“Аныгы кэм идеологтара Саха сиригэр бааллар…”

“Аныгы кэм идеологтара Саха сиригэр бааллар…”

Ааптар:
25.04.2023, 15:10
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

ССРС, РФ уонна СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреа­та, Арассыыйа норуодунай артыыһа, СӨ Духуобунаска академиятын бэрэсидьиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Судаарыстыбаннай сүбэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта Андрей Саввич Борисовтыын кэпсэтии: 

— Соторутааҕыта ыыппыт мунньаххытын ТҮМҮҮ диэн ааттаабыккыт. Бэчээккэ, тэлэбиисэргэ  “ол былаһааккаҕа сэминээр буолла”, “манна киэҥ кэпсэтии таҕыста”, “маастар-кылаас ыыттылар”  эҥин диэн  суруйуулар таҕыстылар.

Белоруссияттан кэлэн эһиги ТҮМҮҮүтүгэр ыалдьыттаабыт “Новая Евразия” диэн бэлиитикэ түмсүүтүн  Политсоветын чилиэнэ, ордук Евразия тиэмэлэригэр элбэх үлэлэрдээх улахан политолог Алексей Дзермант Арассыыйа тэлэбиидэнньэтин бастакы ханаалыгар тиийэн: «Аныгы кэм идеологтара Саха сиригэр бааллар эбит, ол дьону Москваҕа аҕалыахха баар этэ»  диэн улахан сыанабылы биэрэн соһутта. Дьэ, ити киһи олус туруору уонна күүскэ тоҕо итинник этэрий?Андрей Саввич, эн бу улахан сыаналааһыны хайдах быһаарыаҥ этэй? 

— Арассыыйаҕа идеологтар бааллар бөҕө буоллаҕа дии. Алексей  Дзермант этиитигэр: “Судаарыстыба идеологиялаах буолуохтаах, Белоруссия Конституциятыгар идеология туһунан элбэх пууннаах ыстатыйалар бааллар” диир. Мин урут “Судаарыстыба идеологиялаах буолуохтаах уонна тоҕо биһиги Конституциябытыгар биир идеология диэн өйдөбүл ончу сотуллан хаалбытый?” диэн ис хоһоонноох этэр-тыынар, суруйар этим. Онтон кэлин боппуруос күүһүрдэр күүһүрэн испитэ. Араас партиялар үөскээннэр, политиктар, политологтар, идеологиялаах буолуохтаах эбиппит диэн ити боппуруоһу көтөҕөр буолан барбыттара.

— Оччотооҕу кэми мин өйдүүбүн, ол саҕана эн «Эл Иитэ», «ИЛИН» диэн уопсастыбаннай тэрилтэлэри тэрийэҥҥин кэмпириэнсийэлэри, сийиэстэри, көннөрү да көрсүһүүлэри тэрийэр этиҥ. Онно ити бэйэбит Конституциябыт туһунан эмиэ кэпсэтэр буоларбыт. 2016 сыллаахха, эмиэ муус устарга  «Якутия» хаһыакка «В развитии институтов гражданского общества – будущее Якутии и России» диэн эн ыстатыйаҥ бэчээттэммитэ. Онно биһиги Конституциябытыгар биир идеология дойдубут үрдүнэн суоҕун туһунан суруйбутун. 

— Биһиги толкуйдаан баран «идеология» диэн хайаан даҕаны геополитиканы, геоэкономиканы бэйэтин аннынан киллэринэр уопсастыба надстройката буолуохтаах диэн санааҕа тиийбиппит. Ону утараннар,  элбэх баартыйаланыы долгунугар оҕустарбыт кэммитигэр уонна АХШ  идеологтарын, политологтарын сабыдыалыгар түбэһэн  “биир идеология” диэн өйдөбүлү Конституциябытыгар киллэрбэтэхтэрэ. Мин урут, ССРС народнай дьокутаата буола сылдьаммын, ити боппуруоска хаста даҕаны санаабын этээри бэлэмнэммит тезистэрим бааллар. Биллэн турар, оччолорго мин култуурунай, духуобунай өттүнэн эрэ киирэн Конституцияҕа иделогия киириэхтээх диэн этиилэри бэлэмнии сылдьыбытым.

Култуура миниистирэ буолан баран идеология боппуруостарыгар хайдах киирэбитий диэн үлэлээтэҕим дии. Биир өттүнэн оччотооҕу муодаҕа сөп түбэһэммин, туох кистэлэ кэлиэй, “биһиги идеологическай фронт байыастара буолбатахпыт” диэн, “биһиги духуобунай, культурнай чэчирии сайдыы дьонобут” диэн этэрим.

Онтон ХОМУС, ЫҺЫАХ, ОЛОҤХО, ИТЭҔЭЛ диэн уонна Саха омугун төрүт култууратын саамай бөдөҥ өйдөбүллэрэ бэйэтэ систиэмэ уонна кэнсиэпсийэ буолан тахсыбыта. Ону норуот хаба тардан ылан өйөөбүтэ, тоҕо диэтэххэ, коммунистическай идеология күүһүн уоҕун сүтэрбит кэмигэр, дьон өйүн-санаатын түмэр күүс баар буолуохтааҕын быһыытынан, идеологията суох хайдах да сатаммаппыт быһыытынан Хомус-биир сыл, Ыһыах-биир сыл, Олоҥхо-биир сыл үс сыллаах хамсааһыны биллэрэн үлэлээбиппит. Ол курдук, киһи барыта хомуска оонньуур, хомус киинэ үөскүүр, хомус түмэллэрэ арыллаллар.  Араас кэмпириэнсийэлэр, кэнгириэстэр  буолаллар, хомус космостан дьүрүһүйэр, хомус аан дойдуну баһылыыр.

Ыһыахпыт ЮНЕСКО испииһэгэр саамай былыргы норуот бырааһынньыга диэн ааттанан испииһэккэ киирэр. Оччолорго Түөрт Бүлүүнэн “Демьян Беднай”  теплоходунан 140-ча киһилээх  уста сылдьан, ЫҺЫАХ туох баар  сиэрин-туомун тутуһан түҥ былыргыттан тиийэн кэлбит үгэстэрин, сиэрин  оҥорбуппут кэнэҕэһин да тутуһуллар халыыбыгар (канва) киирбитэ. Билэргит курдук, билигин ОЛОҤХО ЫҺЫАҔЫН улуустар улаханнык туруорсан, дьон- сэргэ түмсэн куоталаһа- куоталаһа  бииртэн биир сиэдэрэй ыһыахтары ыһар буоллулар. Онтон устунан САХА ОМУК үйэлэр түгэхтэриттэн иитийэхтэнэн кэлбит ИТЭҔЭЛБИТ көстүүтүн быһыытынан ылынан Аар Айылҕабытыгар сүгүрүйэр ураты көстүү быһыытынан сыаналыыр буоллулар. Дэлэҕэ даҕаны Татарстан курдук, омук быһыытынан уратыларын өрө тута сылдьар,  улахан Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга кэлэн ыһыахпытыгар ыалдьыттаан баран дойдутугар тиийэн холобур туттан ИТЭҔЭЛИ сөргүтэр ЫТЫК ЫҺЫАҔЫ  сахалар тэрийэллэр эбит диэн холобур оҥостуо дуо!

Олоҥхобут ЮНЕСКО-ҕа тиийэ аатыран ШЕДЕВР  быһыытынан билиниллэр буолла, ханна да суох ОЛОҤХО ТЫЙААТЫРА арыллан үлэлиир. Билигин ОЛОҤХО уон сыллаах бырагырааманан үлэлээн киирэн барар. Өссө Аан дойдуга киэҥник биллиэхтээх Аартыкатааҕы олоҥхо уонна искусство Киинэ тутулла турар.

Ити, кэнники өйдөөн көрдөххө, дойдуга  идеология суох буолбут кэмигэр Сахабыт сиригэр, култуура эйгэтин таһымынан, норуот идеологиятын олохтооһун холобура буолан тахсыбыт.  Атын омуктар эмиэ бэйэлэрин итэҕэллэригэр, Буддизмҥа эҥин тиийэ сатаабыттара. Ислам, Православия күүһүрбүтэ.  Оттон биһиги хомуспутугар, олоҥхобутугар, ыһыахпытыгар, төрүт итэҕэлбитигэр тирэҕирбиппит. Ол түмүгэр ГЛОБАЛИЗМ, баттааһын бириэмэтигэр норуоппут, омукпут өй-санаа өттүнэн муммакка, тиэрэ-маары буккуллубакка чөл духуобунай туруктаах хаалбыта диэн өйдүүбүн.

Билигин эмиэ оннук бириэмэ тиийэн кэллэ. Аан дойду үрдүнэн Арассыыйаны ыһа сатыыллар, Арассыыйа норуоттарын утарыта туруора сатыыр 90-с сыллардаахха майгынныыр күннэр-дьыллар үүннүлэр дии саныыбын. Арассыыйа тутулун, өйүн-санаатын, устуоруйатын, култууратын ыһан кэбиһэр куорҕаллыыр хамсааһыны ыыта сатыыр кэмнэрэ үүннэ. Ол курдук, билигин ыһар хампаанньа бара турар. Дьэ ону утарар ТҮМҮҮ хампаанньата диэн баар буолуохтаах диэн өйдөбүл үөскүүр.

Биһиги Бүлүү улуустарыгар салайааччыларын кытта уонна, биллэн турар, култуура эйгэтин дьонун кытта көрсүстүбүт. “Олоҥхо дьиэлэрин ситимин тэрийии” диэн Ил Дархан дьаһалын толорор соруктаах, култуура эйгэтигэр маастар-кылаастары, элбэх лиэксийэлэри ыытан олохтоох дьон киэҥ араҥатын кытта көрсүстүбүт.  Ол олус  истиҥ, аһаҕас кэпсэтиилэргэ, сүбэлэһиигэ, араас санаалары тириэрдэргэ дьон-сэргэ ТҮМҮҮ хампааньатыгар  наадыйаллара көстөн кэлбитэ. Тыл бастакы буукубаларынан ис хоһоонноон күүһүрдэн биэрии толкуйа тиийэн кэлбитэ. Ол курдук, «ТҮМҮҮ — төрүт үгэс мин үүнэр үктэлим” диэн өйдөбүл тахсан кэллэ. Итини тыа сирин дьоно олус өйөөбүттэрэ уонна социальнай ситимнэринэн араас санааларын этэн ыыт да ыыт буолбуттара. Көрсүһүүлэргэ тыл этэллэригэр ТҮМҮҮ диэн өйдөбүлү сөбүлээн туттар тыллара буолан хаалбыта.

ТҮМҮҮ үлэтин түмүгэр түмсүү үөскүүр. Бүлүү сүнньүттэн кэлээт даҕаны геокультурунай сайдыы институппутугар сүбэлэһэн, ырытыһан баран Ил Дархаҥҥа итинник ааттаах уопсастыбаннас ТҮМҮҮ-мунньаҕын тэрийиэххэ сөп эбит диэн этии оҥорон, былааннаан киллэрбиппин сөбүлэспиттэрэ. Өссө былырыын  сэтинньи 9 күнүгэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин «Об утверждении Основ государственной политики по сохранению и укреплению традиционных российских духовно-нравственных ценностей» диэн Ыйааҕа тахсыбыта. Дьэ, билиҥҥи  идеологиябыт бу сылдьар!

Идеологиябытын сүтэрбиппит кэнниттэн 30 сыл буолан баран сахалар бэйэбит идеологиябытын, били, ХОМУС, ЫҺЫАХ, ОЛОҤХО, ИТЭҔЭЛ диэн үлэлээн кэлбит ситиммит туох суолталаммытын, хайдах  үлэлээн кэлэн идеология таһымыгар тахсыбытын көрөбүт.

Тоҕо диэтэххэ,  Конституциябытыгар “судаарыстыбаннай идеология”  диэн  суох буолбутун да иһин, ону көннөрөр кэм кэллэҕэ дии. Бу Ыйааҕы сыныйан ааҕан көрдөххө хас биирдии түһүмэҕэ уопсастыбаҕа өй-санаа, сиэр-майгы тутула хайдах буолухтааҕа барыта илдьиритиллэн ырытыллыбыт.

Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич былырыыҥҥы Ил Түмэҥҥэ  туһаайыытыгар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ити Ыйааҕа дьайыылаах, күүстээх буоларын туһугар  Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр анал бырагырааманы ылыныахха диэн бырабыыталыстыбабытыгар сорудах биэрбитэ. “Өй-санаа—сиэр-майгы” (духовно-нравственные) сыаннастара ханнык баҕарар эйгэҕэ барытыгар сыһыаннаах буолар. Онон бу өрөспүүбүлүкэтээҕи анал бырагыраама тэрилтэлэргэ уонна тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларга барытыгар  (надведомственнай, межведомственнай) киириэхтээх диэн сорудах биэрэр. Онон Геокультурнай сайдыы института (Институт геокультурного развития),  култуура миниистэристибэтигэр анал этии оҥороммут, өрөспүүбүлүкэбит уопсастыбаннаһын ТҮМҮҮ—мунньаҕын тэрийэбит диэн этии киллэрбиппит.

Онон бу ТҮМҮҮ анал “Собрание общественности РС (Я) по сохранению и укреплению традиционных российских духовно-нравственных ценностей”  диэн ааттанна.

Анал бэлиэ ойуубут – икки иҥэһэни холбуу туппут курдук—«төрүт үгэс мин үүнэр үктэлим” буоларын быһыытынан « төрүт үгэс — тирэнэр тирэҕим» диэн өйдөбүлү биэрэр. Ураһалар уонна Тордох курдук эмиэ тахсан кэлбиттэр. Тордох хотугу Аартыка культуратын хараҥаччылыыр, харыстыыр өйдөбүлэ. Саха культуратын символа Ураһа эбит буоллаҕына, Аартыка култууратын символа ТОРДОХ буолара сөп курдук.

Бу ТҮМҮҮ—мунньахпытыгар өрөспүүбүлүкэ араас улуустарытан куораттарыттан барыта 450 дэлэгээт түмсэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Ыйааҕын ааҕан Ил Дархаммыт туһаайыытын ааҕан ырытан-дьүүллэһэн бараммыт, Геокультурнай сайдыы институтун таһымынан, 11 араас тус-туспа былаһааккаларга “Сакральная география—пространство культуры”, “Эллэяда: о происхождении народа саха”, “Духовно-нравственный смысл труда” диэн курдук көрсүһүүлэргэ санаа атастаһыытын, истиҥ кэпсэтиһиилэри тэрийэн ыыттыбыт. Манна мунньах эрэ курдук буолбакка биир санаалаахтар түмсэн бэйэ-бэйэлэрин кытта истиҥник алтыһар, санаа үллэстэр инникини анаарар көрсүһүүлэрэ буолан ааста.  Икки күн иһигэр 1995 киһи кыттан ис санаатын үллэһиннэ.

Биһиги кимиэхэ даҕаны “ол туһунан этээр, бу тиэмэни ырытаар” эҥин диэн кими даҕаны эрдэттэн бэлэмнии да сорумматахпыт. Дьон бэйэтэ, түмсэр кыах бэриллибитин туһанан, иитийэхтэнэ сылдьыбыт санааларын үллэһиннилэр.

Кэнники кэмҥэ итинник элбэх киһи кэлэн ис санаатын үллэстибитэ суох эбит. Ол аата уопсастыбаҕа түмсүүгэ тиийэр ураты баҕа санаа иитийэхтэнэ сылдьар эбит. Дьон-сэргэ “бу биһиги күннээҕи олохпутун хайдах тупсарабытый, хайдах сайыннарабытый, ханнык суолларынан барабытый” диэн дириҥ санаалары иитийэхтии сылдьар эбит диэн өйдүөххэ наада. Түмүллүү уонна түмэр үлэ биһиги уопсастыбабытыгар билиҥҥи кэмҥэ олус диэн наада буолбут.

Бу ТҮМҮҮ-мунньахпытыгар өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин араас араҥатын бэрэстэбиитэллэрэ бары кэлэн кытыннылар. Ол курдук учууталлар, быраастар, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларын үлэһиттэрэ.  Билигин дьон социальнай ситимнэринэн араас кырдьык-сымыйа кэпсэтиини ыытан алтыһаллар. Оттон бу ТҮМҮҮ-мунньахпытыгар анаан-минээн дьоҥҥо-сэргэҕэ, салалтаҕа тириэрдэ сатыыр санааларын, санаа үллэстиитин аһаҕастык, дьоһуннук тириэрдэр курдук оҥостон кэлэн сэһэргэстэ. Барыта 600-тэн тахса араас этии киирбитэ бу түмсүү далааһынын көрдөрөр.

Мин киирии тылбар: саҥа санаа, саҥаны-сонуну этии баар буолуохтаах  уонна бэйэ бырайыага баар буолуохтаах диэн эппитим. Ону бу чахчы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэлиир анал бырагыраама оҥоһуллуутугар кыттыһыахтаахпыт диэн өрө көтөҕүллэн туран кэпсэтиигэ сыһыаннастылар. Ордук тыа сириттэн кэлбит дьон олус олохтоох, дириҥ, күннээҕи олохтон иитиллэн тахсар бэрт элбэх санааны туруорустулар.

Ил Дархан Айсен Николаев  ТҮМЭР-мунньахпыт бастакы күнүгэр “О совете при Главе Республики Саха (Якутия) по сохранению и укреплению традиционных российских духовно-нравственных ценностей”  диэн Ыйаахха илии баттаата. Кини ТҮМҮҮ-Мунньахпыт кыттыылаахтарыгар Туһаайыы сурук ыыппытыгар  ити сэбиэт үлэтин тэрийэргэ миэхэ  сорудах биэрдэ. Бу ТҮМҮҮ-мунньахха уопсастыба  өйүн-санаатын, иитийэхтии сылдьар энергиятын түмэммит өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн үлэлиэхтээх анал бырагырааманы оҥоруохтаахпыт. Ити киирбит 600-тэн тахса этиини барытын талан, үөрэтэн, ырытан, сааһылаан бараммыт,  саҥа тэриллибит  Сэбиэккэ киллэрэбит, ол Сэбиэппит  бэрэссэдээтэлэ — Ил Дархан. Онон бырагыраама бигэргэтилиннэ  даҕаны, аны күһүн, Бүтүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама оҥоһуллан үлэлээн барыахтаах.  Ол 2023—2030  сылларга  диэри үлэлиэхтээх.  “Соруктар сылтан сылга хайдах толоруллан иһиэхтээхтэрий” диэн  алгоритм  диаграмма ситимин  оҥордубут. Онно түһүмэхтэрэ тоҕо маннык ааттаахтара, сыаллара-соруктара, туох буолара, хаһыс сылга тиийэн туолуохтааҕа кытта сурулунна. Бу ТҮМҮҮ-мунньахпытыгар киирбит этиилэр хайа эмит өттүнэн ол өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа суруллан олоххо киирэллэрин ситиһиэхтээхпит. Хас биирдии этии олоххо киириэхтээхтэр  уонна үбүлэниилэрэ быһаарыллыахтаах.

Билиҥҥи кэмҥэ «байыаннай фронт”, “народнай фронт” диэн баар, билигин “идеологическай фронт” арыллар кэмэ кэллэ. Онно култуурунай, өй-санаа, сиэр-майгы сыаннастара дьайыыларын түмүгэр идеология үөскүүр. Ол сыаннастары норуот түҥ былыргаттан илдьэ кэлбит. Ол иһин уопсастыба бары эйгэтин хабаллар. Ол иһин ити политолог  Алексей  Дзермант  Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн Саха сиригэр кэлэн ТҮМҮҮ-мунньахпытыгар  сылдьан кэрэхсээн, Саха сирин курдук түгэх сиртэн идеологтары Арассыыйа таһымыгар таһаарыахха диирэ сөптөөх,  олохтоох курдук буолан тахсар. Ол курдук, биһиги Ил Дархаммыт көтөҕөр тиэмэлэрэ, үлэлии сылдьар хайысхалара Бүтүн Арасссыыйа таһымнаахтар. Онон биһиги тэрийбит ТҮМҮҮ диэн уопсастыба санаатын этэр түһүлгэбит буолар.

Онно, биһиги  омукпут силиһиттэн-мутугуттан иитийэхтэнэн тахсар идеология үөскээһинэ сөптөөх хардыы буолар дии саныыбын. Аҥардас “Москваҕа эрэ Садовай кольцоттан өй-санаа үөскээн тахсар”  диэн татым өйдөбүл буоллаҕа дии… Арассыыйа киэҥ нэлэмэн киэлитигэр араас өйдөөх-санаалаах, идиэйэлэрдээх күүстээх идеологтар элбэхтэр.

Маннык дьоһуннаах тэрээһиммитигэр бэлэмнэнэн  “О присхождении народа Саха” диэн Иван Николаев кингэтин бэчээттээн таһаардыбыт. Ити Геокультурнай сайдыы института бастакы научнай монографияны таһааттарыыта буолар. Уруккаттан нэһилиэнньэҕэ киэҥник биллэр историческай, культурологическай “ИЛИН”  сурунаалы таһаардыбыт.  “МАНИФЕСТ  духовно-нравственных ценностей Республики Саха”  диэн улахан докумуону ылынныбыт. ТҮМҮҮГЭ туһаайар Резолюцияны  ылынныбыт.

Геокультурнай сайдыы института бу икки сыл устата бэрт элбэх үлэни тэрийэн ыытта. ТҮМҮҮ түһүлгэтигэр Саха сирин култууратын сэттэ сыллаах сайдар саҕахтарын анааран былааннаатыбыт.

Муус устар 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлэкэ күнүн бэлиэтиир уопсастыбаннас мунньаҕа «Өрөгөй» кииҥҥэ ыччаты кытта тэрийэр буоллубут. Ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ «Поколение ТҮМҮҮ” диэн ааттаан баран, бииргэ ыытыахха диэн этии киллэрдилэр.

Суруналыыс Николай Крылов сэһэргэстэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: