Кэнники кэмҥэ Дьокуускайга Аныгы нефрология уонна диализ киинэ аһыллан, доруобуйаларын туругун, чуолаан бүөрдэрин, көрдөрөр олус үчүгэй кыах баар буолбутун туһунан элбэх дьонтон иһиттим. Кинилэр: «Сүрүнэ, бырапыыска ирдэммэт, өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар улууһуттан кэлбит киһиэхэ аан аһаҕас, ким баҕалаах босхо кэлэн көрдөрөр», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтииллэр.
Марфа Николаевна Бурцева Саха судаарыстыбаннай университетын Мэдиссиинэ институтугар педиатр уонна Москватааҕы академияҕа юрист идэлэрин ылбыта. Үөрэҕин бүтэрээт да, үс сыл педиатрынан үлэлээн баран, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр сүрүн исписэлииһинэн ананан үлэлээбитэ. Онтон доруобуйа харыстабылын оччотооҕу миниистирэ Михаил Охлопков бирикээһинэн, Өлүөхүмэ улууһугар кылаабынай быраастаабыта. Улууска үлэлээн, улахан оскуоланы ааһан, билигин ыарыыны эрдэттэн булар өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох киин – Аныгы нефрология уонна диализ киинин кылаабынай бырааһа, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна.
Бу Киин кылаабынай бырааһа Марфа Николаевна Бурцеваны кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит.
Марфа БУРЦЕВА:
– 2020 сыл олунньутуттан Аныгы нефрология уонна диализ киинэ Дьокуускай куоракка, Лермонтов уул. 83 №-дээх дьиэтигэр аһыллан үлэтин саҕалаабыта. Ол эрээри, дойдубутугар коронавирус өрө туран, икки сылы быһа «кыһыл зонаҕа» сабыллан туран, диализка сылдьар короновирустаабыт ыарыһахтарбытын эмтээтибит, быыһаатыбыт. Онон, 2022 сыл түмүгүнэн Ил Дархан Айсен Николаев Махтал суругунан бэлиэтэммиппитинэн киэн туттабыт.
Биһиги диалиһынан эрэ дьарыктаммаппыт. «Аныгы нефрология киинэ» диэн мээнэҕэ ааттамматахпыт. 2020 сыл бүтүүтүттэн бүөр ыарыытын эрдэттэн сэрэтиинэн уонна ыарыыны эрдэ булан быһаарыынан, ыарыһаҕы диализка тириэрдибэккэ эмтээһининэн дьарыктанаары кэбиниэт арыйбыппыт. 2022 сыл түмүгүнэн, бу кэбиниэппитигэр 4 тыһыынча киһи көрдөрүннэ, сүбэ-ама ылла.
2020 сылтан сэттэ улуус кылаабынай бырааһын кытары сөбүлэһии түһэрсэммит, нефролог-быраастарбыт кинилэргэ тиийэн үлэлииллэр. Онуоха Улуустааҕы киин балыыһалар сүрэх ыарыылаах, хааннарын баттааһына уларыйар, саахарынай диабеттаах ыарыһахтарын бэлэмнээн көрсөллөр. Ол эбэтэр учуокка турар ыарыһахтарыгар сүбэ-ама биэрэбит. Ол түмүгэр ыарыыны эрдэттэн булуу көрдөрүүтэ биллэрдик үрдээтэ. Кинилэри диспансер кэтэбилигэр, учуокка ылабыт, куоракка кэбиниэппитигэр ыҥыран доруобуйаларын туругун бэрэбиэркэлиибит.
– Кииммит мэдиссиинэ сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылаан, саҥаттан саҥа уларыйыылары киллэрэр, үүнэр-сайдар, мэдиссиинэ аныгы ньымаларын туһанар. Ол курдук, 2020 сылтан дьиэҕэ диализтаныы көрүҥүн киллэрдибит. Урут наар Диализ киинигэр сылдьар эбит буоллахтарына, былырыын отучча киһи дьиэтигэр олорон диализтанар кыахтанна. Киин кинилэргэ буор босхо циклер аппарааты биэрэр, мэдиссиинискэй суурадаһыны илдьэн биэрэр. Үчүгэйэ диэн, дьиэҕэ диализтанар дьон толору олоҕунан олорор кыахтаналлар: үөрэнэллэр, үлэлииллэр. Аппарааттарын үлэ чааһын кэнниттэн түүн холбоноллор.
Дьиэтээҕи диализ, дьиҥэр, ыарыһахтарбытыгар барыларыгар сөп түбэһэр. Аан дойду статистикатын көрдөххө, сайдыылаах дойдуларга диализ анаммыт ыарыһахтарын 70 бырыһыаннара дьиэлэригэр диализтаныахтарын сөп.
Перитонеальнай диализ уонна гемодиализ диэн бааллар. Перитонеальнай диализка ыарыһах дьиэтигэр олорон диализтанар. Перитонеальнай – дьиэтээҕи диализка киниэхэ катетер олордоллор. Киһи тараһата хааны ыраастыыр функциялаах. Онон тараһа иһигэр катетер олордобут, ол катетерынан кини аппараакка холбонор, аппараат түүн устата хаанын ыраастыыр.
Бүөр ыарыһахтар уорганы көһөрүүгэ (трансплантацияҕа) барыахтарын баҕараллар. Онуоха уорганы көһөрөргө дьиэҕэ диализтаммыт дьон организма ордук харыстаныллыбыт, оннунан хаалбыт буолар. Оттон гемодиализка хааннарын искусственнай бүөрүнэн ыраастыыр буоллахтарына, сүрэх-тымыр систиэмэтигэр наһаа бэрдэ суохтук дьайар. Гемодиализка 4 лиитирэ хаан төттөрү-таары кутуллан ыраастанарыгар сүрэх-тымыр систиэмэтэ ноҕуруускаланар. Онон, организм үлэтин бэйэтин көрүҥүнэн хааллара сатыырга перитонеальнай диализ саамай сөптөөх. Куруук сүбэ-ама ылар штаты таһынан кылаабынай нефрологпыт Евгений Михайлович Шилов уонна Москва кылаабынай нефролога Олег Николаевич Котенко быһааралларынан, бүөрэ хаппыт ыарыһахха, бастатан туран, перинеотальнай диалиһы сүбэлииллэр (организм үлэлиир функциятын оннунан хаалларар, төһө кыалларынан түргэнник уорганы көһөрөр курдук).
Оттон гемодиализка чопчу Гемодиализ киинигэр кэлэллэр. Нэдиэлэҕэ үстэ кэлэн, 4-5 чаас хааннарын ыраастаталлар, ол аата искусственнай бүөргэ баайыылаах буолаллар. Манна сыһыаран эттэххэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр диализ үс киинэ баар. Онтон биһиги киэн туттарбыт диэн – Аныгы нефрология уонна диализ киинэ дьиэтээҕи перитонеальнай диалиһы сүрүннүүр.
Өрөспүүбүлүкэбит улуустарыгар Диализ кииннэрэ суохтар. Ол иһин, диализка анаммыт киһи эмтэнэр туһугар дьиэтин-уотун, үлэтин хаалларан туран, куоракка көһөн кэлэргэ күһэллэр. Аны куоракка кэллэҕинэ олорор дьиэ-уот, тырааныспар, олох-дьаһах атын да боппуруостара сытыытык тураллар. Бу киһи улахан стресскэ да киириэн сөп. Ол иһин, кини эмтэнии көрүҥүн анатан баран, дьиэтигэр олорон диализтаныан сөп.
Сорохтор бүөрдэрэ эмсэҕэлээбитин, ыалдьалларын истэн баран, сахалыы ньыманан эмтэнэ сатыыллар, ол табыллыбат. Бүөр хаппытын ханнык даҕаны сахалыы эмп кыайбат. Тоҕо диэтэххэ, бүөрэ хаппыт киһи сатаан ииктээбэт буолар, ииктээбэт буоллаҕына буортулаах бэссэстибэлэр (шлак) организмыгар хаалаллар, онтон кини сүрэҕэ, мэйиитэ, органа сыыйа-баайа ыалдьан барар.
Уопсайынан эттэххэ, ханнык баҕарар диализка сылдьар дьон олохторо уһуур, олохторун хаачыстыбата тупсар.
– Биһиги санаабытынан, бүөр ыарыыта 50-60 кыраадыстаах тыйыс тымныыбытыгар, атын ыарыылар курдук, өрө турар (эпидемиологическай) ыарыынан көрүллүөн наада быһыылаах. Тоҕо диэтэххэ, бүөр сүрүннээн тымныыттан эмсэҕэлиир уонна улуустарга уубут, аһылыкпыт хаачыстыбата олус үчүгэйэ суох. Инньэ гынан, бүөр ыарыытын өрөспүүбүлүкэҕэ дьоһуннаахтык көрүөххэ уонна оннук сыһыаннаһыахха наада. Бүөр диэн иккис сүрэх буоллаҕа. Тугу испиппит-аһаабыппыт чопчу бүөрбүтүнэн ыраастанан тахсар. Бүөр курдук сүрүн уорган, хатан хаалан сүгүн үлэлээбэт буоллаҕына, биллэн турар, перитонеальнай диализ наада буолар. Онон, биһиги үлэбитигэр саамай сүрүнэ – ыарыыны эрдэттэн быһаарыы. Холобур, нэһилиэнньэни сыл аайы диспансеризацияҕа ыҥырабыт. Диспансеризация кэмигэр бүөр ыарыыта хайдах биллэрий? Иик уонна хаан анаалыһынан. Иик анаалыһа белоктаах, лейкоциттаах буолуон сөп. Аны хааныгар креатинина үрдүк буоллаҕына, боппуруос турар. Хааннарын баттааһына үрдүк дьон элбэхтэр. Хомойуох иһин, хаан баттааһынын эмтэммэт дьон бааллар. Күн аайы эмкин иһэн, хаан баттааһынын туруктаах оҥоруохтааххын. Оннук эмтэммэтэххинэ бүөргэр охсор. Бүөрүҥ ноҕуруускаланна да, хатан киирэн барар.
Аны саахарынай диабет наһаа тарҕаммыт ыарыы. Маннык ыарыылаах киһи күн аайы эмтэммэтэҕинэ, саахара үрдүүр. Саахар киһи хааныгар үрдүк буоллаҕына, саахардаах хаан бүөрү сиир. Инньэ гынан, саахардара үрдүк ыарыһахтар харахтара, бүөрдэрэ мөлтүүрүн таһынан, ортрит уо.д.а. курдук систиэмнэй ыарыылар үөскүүллэр, түмүгэр бүөр эмсэҕэлиир. Организм үлэтэ барыта бүөрү кытары ситимнээх.
Ол иһин түгэнинэн туһанан этиэхпин баҕарабын: бириэмэни мүччү тутумаҥ, доруобуйаҕытыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһыҥ. Биһиги кэбиниэппит Булгуччулаах мэдиссиинискэй страховканан эһигини буор босхо көрөр, +79644173614 уонна +79644299277 төлөпүөннэринэн эрийэн, эрдэттэн суруйтаран кэлиэххэ эрэ наада. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун барыларын көрөбүт.
– Былырыын стационарнай куойкалары арыйдыбыт. Кэбиниэппитигэр кэлэн бүөрүн бэрэбиэркэлэтэр, эмтэнэр наада буоллаҕына, уочарата суох биһиги стационарбытыгар киирэр кыахтанар.
Биһиги «норуокка чугас буолуохтаахпыт» диэн тускулу тутуһан үлэлиибит. Бүлүү бөлөх оройуоннарын хабар Диализ киинин Ньурбаҕа арыйаары сыдьабыт. Онуоха СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата Антонина Григорьева туруорсан, улахан өйөбүлү оҥорор. Ньурба баһылыга Алексей Иннокентьев өйөөн, дьиэ биэрэн, өрөмүөн үлэтэ ыытылла турар.
Биһиги аадырыспыт:Дьокуускай куорат. Лермонтов уул. 83 нүөмэрдээх дьиэтэ, 89644173614 89644299277
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…