Аныгы нефрология уонна диализ киинэ бэйэтин кыаҕын улаатыннарар. Киин үлэһиттэрин бастакы уочараттаах соруктарынан бүөрдэригэр дьарҕа ыарыылаах эмтэнээччилэргэ хаачыстыбалаах мэдиссиинискэй көмөнү оҥоруу буолар.
Кииҥҥэ перитониальнай диализка, гемодиализка уонна нефролог-быраас кэбиниэтин учуотугар турар (диализ түһүмэҕэр тиийэ иликтэр) ыарыһахтарга сүбэ-ама биэрэр соруктаах “Ринал-Сервис” ХЭО генеральнай дириэктэрэ, кылаабынай бырааһа, нефролог-быраас, хирург-быраас, 2017-2019 сылларга Самара уобалаһын Доруобуйаҕа харыстабылыгар министиэристибэтин бүөрү солбуйар терапия салаатыгар штаты таһынан кылаабынай исписэлииһэ Андрей Владимирович Шерстнев биир нэдиэлэ устата үлэлээтэ.
Перитонеальнай диализка эмтэнээччилэри сүрүннүүр биир идэлээхпит биир нэдиэлэ устата Аныгы нефрология уонна диализ киинин үлэтин сиһилии билистэ, 24 эмтэнээччигэ тустаах сүбэни-аманы биэрдэ, нефрология ыарыһахтарын отделениеларыгар сырытта.
Андрей Владимирович икки бастакы күнүгэр перитониальнай диализ уонна дьиэҕэ перитонеальнай диализка эмтэнии бырагыраамаларын чопчулаата.
Перитонеальнай диализка сүбэлэтээри-амалатаары улуустартан эмтэнээччилэр анаан-минээн кэллилэр. Билигин Аныгы нефрология уонна диализ киинигэр дьиэтээҕи диалиһы (автоматизированнай) 28 киһи ылар, кинилэртэн 17-тэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар олорор.
«Биһиги киин үлэтиттэн уонна бэйэбит быраастарбыт атын эрэгийиэннэр быраастарын кытары бииргэ үлэлииллэриттэн олус астынабыт. Мин Хаҥалас улууһун ыраах дэриэбинэтиттэн кэллим уонна биир боппуруоһу интэриэһиргээбитим: ис көҥдөйүгэр сыһыарыллыбыт катетерым элбэхтик массыынанан айанныыр уонна сахсыллар кэммэр миэстэтиттэн сыҕарыйыа суоҕа дуо диэн этэ. Онтон билигин Андрей Владимирович катетербын көрөн баран барыта кэминэн диэн бигэргэппитин кэннэ аны нус-хас айанныам. Биһиэхэ хайыы үйэ чугас дьонум курдук буолбут быраастарбар, мэдиссиинискэй сиэстэрэлэрбэр уонна биэлсэрбэр эмтэнээччилэргэ кыһамньыларын иһин олус махтанабын”, — диэн Мария М. кэпсээтэ.
Оттон Амма улууһуттан кэлбит Петр П.:
«Дьиэтээҕи диализка көһүөхпүттэн ыла мин олоҕум үчүгэй өттүгэр уларыйда. Мин бүгүн Андрей Владимировиһы көрсө эмиэ анаан-минээн кэллим. Ыйытыыларбар харданы ыллым, түгэнинэн туһанан көрдөрүөхтээх исписэлиистэрбэр барыларыгар сырыттым. Уопсайынан, Киин эмтэнээччитэ төрөппүттэрдээх курдук сананар, ол эбэтэр ыарыыбытын кытары соҕотоҕун хаалбаппыт. Мин хаһан баҕарар эмчиттэрбэр эрийэн ыйытыахпын уонна кэлиэхпин сөп. Мин, атын доруобай дьон курдук, эмиэ үлэлиибин, онтон түүн автоматизированнай ыраастаныыны оҥоробун. Тугу баҕарар аһыыбын, аймахтарбар ыалдьыттыыбын, ол эбэтэр мин диалиһы ылар сиргэ бааллан хаалбаппын. Мин уонна аймахтарым Киин эмчиттэрин кыһамньытыттан үөрэллэр”.
“Перитонеальнай диализ көмөтүнэн эмтэнээччи дьиэ усулуобуйатыгар хаанын бэйэтэ ыраастанар уонна баран гемодиализ ыларыгар анал кииннэргэ нэдиэлэҕэ үстэ түөртэ кэлбэт. Мин итини олус улахан табыллыынан ааҕабын. Эмтэнээччилэр социальнай өттүнэн актыыбынай буолаллар, үлэлиэхтэрин, үөрэниэхтэрин уонна диализ кииннэриттэн ыраах баран сынньаныахтарын сөп. Чугас дьонноругар эмиэ үчүгэй – кинилэр тырааныспар кыһалҕатын быһаара сатыыллара наадата суох буолар. Бу ордук ыраах сытар улуустардаах Саха сиригэр олус суолталаах. Ону таһынан тыыннаах хаалыы көрдөрүүтэ ордук тупсара олус улахан ситиһии. Биллэн турар, ыарыһахтар олохторун хаачыстыбата уонна социальнай реабилитация, бүөрү көһөрүү түмүктэригэр үчүгэй дьайыы – бу барыта 5 стадиялаах эмтэнээччилэргэ бүөрү эмтиир терапияны солбуйар көрүҥ буоларын көрдөрөр”.
«Үчүгэйкээн дуоктордар, биир идэлээхтэрим эмтиир тэриллэринэн сэбилэммит Кииҥҥэ үрдүк таһымнаахтык үлэлииллэр. Эрэгийиэннэргэ уонна өрөспүүбүлүкэлэргэ барыларыгар маннык таһымнаах кииннэр аһыллыбаттар. Мин ордук Аныгы нефрология уонна диализ киинигэр эмтэнээччилэри кытары олус истиҥ уонна сөптөөх сыһыан олохтоммутун сөбүлээтим. Биэлсэрдэр уонна дуоктордар патронаж оҥороллоро уонна телемэдиссиинэ сибээһэ тиһигин быспакка үлэлиирэ – улахан табыллыы. Тоҕо диэтэххэ, эмтэнээччилэр араас ыйытыылара түүн да, күнүс да үөскүөн сөп. Маныаха сыһыаннаан, эһиги кииҥҥитигэр олус элбэх үлэ ыытыллыбыт уонна ыытыллар”, — диэн Андрей Шерстнев тус санаатын үллэһиннэ.
Киин салалтата (кылаабынай быраас — Марфа Николаевна Бурцева уонна кылаабынай бырааһы эмтиир үлэҕэ солбуйааччы Ксения Дмитриевна Давыдова) бииргэ үлэлээһин иһин Андрей Владимировичка махтанна уонна кини өссө кэлэрин хайыы үйэ күүтэллэрин туһунан эттилэр. Дьэ, Кииҥҥэ маннык киэҥ ис хоһоонноох уонна көдьүүстээх оробуочай нэдиэлэ ааста.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…