Аныгы кэм уоланнара — Өймөкөөҥҥө ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын дьоруойдара

Share

Олоҥхо дьоруойдарын тэҥэ аныгы кэм Үрүҥ Уоланнара суолталаах тэрээһин ыытыллар сылыгар төрөөбүт Өймөкөөннөрүн аар-саарга дорҕоонноохтук сураҕырдан, уолаттар Олоҥхо ыһыаҕын сынаарыйыгар киирдилэр.

Бу сонун көстүү туһунан сценарист Майя Власьева маннык быһаарда:

Олус сүгүрүйэ ааттыыр фольклориһым Сэһэн Боло сэрии аҕай иннинэ сурукка тиспит Өймөкөөн олоҥхоһуттара Максим Аммосов “Дугуйа Бөҕө”, Николай Атласов “Күн Эрили” олоҥхолоруттан сюжет ылан, эбэн-сабан суруйбутум. Түмүгэр, бүтүн саха норуота киэн туттар дьоно, Өймөкөөнтөн силистээх-мутуктаах Биэрэк Үрдүттэн Арассыыйа дьоруойа, «Боотур» добровольческай бастакы этэрээт хамандыыра Александр Колесов, сахалартан Эверест хайаны аан бастаан дабайбыт, туризмы сайыннарааччы Евгений Кривошапкин, Москваҕа, Магадаан уобалаһыгар саха атынан тиийбит экстремал-айанньыт Дугуйдаан Винокуров  XXI үйэ Айыы бухатыырдара буолан, Айыы санаа айанын айаннаабыттарын хоһуйан киллэрбитим.

Сынаарыйы киһи халлаан диэки хантаччы көрөн олорон суруйбат. Үгүс матырыйаалы, архыып чахчыларын хасыһан, ааҕан, ырытан, ситимнээн, олоҥхо тылынан дьүһүйэн таһаарыахтааххын. Ол курдук, 90 олоҥхо сюжетын ааҕарбар Олоҥхо институтун дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Руслан Анисимов электроннай матырыйаалларынан көмөлөһөн, үлэбин суһал соҕустук бүтэрбитим. Маны сэргэ, ыһыах алгысчыттарыттан биирдэстэрэ, Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ сирин-дойдутун, хайаларын ойуулуурбар сүбэтэ-соргута, төрөөбүт дойдутун дьыл түөрт кэмигэр түһэрбит хаартыскаларын ыытан, иэйиим уһуктарыгар олус  көмөлөстө.  Бу ааттаабыт дьоммор махталым муҥура суох.

Ити курдук, Олоҥхо ыһыаҕын көрсө үйэлэргэ хаалар үтүө дьыаланы оҥорон, төрөөбүт Өймөкөөннөрүн улууһун аар-саарга аатырбыт саха хоһууннара чиэстээхтик бэлиэтэннилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago