Салгыы
Аныгы кэм Боотур Ойууна Дархан Никифоров

Аныгы кэм Боотур Ойууна Дархан Никифоров

23.07.2024, 18:19
Хаартыска: Д.Никифоров архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Кини эдэр киһи буолан, эйэҕэс-сайаҕас, күлэ-үөрэ сылдьар, куту-сүрү баттаабат сырдык эниэргийэлээх. Улгумнук сөбүлэһэн, икки чаастан ордук кэм устата кэпсэттибит. Билэрэ-көрөрө, кэпсиирэ элбэх. Дархан Никифоров – саҥа кэм ойууна, урбаанньыт, спортсмен, юрист идэлээх, кэргэннээх, 3 оҕолоох. Кырыйан сэрэбиэйдиир Тайаана уола буолар. Кэргэнэ тутуу хампаанньатын үлэлэтэр.

Хаартыска:. Д.Никифоров архыыбыттан

АРЫЛЛЫЫ

Соһуччу, 2019 сылтан саҕаламмыта. Түүлүгэр ойуун оҕонньор кэлэн, “тургутууҥ саҕаланна” диэбитэ. Эттэтии ыарыыта күөмэйинэн киирбитэ, сылга сүүрбэччэтэ ангиналаан, олус күүскэ ыалдьара. Күөмэйэ ириҥэрэн, түлэкэдийиэр диэри кыраадыс­таан, түүлүгэр ону-маны көрөр, саҥалары истэр, дьикти турукка кииртэлиир буолбута.

Балтараа сыл устата ыалдьыбыта, ол тухары “ойуун буолуоҥ” дииллэрин, бадаҕа, итэҕэйбэт этэ. Бүтэрин саҕана түүлүгэр идэтин, тугу гыныахтааҕын, таҥаһын-сабын көрдөрөн биэрбиттэрэ, аатын уларытарга соруйбуттара.

Биирдэ түһээтэҕинэ, удаҕан кэлэн, “миэхэ кэлээр” диэбитэ. Сотору буолаат, “ютубка” ол кыыһы булан көрбүтэ. Төлөпүөнүн булан, суруйтарбыта. Тиийбитэ, түүлүгэр көрбүт хоһугар удаҕан эмиэ соннук таҥастаах кэтэһэн турарын көрөн, соһуйбута. Удаҕан Дархан хаста да өлө сыспытын бэлиэтээбитэ: “Эн аатыҥ испииһэккэ баарын соппуттар”. Барытын көрдөрөн, кэпсээн, сүбэлээн биэрбитэ.

Биллэн турар, эдэр киһи дьылҕата тосту уларыйарын, ыар сүгэһэри, улахан эппиэтинэһи сүгэрин ылынара ыарахан этэ.

КИҺИ ТАЛБАТ ТАЛЫЫТА

– Эйигин талбыт буоллахтарына, эн ылынаҕын, эбэтэр, ылыммаккын, оччотугар, күн сириттэн күрэнэҕин. Ылыммытым кэннэ, чэпчээн хаалбытым. Ыарыым сииктии симэлийбитэ. Ол кэнниттэн хайдах эрэ уу-чуумпу буолан хаалбыта. Туох да түүл, ыйыы-кэрдии суох. Чахчыта, ол иннэ-кэннэ биллибэт, саамай ыарахан кэм этэ. Салгыы туох буоларын билбэккин. Миэхэ ыйтан ордук кэмҥэ оннук буол­бута. Ити уоскуйарга, тыын ыларга бириэмэ биэ­рэллэр эбит.

Онтон эмиэ түүллэр саҕаламмыттара. Түүнүн күүскэ “үөрэнэрим”, хараҥа күүстэрдиин охсуһарым, чараас эйгэни дьиҥнээхтии илэ көрбүтүм. Ойуун таҥаһын, малын-салын буларга ыйан-кэрдэн биэрбиттэрэ. “Оннук ууска баран, оннук оҥортороҕун” диэн. Ойууннар бэйэлэрэ эрийэллэрэ, уустар да билэн олороллоро, үп-харчы да бэйэтэ көстөн иһэрэ.

Мээнэ уус ойуун таҥаһын оҥорбот. Уустар эмиэ туспа тургутууну, этиттэриини ааһаллар. Оннук арыллыбыт уус эрэ оҥоруон сөп. Куйахпын 5 уус сылы быһа оҥорбуттара. Үчүгэй уус оҥорбут саха быһаҕа күүстээх иччилээх (эниэргийэлээх) буолар. Оннук быһаҕым түүлбэр миигин хаста да быыһаан турар. Кыыһым туохтан эрэ куттанарын билэммин, түүлүгэр киирбитим уонна куттуур “абааһыны” кыйдаабытым. Чараас эйгэҕэ эйиэхэ “харалар” эмиэ кэлэллэр, онон арыллар кэмҥэр быһах биитинэн хаама сылдьар курдук буолаҕын. Ханнык баҕарар күнүҥ бүтэһик буолуон сөп…

Күөмэйгэ 6-с ойбон (чакра) баар. Ол аата “саҥаран-иҥэрэн, Айыылардыын алтыс” диэн буолар. Бастаан иччилэр кэлэн билсибиттэрэ. Сорохтор киһиэ­хэ маарынныыллара, сорохтор күлүк курдук көстөллөрө. Өбүгэлэрбэр тардыһан барбытым. Биир да көлүөнэнэн быстыбакка, өбүгэлэрбэр күүстээх ойууннар бааллар эбит. Кинилэр түүлбэр кэлэн, билсибиттэрэ. Ону тэҥэ, ча­­раас эйгэҕэ сылдьар ойууннар, удаҕаннар кэлэн, биллэн ааһаллара. Күннэй Кардашевская кэлэн, дүҥүр охсорго үөрэппитэ. Ийэм, аҕам бу кэмҥэ күүстээх өйөбүл буолбуттарыгар махтанабын.

Ыйбыт суолларын итэҕэ­йэн, батыһан бардаххына, толору ылыныы буолар. Оччоҕо барыта табыллан, суолуҥ арыллан барар. Мин аналым – Дуоҕа Боотур сыдьаана Боотур Ойуун буолан үөһээҥҥи уонна алла­рааҥҥы дойдулар ча­­раас эйгэлэрин тутуу, дьоҥҥо көмөлөһүү.

– Оччотугар бэйэҥ баскын бас билбэккэ, ыйыы-кэрдии эрэ күүһүнэн олорор курдук буолан хаалаҕын дуу?..

– Мин орто дойдуга кэлиэм иннинэ, дууһам “маннык олоҕу, бу суолу талабын, маннык үөрэҕи барабын” диэн, этэргэ дылы, дуогабарга илии баттаһан кэлбит, барыта төрүөҕүм быдан инниттэн быһаарыллыбыт эбит. Туох баар ааспыт олоҕум бу суолга тиэрдиэхтээх эбит. Ону өйдөөн, ылыннаххына, барыта чэпчиир. Холобур, юрист үөрэҕим мээнэҕэ буол­батах. Чараас эйгэҕэ киһи бырааба диэн эмиэ баар, киһиттэн көҥүлэ суох кинини “көрүө”, эмтиэ суохтааххын. Эппиэтинэһэ үрдүк, тылгын-өскүн, санааҕын көрүнэ, хонтуруоллуу сылдьыахтааххын.

Тургутуу, ыраастааһын түһүмэҕэ диэн эмиэ баар. Үксүгэр үп-харчы өттүгэр буолар. Үлэҥ суох, харчыҥ суох, биисинэһиҥ ыһыллар. Урут аахсыйаларынан атыыга-эргиэҥҥэ кыттар этим. Түһээн көрөн, чопчу билэрим, ол иһин барыһырарым. Ону тохтоппуттарын, истибэтэҕим. Ол иһин соруйан сыыһа көрдөрөн биэрбиттэригэр, элбэх харчыны сүтэрбитим.

