  “Кыайыы – 65” аһымал пуонда тэриллэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан 9 мөлүйүөнтэн тахса сол­куобайдаах үп-харчы хомуллубута. Сайсары күөл үрдүгэр скульптор Афанасий Романов оҥорбут икки өйдөбүнньүгүттэн биирин талан туруору анньан кэбиспиттэрэ.

Куорат Дууматын оччотооҕу дьокутааттара, хамыыһыйа эрэдээксийэ туруорсуутун ис хоһоонун, суолтатын таба, сөпкө өйдөөбөтөхтөрө, суол­талаабатахтара. Февронья Малгина бүтэй маһыгар өйөнөн, туппут “хара суруктарын” түөһүгэр хам тутан, уолаттарын кэтэһэн суолу одуулуу турар өйдөбүнньүгүн туора аспыттара хомолто­лоох. Сахалыы халадаайын тэллэҕэ тэлээрэн, оҕо көтөҕүүлээх, холууптары көтүтэн эрэр дьоллоох, мааны дьахтары  ала-чуо Кыайыы 65 сылыгар да буолбатар, ханнык баҕарар тоҕоос­тоох түгэҥҥэ – Ийэ күнүгэр да буоллун, туруоруохха  сөп этэ. Ити кэриэтин Сайсары эбэ үрдүгэр Сайсары эмээхсин эрэйдээх тайахха тэптэрэн турара ордук чугастык ылыныллыа эбитэ буолуо.

Хаартыска: “Кыайыыны уһансыбыт ытык ийэлэр” кинигэттэн.

Биэстии-түөртүү оҕолорун сэрии мэҥиэстибитэ… 

“Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ Ийэ искибиэрин тутууга үп-харчы хомууругар дьону көҕүлүүр аахсыйаны ыытыыга кыттыспытын таһынан, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии­гэ биэстии-түөртүү оҕолорун сүтэрбит ийэлэр уонна кинилэр сырдык тыыннарын толук уурбут буойун уолаттарын ааттарын чуолкайдыыр үлэни ыыппыта. Бу үлэ, ирдээһин-чуолкайдааһын салҕанар, салҕаныа да турдаҕа.  Хаһыат  2010 сыл ыам ыйын 8 уонна  2014 сыл ыам ыйын 6 күнүнээҕи нүөмэрдэригэр өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан  20 ийэ, кинилэр 87 буойун уолаттарын ааттара-суоллара ыйыллар. Инникитин да, умнан, сүтэрэн кэбиспэккэ, ыччаппытыгар, үүнэр көлүөнэ сахаларга кэмиттэн кэмигэр сырдата, сырдык ааттарын ааттыы, долоҕойдоругар хатыы туруохтаахпыт дии саныыбын. Ити биһиги, саастаах көлүөнэ сахалар, баарбыт тухары ытык иэспит буолар.

Биэс оҕотун сүтэрбит үс ийэ: Бүлүү Балаҕаччытыттан Борисова Евдокия Яковлевна, Таатта Баайаҕатыттан Малгина Февронья  Николаевна, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕыттан Федорова Дарья (аҕатын аата биллибэт) бэлиэтэнэллэр. Манна эттэххэ, Уус Алдан улууһуттан 6 нэһилиэктэн 7 ийэ аата, ол иһигэр Дүпсүн нэһилиэгиттэн икки ийэ ааттанар. Сэттис ийэ аатын, Курбуһах нэһилиэгиттэн, түөрт уолун сүтэрбит эбэтин Винокурова Матрена  Владимировна, түөрт абаҕатын ааттарын мэдиссиинэ дуоктара, бэрэпиэссэр Михаил Михайлович Винокуров эбии киллэртэрбитэ. Бу холобур сибэтиэй испииһэк өссө да салҕаныан сөбүн туоһулуур.

Ийэлэр барахсаттар, ыар сүтүктэрин аһыытын-кутуутун быһа ыйыстан, сүрэхтэригэр хаан оҕуолуур баас оҥостон, эр санааларын киллэринэн, ты­­йыһыран тыылга кыайыыны уһансыбыттара. Күндү көмүс оҕолорун былдьаабыт, сиэбит сиэхсит өстөөххө абаларын-саталарын, сүрэхтэрин кыланыытын “барыта кыайыы, фронт туһугар!” диэн хоргу­йан, эстэн өлөллөрүн кэрэйбэккэ хара үлэнэн таһаараллара. Улуу Кыайыы сардаҕа күлүмүрдүү кыыһыахтааҕын бааһырбыт сүрэхтэринэн сэрэйэллэрэ, итэҕэйэллэрэ.

“1941-1945 cc. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэлэрин иһин”  Сталин төбөлөөх мэтээллээх эбэлэрбит, ийэлэрбит – сут-ку­­раан эҥэрдээх, ыар-баттык үлэлээх тыыл саллааттара эрэйдээхтэр, эрдэрин, оҕолорун – сэрии саллааттарын курдук, тононон, өлөн бүтээхтээн эрэллэр. Айгыраабыт, алларыйбыт доруо­буйалара, сүрэхтэрин бааһа дьайан эрдэҕэ… Бүгүҥҥү күннээххэ кинилэр дьол­лоох-соргулаах тымыр-сыдьаан ыччаттара, биирдии, биэстии да буоллун, ыар сүтүктээх, ыар олохтоох эбэлэрбит, ийэлэрбит – Улуу Кыайыыны уһансыбыт тыыл саллааттарын сырдык ааттарыгар сүгүрүйэр, кэ­­риэстиир ытык иэстээхпит, үйэтитэр эбээһинэстээхпит.

Кэриэстиир, сүгүрүйэр ытык сирдээх буолуохтаахпыт

Улуу Кыайыы 80 сылыгар  өрөспүүбүлүкэбит киинигэр – Дьокуускай куоракка – Кыайыы саллааттарын ийэлэригэр аналлаах ытык сирдээх буолуох­таахпыт. Куораппыт эдэр, кэскиллээх мэрэ Евгений Григорьев, куорат дьаһалтата, куорат Дууматын дьоку­тааттара, бу боппуруоска санаа­ларын ууран, болҕомтолорун туһаайан сөптөөх быһаа­рыныыны ылыныахтара диэн эрэниллэр, итэҕэйиллэр. Тапталлаах куоратым биир кырдьаҕас олохтооҕун быһыытынан, санаабын үллэһиннэхпинэ, Кэриэстэбил, сүгүрү­йүү искибиэрин  ыраата барбакка, 202-с түөлбэҕэ, Кыайыы болуос­сатын уонна “Туймаада хорсуннарын умнубат” мемориал икки ардыларыгар  саамай табыгастаах искибиэргэ оҥоруохха сөп. Бэйэтэ  биир кэлим комплекс буола түһэр, оҥоһуллуутун ороскуота да ама соҕус ини. Миэстэтэ кэҥэс, үүнээйи, мас олордорго анаммыт курдук, дьон-сэргэ мэлдьи сылдьар. Норуот билэр, сүгүрүйэр Февронья Николаевна Малгина мөссүөнүнэн уобарастаан, билиҥҥитэ биллэринэн биэстии, түөртүү уолаттарын сүтэрбит сүүрбэттэн тахса ийэлэр, кинилэр буойун уолаттарын ааттарын көмүс буукубаларынан суруйан үйэтитэр, норуот билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарар хайаан да наада. Аҕа дойду Улуу сэриитин устуоруйатыгар итинник саха дьахталларын курдук биэстии-түөртүү оҕолорун тэҥинэн сүтэрбит ийэлэр дойду да үрдүнэн аһара элбэхтэрэ суоҕа буолуо. Тоҕо биһиги баччааҥҥа диэри ньимиликээн буолуохтаахпытый, сэбиэскэй кэмҥэ хомуньуус баартыйа боппут, саҥардыбатах, хааһахха тыыннарбыт  буоллаҕына, билигин атын кэм. Бэйэтэ да аҕыйах ахсааннаах, сэрии барбыт сириттэн кый ыраах сытар саха омуга төһөлөөх охсууну ылан, хайдахтаах сүтүгүнэн, өлөрүн, эстэрин кэрэйбэккэ туран Ийэ дойдутун көмүскэлигэр Улуу Кыайыыны аҕалсыбытын  сыбыытыыр-сылдьар аныгы туристар, омук дьоно биллиннэр-көрдүннэр, аан дойдуга кэпсээтиннэр. Омуктары бу искибиэргэ анаан-минээн сырытыннарыахха, кэпсиэххэ-сырдатыахха наада.

Искибиэргэ  биир дойдулаахтара дойдуларын буорун, төрөөбүт-үөскээбит алаастарыттан мас, үүнээйи аҕалан олортуннар. Сахабыт сирин айгыр-силик айылҕата манна суугунаатын. Ыраас, сиэдэрэй  олбохторго олорон дьон-сэргэ бүччүм муннукка – искибиэргэ дуоһуйа сынньаннын. Кылаабынайа, ийэлэр, саха буо­йун саллааттарын тымырдара-сыдьааннара, аныгы ыччаттара, Улуу Кыайыыны ситиһиигэ хаан тардыылаах кыттыгастаах Сахабыт сирин олохтоохторо, бары төрүт-уус дьоннорун кэриэстиир, сүгүрүйэр ытык сирдэринэн буоллун.

Былаас уонна норуот санаабытын ууран ылсыстахпытына, тоҕо кыаллыа суоҕай. Ытык дьоммутун, эбээлэрбитин, ийэлэрбитин кэ­­риэстээһин, чиэстээһин, сүгүрү­йүү – аныгы дьон чиэспит, суобаспыт дьыалата буоллаҕа. Оҕо аймах дьоммутун хос эбээлэрин, хос эһээ­лэрин, эбээлэрин, эһээлэрин курдук төрөөбүт дойдуларын  таптыырга, патриоттуу  тыыҥҥа иитиэхпит, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэ кэпсээн  буолуоҕа, утум салҕаныаҕа.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: