Искибиэр диэн – киһи кута-сүрэ тохтуур, дууһата аһыллар, сүрэҕинэн-быарынан ылынар ураты тыын иҥэриллибит бүччүм сир, анал миэстэ. Манна дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар, үөрүүтүн-кыһалҕатын илдьэ кэлэн санаатын-оноотун сааһыланар, уһуну-киэҥи толкуйдуур, ааспыты-инникини анаарар, олоххо тардыһыыта күүһүрэр.
“Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ өссө 2010 сыллаахха, Улуу Кыайыы 65 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, Аҕа дойду көмүскэлигэр кырыктаах сэриигэ өстөөҕү үлтүрүтэргэ күүс-тирэх буолбут, эрэйи-кыһалҕаны эҥэрдэринэн тыырбыт, биэстиигэ тиийэ оҕолорун сүтэрбит, ол эрээри модун санааларын булгуруппатах, кыайыыга эрэллэрин сүтэрбэтэх тыыл хорсун саллааттарыгар – дьахталларга, ийэлэргэ, кинилэр аанньал ааттарын үйэтитэн, сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэн, Февронья Николаевна Малгина мөссүөнүнэн уобарастаан кэриэстэбил, сүгүрүйүү сибэтиэй миэстэтин – ураты тыын иҥэриллибит Кэриэстэбил искибиэрин олохтуурга Дьокуускай куорат оччотооҕу дьаһалтатыгар этии киллэрбитэ.
Мэр Юрий Заболев баһылыктаах куорат дьаһалтата этиини өйөөн, мэрия уонна эрэдээксийэ Улуу Кыайыы 65 сылынан Дьокуускай куоракка Сайсары күөл кытыытыгар Ийэ искибиэрин тутууга аналлаах аахсыйаны биллэрбиттэрэ. Тутууга уонна бэтэрээннэргэ көмө оҥорорго аналлаах “Кыайыы – 65” аһымал пуонда тэриллэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан 9 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайдаах үп-харчы хомуллубута. Сайсары күөл үрдүгэр скульптор Афанасий Романов оҥорбут икки өйдөбүнньүгүттэн биирин талан туруору анньан кэбиспиттэрэ.
Куорат Дууматын оччотооҕу дьокутааттара, хамыыһыйа эрэдээксийэ туруорсуутун ис хоһоонун, суолтатын таба, сөпкө өйдөөбөтөхтөрө, суолталаабатахтара. Февронья Малгина бүтэй маһыгар өйөнөн, туппут “хара суруктарын” түөһүгэр хам тутан, уолаттарын кэтэһэн суолу одуулуу турар өйдөбүнньүгүн туора аспыттара хомолтолоох. Сахалыы халадаайын тэллэҕэ тэлээрэн, оҕо көтөҕүүлээх, холууптары көтүтэн эрэр дьоллоох, мааны дьахтары ала-чуо Кыайыы 65 сылыгар да буолбатар, ханнык баҕарар тоҕоостоох түгэҥҥэ – Ийэ күнүгэр да буоллун, туруоруохха сөп этэ. Ити кэриэтин Сайсары эбэ үрдүгэр Сайсары эмээхсин эрэйдээх тайахха тэптэрэн турара ордук чугастык ылыныллыа эбитэ буолуо.
“Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ Ийэ искибиэрин тутууга үп-харчы хомууругар дьону көҕүлүүр аахсыйаны ыытыыга кыттыспытын таһынан, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ биэстии-түөртүү оҕолорун сүтэрбит ийэлэр уонна кинилэр сырдык тыыннарын толук уурбут буойун уолаттарын ааттарын чуолкайдыыр үлэни ыыппыта. Бу үлэ, ирдээһин-чуолкайдааһын салҕанар, салҕаныа да турдаҕа. Хаһыат 2010 сыл ыам ыйын 8 уонна 2014 сыл ыам ыйын 6 күнүнээҕи нүөмэрдэригэр өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 20 ийэ, кинилэр 87 буойун уолаттарын ааттара-суоллара ыйыллар. Инникитин да, умнан, сүтэрэн кэбиспэккэ, ыччаппытыгар, үүнэр көлүөнэ сахаларга кэмиттэн кэмигэр сырдата, сырдык ааттарын ааттыы, долоҕойдоругар хатыы туруохтаахпыт дии саныыбын. Ити биһиги, саастаах көлүөнэ сахалар, баарбыт тухары ытык иэспит буолар.
Биэс оҕотун сүтэрбит үс ийэ: Бүлүү Балаҕаччытыттан Борисова Евдокия Яковлевна, Таатта Баайаҕатыттан Малгина Февронья Николаевна, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕыттан Федорова Дарья (аҕатын аата биллибэт) бэлиэтэнэллэр. Манна эттэххэ, Уус Алдан улууһуттан 6 нэһилиэктэн 7 ийэ аата, ол иһигэр Дүпсүн нэһилиэгиттэн икки ийэ ааттанар. Сэттис ийэ аатын, Курбуһах нэһилиэгиттэн, түөрт уолун сүтэрбит эбэтин Винокурова Матрена Владимировна, түөрт абаҕатын ааттарын мэдиссиинэ дуоктара, бэрэпиэссэр Михаил Михайлович Винокуров эбии киллэртэрбитэ. Бу холобур сибэтиэй испииһэк өссө да салҕаныан сөбүн туоһулуур.
Ийэлэр барахсаттар, ыар сүтүктэрин аһыытын-кутуутун быһа ыйыстан, сүрэхтэригэр хаан оҕуолуур баас оҥостон, эр санааларын киллэринэн, тыйыһыран тыылга кыайыыны уһансыбыттара. Күндү көмүс оҕолорун былдьаабыт, сиэбит сиэхсит өстөөххө абаларын-саталарын, сүрэхтэрин кыланыытын “барыта кыайыы, фронт туһугар!” диэн хоргуйан, эстэн өлөллөрүн кэрэйбэккэ хара үлэнэн таһаараллара. Улуу Кыайыы сардаҕа күлүмүрдүү кыыһыахтааҕын бааһырбыт сүрэхтэринэн сэрэйэллэрэ, итэҕэйэллэрэ.
“1941-1945 cc. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэлэрин иһин” Сталин төбөлөөх мэтээллээх эбэлэрбит, ийэлэрбит – сут-кураан эҥэрдээх, ыар-баттык үлэлээх тыыл саллааттара эрэйдээхтэр, эрдэрин, оҕолорун – сэрии саллааттарын курдук, тононон, өлөн бүтээхтээн эрэллэр. Айгыраабыт, алларыйбыт доруобуйалара, сүрэхтэрин бааһа дьайан эрдэҕэ… Бүгүҥҥү күннээххэ кинилэр дьоллоох-соргулаах тымыр-сыдьаан ыччаттара, биирдии, биэстии да буоллун, ыар сүтүктээх, ыар олохтоох эбэлэрбит, ийэлэрбит – Улуу Кыайыыны уһансыбыт тыыл саллааттарын сырдык ааттарыгар сүгүрүйэр, кэриэстиир ытык иэстээхпит, үйэтитэр эбээһинэстээхпит.
Улуу Кыайыы 80 сылыгар өрөспүүбүлүкэбит киинигэр – Дьокуускай куоракка – Кыайыы саллааттарын ийэлэригэр аналлаах ытык сирдээх буолуохтаахпыт. Куораппыт эдэр, кэскиллээх мэрэ Евгений Григорьев, куорат дьаһалтата, куорат Дууматын дьокутааттара, бу боппуруоска санааларын ууран, болҕомтолорун туһаайан сөптөөх быһаарыныыны ылыныахтара диэн эрэниллэр, итэҕэйиллэр. Тапталлаах куоратым биир кырдьаҕас олохтооҕун быһыытынан, санаабын үллэһиннэхпинэ, Кэриэстэбил, сүгүрүйүү искибиэрин ыраата барбакка, 202-с түөлбэҕэ, Кыайыы болуоссатын уонна “Туймаада хорсуннарын умнубат” мемориал икки ардыларыгар саамай табыгастаах искибиэргэ оҥоруохха сөп. Бэйэтэ биир кэлим комплекс буола түһэр, оҥоһуллуутун ороскуота да ама соҕус ини. Миэстэтэ кэҥэс, үүнээйи, мас олордорго анаммыт курдук, дьон-сэргэ мэлдьи сылдьар. Норуот билэр, сүгүрүйэр Февронья Николаевна Малгина мөссүөнүнэн уобарастаан, билиҥҥитэ биллэринэн биэстии, түөртүү уолаттарын сүтэрбит сүүрбэттэн тахса ийэлэр, кинилэр буойун уолаттарын ааттарын көмүс буукубаларынан суруйан үйэтитэр, норуот билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарар хайаан да наада. Аҕа дойду Улуу сэриитин устуоруйатыгар итинник саха дьахталларын курдук биэстии-түөртүү оҕолорун тэҥинэн сүтэрбит ийэлэр дойду да үрдүнэн аһара элбэхтэрэ суоҕа буолуо. Тоҕо биһиги баччааҥҥа диэри ньимиликээн буолуохтаахпытый, сэбиэскэй кэмҥэ хомуньуус баартыйа боппут, саҥардыбатах, хааһахха тыыннарбыт буоллаҕына, билигин атын кэм. Бэйэтэ да аҕыйах ахсааннаах, сэрии барбыт сириттэн кый ыраах сытар саха омуга төһөлөөх охсууну ылан, хайдахтаах сүтүгүнэн, өлөрүн, эстэрин кэрэйбэккэ туран Ийэ дойдутун көмүскэлигэр Улуу Кыайыыны аҕалсыбытын сыбыытыыр-сылдьар аныгы туристар, омук дьоно биллиннэр-көрдүннэр, аан дойдуга кэпсээтиннэр. Омуктары бу искибиэргэ анаан-минээн сырытыннарыахха, кэпсиэххэ-сырдатыахха наада.
Искибиэргэ биир дойдулаахтара дойдуларын буорун, төрөөбүт-үөскээбит алаастарыттан мас, үүнээйи аҕалан олортуннар. Сахабыт сирин айгыр-силик айылҕата манна суугунаатын. Ыраас, сиэдэрэй олбохторго олорон дьон-сэргэ бүччүм муннукка – искибиэргэ дуоһуйа сынньаннын. Кылаабынайа, ийэлэр, саха буойун саллааттарын тымырдара-сыдьааннара, аныгы ыччаттара, Улуу Кыайыыны ситиһиигэ хаан тардыылаах кыттыгастаах Сахабыт сирин олохтоохторо, бары төрүт-уус дьоннорун кэриэстиир, сүгүрүйэр ытык сирдэринэн буоллун.
Былаас уонна норуот санаабытын ууран ылсыстахпытына, тоҕо кыаллыа суоҕай. Ытык дьоммутун, эбээлэрбитин, ийэлэрбитин кэриэстээһин, чиэстээһин, сүгүрүйүү – аныгы дьон чиэспит, суобаспыт дьыалата буоллаҕа. Оҕо аймах дьоммутун хос эбээлэрин, хос эһээлэрин, эбээлэрин, эһээлэрин курдук төрөөбүт дойдуларын таптыырга, патриоттуу тыыҥҥа иитиэхпит, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэ кэпсээн буолуоҕа, утум салҕаныаҕа.
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…