Олоххо барытыгар тургутуу баар. Бу турукка баары баарынан, барытын толору ылынан сылдьыахтааххын. Үөхтүлэр – ылынаҕын. Дьон саҥатын аахсыбакка, “туох диэхтэрэй?” диэн дьиксиммэккэ, дьиҥ ис санааҕын истиэхтээххин. Арыллыы диэн, бэ­­йэҕин кинигэ курдук саҥаттан арыйаҕын. Олус интэриэһинэй үөрэх.

Хаартыска: Д.Никифоров архыыбыттан.

ДЬИКТИ ТҮБЭЛТЭЛЭР

Кини тула тоҕо эрэ үксүн арылла сылдьар дьон түмсэн барбыттара. Бэл, «Я и мои странные друзья» диэн бөлөҕү арыммыта. Онтон дьон “эйигин түһээн көрдүбүт” диэн булан, кэлэр буолбуттара. Ыраастаабытын кэннэ, дьон олоҕо улары­йан, тупсан барарын бастаан олус сөҕөрө. Кэлиэхтээх дьону түүлүгэр этэн биэрэллэрэ. Көннөрү киһи итэҕэйбэт дьикти түбэлтэлэрэ да буолаллара.

Бастакы түбэлтэ. Биирдэ Москваҕа табаарыһын кытта эргэ гостиницаҕа түспүттэр. Түһээтэҕинэ, үөрдэр кэлэн, хоско киирэллэр. Ойууҥҥа ха­­йыһан: “Эн биһигини анараа дойдуга үтэйэр кыахтааххын, атаар” дии-дии, тоҕо эрэ утуйа сытар табаарыһын хабарҕалыыллар. Киниттэн куттаналлар быһыылаах. Уһуктан кэлэн көрбүтэ – атаһа баттата аҕай сытар. Уһугуннарбытыгар, “Һуу, хара күлүктэр кэлэн, хабарҕабар түстүлэр”, – диир.

“Чэ кэбис, сүгүннүөхтэрэ суох” диэн, атын, саҥа гостиницаҕа көһөллөр. Киирэн истэхтэринэ, арай, “Суһал көмө” массыыната турар, биир өлбүт киһини наһыылканан таһааран иһэллэр. Дархан: “Тууй-сиэ, эмиэ биллэрэ буолуо”, – дии саныыр.

Бу сырыыга тус-туспа хосторго түһэллэр. Аан боруогар тууһу кутан кэбиһэр уонна утуйар. Түһээтэҕинэ, аанын тоҥсуй да тоҥсуй буолаллар. Туран, аанын аспыта – көстүүмнээх, айанныыр суумкалаах оҕонньор турар, хоско киирэ сатыыр да, кыайан киирбэт. “Извините, я с Кемерово, я тут немножко потерялся, вы мне поможете?” диэн саҥалаах буолар. Оттон табаарыһа: “Ким эрэ өҥөҥнөө да өҥөҥнөө буолан, утуппата” диэн кэпсээннээх буолбут.

Иккис түбэлтэ. Биир кыыс Таро хаартынан үлүһүйбүт. Онтон сыыйа төбөтүн иһигэр куоластары истэр буолан хаалбыт. Сылы быһа тулуйа сатаабыт, эрэйи көрбүт, психиатрга кытта көрдөрбүт.

Ол кыыс аллараа дойду энэргиэтикэтигэр холбонон, санныгар “абааһы” олорсо сылдьан, кэтэҕинэн үүттээн киирэн, мэйиитигэр холбонон, арааһы баллыгырыыр эбит. Ойуун үүрбүтүн, ыраастаабытын кэннэ, туох да иһиллибэт буолбут.

Хаартыска: Д.Никифоров архыыбыттан

ТУОХ БАРЫТА ИЧЧИЛЭЭХ

– Өлөрсүүлээх киинэлэри, криминалы көрөр киһи ол хараҥа тыынын салгын кутугар иҥэринэр, онто бэйэтигэр дьайан барар. Төбөтүгэр оннук хараҥа санаалар киирэн бараллар. Оттон кэмиэдьийэлэри сөбүлээн көрөр дьон чэпчэки тыыннаах буолаллар.

Билигин дьон саҥата элбэх. Социальнай ситимнэргэ көстүбэккэ олорон, тута сиилээн-одуулаан, сэмэлээн бараллар. Дьиҥэ, ол саҥалара бастакы уочарат бэйэлэригэр төннөр, “бэдэрдэригэр” иҥэр. Онон куһаҕаны саҥаран, ыралаан, ырытан бүтүөххэ наада.

Дьахтар, саамай сүрүнэ, кэргэнин, оҕолорун саҥарымыан, кэрбээмиэн наада. Оҕо сүрэ бөҕөргүүр кэмигэр – 8-10 сааһыгар аҕатын кытта алтыһыахтаах. Аҕата олоххо бэлэмнээх буоларга, дьону кытта алтыһарга үөрэтэр.

Билиҥҥи оҕолор – уһуктан сылдьар, элбэҕи өйдүүр, билэр дьон. Оҕолору олус боппокко, хонтуруоллаабакка, бэлэмҥэ үөрэппэккэ, тапталынан иитиэх­хэ-улаатыннарыахха наада.
Ыал арахсыыта элбэх, бу улахан кыһалҕа. Төрөппүттэр айдаарсыбыт да буоллахтарына, ол оҕо буруйа буолбатах. Оҕону кытта ситим быстыа суохтаах. Арахсыы диэн үчүгэй да, куһаҕан да буолбатах, сороҕор ол олох уруога буолар. Арахсар аналлаах, онтон үөрэнээри бу сиргэ кэлбит дьон эмиэ бааллар. Ол эрээри, оҕоҕо сыһыан букатын атын, улары­йыа суохтаах.

Хаартыска: Д.Никифоров архыыбыттан.

КИҺИ ТУОХ ТУҺУГАР ОЛОРОРУЙ?

– Өлүү – олоххо буолуох­таах көстүү. Бу сүтүү-симэлийии буолбатах, атын эйгэҕэ барыы буолар. Олох олоруу суолтата – олохтон олоххо таһыммытын үрдэтэн, элбэҕи билэн, алҕаһы өйдөөн, дьоҥҥо көмөлөһөн, түгэни, олоҕу сыаналаан, кыраттан да дьоллонорго үөрэнии…

Ону өйдөөбөккө, уларыйбакка, биир таһымҥа сылдьар дьон элбэх. Оннук дьон алҕастарын өйдүүллэрин туһугар хас да олохторун барыахтарын сөп. Дьиҥэ, бу Сиргэ олох олорор диэн былдьаһык, мөлүйүөнүнэн дууһалар алҕастарын көннөрөр уруогу ааһар туһуттан, уочараттыыллар. Эн ол улахан уочараты ааһан, киһи буолан төрөөбүккүн эрээри, тугу да гыммакка, сайдыбакка, аналгын толорбокко сылдьарыҥ – буруй курдук буолар. Ол иһин ыарыы кэлэр.

Мин көрдөхпүнэ, хаарыан бириэмэлэрин сыыһа ыытан, сөбүлээбэт үлэлэригэр үлэ­лиир, таптаабат киһилэрин кытта олорор, куттара баҕарарын оҥорбот, сирдээҕи аналларын толорбот дьон ыалдьаллар.

Онон киһи туох сыаллаах олорорун билиэхтээх, өбүгэлэригэр тирэҕирэн, аҕа ууһуттан өйөбүл ылыахтаах. Кини бэйэтин туһугар эрэ олорбот, уопсастыбаҕа туһалаах буолуохтаах.

ИТЭҔЭЛ ТУҺУНАН

Сорох омук дьоно “сахалар итэҕэлгит суох, иччилэргэ, эмэгэттэргэ сүгүрүйэҕит” диэн хомуруйаллар…

– Аар Айыы итэҕэлэ сокуо­нунан регистрацияны ааһан турар. Биһиги итэҕэлбит дьиҥ илэ төннүөҕэ.
Сахалар итэҕэлбит то­­ҕо күүстээҕий? Куйаары, Айыы­лары кытта быһа холбонуу баар, онон-манан халыппакка, ыраастык ылынабыт. Ол иһин көрүүлэнии баар. Оннук эрэ буолан, өбүгэлэрбит тыын­наах хааллахтара, былдьаһык­таах үйэлэргэ муммакка-сүппэккэ, Айыы уотунан сирдэтинэн, баччаҕа тиийэн кэллэхтэрэ.
Чараас эйгэ билигин чуга­һаан турар, онон ыарахан кэмҥэ айылҕалаах дьон эл­­биир. Нууччаларга да ойууннар уһуктан эрэллэр. Нууччалар дьиҥ итэҕэллэригэр төннүөхтэрэ диэн түүлбэр эппиттэрэ.

– Аныгы кэм ойууна диэн кимий?

– Кини аһаҕас киһи. Сырдыкка тардыһар, үрүҥү-хараны араарар, өбүгэлэр үгэс­тэрин, муударай билиилэрин дьоҥҥо үллэстэр, хомуһунун туһаҕа таһаарар киһи. Ойуун чараас эйгэни ойуу­лаан көрдөрөр, турукка киллэрэн, олоҕу сөпкө олорорго угуйар.

Хас биирдии айдарыылаах киһи туох эрэ идэлээх – ким эрэ уҥуох тутар, эм­­тиир, ким эрэ оҕо кутун тардар. Мин эмтиибин, сүрүннээн ыраас­тыыбын. Киһини ыраастаатахха, туруга көнөр, сөпкө толкуйдуур, бэйэтин истэр буолар. Салгын, ийэ куту кытта үлэлиибин. Киһи туох анал­лаах, бырагыраамалаах кэлбитин көрөбүн, олоҕун суолун ыраас­тыыбын, сааһылыыбын, сырдык эниэргийэнэн толоробун. Оччоҕо ыарыыта да үтүөрэн барар. Билигин искэн курдук ыарахан ыарыылары эмтиирбэр ыытар буоллулар.
Үс сыллаах тургутууну ааһан, дьону үөрэтэбин, бы­­йылгыттан уһуйуунан дьарыктанным. Холобур, биир ойууну уһуйдахпына, кини сылга 500 киһиэхэ көмөлөһүө, онон үлэм түмүгэ улаатар. Үөрэнээччиҥ арыллар кэмигэр эн улахан эппиэтинэһи сүгэҕин.

Дьон үксүгэр чугас дьоммут өлүөхтэрэ-сүтүөхтэрэ диэн, арыллартан куттаналлар. Ону маннык быһаарабыт – үрүҥ ойуун үөскээтэҕинэ, аймахтара ба­­йан-тайан, элбээн, үүнэн бараллар. Хара ойуун аймахтара аҕыйыыллар, буомураллар. Эттэнии кэмигэр үтэн-анньан көрүү, тургутуу баар буолар, онно үрүҥү-хараны таларгын бэйэҥ билэҕин. Сырдыкка талаһан, үөһэ тахсыы хаһан баҕарар ыарахан, аллараа түһүү – чэпчэки.

ТАҤХА КЭМЭ

– Дьыл оройугар, тымныы түһэн, Күн тэйэн, хал­­лаан баттанар кэмигэр ча­­раас эйгэ, Айыылар чугаһыыллар. Онон таҥхаланарга табыгас­таах. Таҥха кэмигэр дьылҕаҕын үчүгэй өттүгэр уларытыаххын сөп. Ол эрээри, билиҥҥи кэмҥэ инникибит наһаа түргэнник уларыйа турар. Көрбүөччү көрүүлэнэн эппитэ уларыйан хаалан, туолуо суоҕун сөп.
Таҥха Хаан Тойоҥҥо 7-с халлааҥҥа тахсан, киһи дьылҕатын уларытарыгар көрдөһөөччүбүн. Тохсунньуга Таҥхаҕа ыраастаныы, арчыланыы сиэрин-туомун толорооччубун. Дьылҕа диэн баар. Киһи олоҕо сүрүннээн суруллан турар. Сүрүн суол, кыра суоллар бааллар, ол уларыйыан сөп. Идэлээх дьон сөптөөх суолга киллэрэн биэрэллэр.

– Бүлүүһэ сүүрдүүтүнэн үлүһүйүүнү туох дии саныыгын?

– Бүлүүһэ сүүрдүүтэ – сэрэхтээх дьыала. Хараҥа күүстэри, кыра “абааһылары” ыҥыран ылан, кинилэр сөпкө дуу, сымыйалаан дуу эппиттэрин итэҕэйэн баран, төлөбүрэ онно тэҥэ суох ыарахан буолар. Кинилэр син биир тугу эрэ толук ылаллар. Ол сыаната олус улахан – ыарыы, табыллыбат буолуу, ыччаттарыҥ кэскиллэрэ…

Олох барахсан онон үчүгэй ээ – инникигин билбэккэ, билиҥҥинэн олоруу, субу буола турары сыаналааһын, түгэнтэн дьоллонуу…

Онон көрбүөччүлэргэ барар да буоллахха, инникини билэ сатаабакка, билиҥҥи олоххун хайдах уларытар, тупсарар туһунан ыйытыылаах барыахтааххын. “Тоҕо табыллыбатый?” диэн буолбакка, “Хайдах гыннахпына, табыллыаҕай?” диэн ыйытыылаах тии­­йэр ордук. Сөпкө үлэлэннэххэ, эйгэ барыта эн тускар үлэлээн барар.

Санааҕын салайарга үөрэниэхтээххин, аан бастаан са­­нааҕынан кыайыахтааххын. Толкуйдаабыккын олоххо киллэриэхтээххин. Идиэйэ суолтата суох, олоххо киллэрэриҥ быһаарар.

– Кэлбит сыл хайдах буолуоҕай?

– Илиҥҥи халандаарынан, Луо сыла үүннэ. Бу үһүйээҥҥэ эрэ баар кыыл, чараас эйгэҕэ саамай күүстээх. Бу сылга таска ­буолбакка, ис турукка болҕомто ууруллуохтаах, ис туругу тэҥнии сылдьыахха наада. “Мин кимминий? Туох сыаллаах олох олоробунуй?” диэн ыйытыыларга хоруй булуллуохтаах. Оччоҕо тургутуу чэпчэкитик ааһыа.

Уларыйыы сыла буолуо. Уларыйыы диэн куһаҕан буолбатах. Уопсайынан, үчүгэй-куһаҕан диэн араарбакка, хайдах баарынан ылыныахха. Куһаҕан диэбитиҥ, кэлин үчүгэйгэ буолбут буолар.

Айылҕаҕа чугас буолуохха наада. Сиргэ тардыһан, дьиэ-­уот туттан, сөбүгэр бултаан-балыктаан, сир астаан, айылҕаны кытта биир тэтимҥэ киириллиэхтээх, Айыыларга махтана сылдьыллыахтаах.

+1
161
+1
1
+1
4
+1
0
+1
1
+1
10
+1
6
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: