Салгыы
Аныгы оҕо уйулҕата тоҕо чарааһый?

Аныгы оҕо уйулҕата тоҕо чарааһый?

01.09.2024, 12:00
https://pxhere.com/
Бөлөххө киир:

«Биһиги саҕана уончалаах оҕолор оҕус сиэтэллэрэ, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлииллэрэ…» диэн эбэм оҕо сааһын ахта олорон биһиги көлүөнэ оҕолору сэмэлиирдии саҥатын үгүстүк истибитим. Биһиги оччолорго оҕус да сиэппэтэрбит, тыа сирин бары үлэтигэр сыстан үлэлии сатыырбыт. Урут оҕо уйулҕатыгар улахан болҕомто ууруллубат буолара. Оҕо улахан киһини утары көрбөт, учууталы убаастыыр, төрөппүтүн тылын истэр. Бэрт гыннар, сайыҥҥы киэһэ  магнитофоҥҥа эбэтэр плеергэ муусука истэр, дэриэбинэ устун доҕотторун кытта хаамсар. Оттон билиҥҥи оҕо хайдаҕый. Тоҕо кини уйулҕата чарааһаата?

 

Сыыппара эйгэтин дьайыыта

Дьиктитэ диэн, билиҥҥи оҕолор, чахчы, атын көлүөнэ дьон буолаллар. Олоҕу, буола  турар быһыыны-майгыны, тулалыыр эйгэни ылыныылара ураты. Аныгы көлүөнэ майгыта-сигилитэ кинилэр билиини-көрүүнү бастаан кинигэттэн, сурунаалтан, онтон кэлин сыыппара эйгэтиттэн ылыыларыттан саҕаламмыт диэн бэлиэтииллэр эспиэртэр. Ол эбэтэр, аныгы оҕо куһаҕан буолбатах, кини урукку көлүөнэттэн атын.  Арай толкуйдуур дьоҕура уларыйан биэрбит. Урукку көлүөнэ бытааннык, сиһилии, ырыҥалаан, толкуйдаан ханнык эрэ түмүккэ кэлэр буоллаҕына, аныгы оҕо түргэнник, биир мөлүк ылан уобарастаан көрүүтэ түргэтээбитин бэлиэтииллэр.

Аныгы оҕо туга ыалдьарый?

Оҕо уйулҕатын быһаарар эспиэртэр бэлиэтииллэринэн, билигин гаджет эйгэтэ аныгы оҕолорго хайдах дьайбытын 10-15 сылынан эрэ быһаарар кыахтаах­тар. Бу сыыппара эйгэтин оҕолоро ханнык көлүөнэни иитэн таһаа­рарыттан тутулуктаах. Ол эрээри түмүктэр хайдах буолуох­тарын сөбүн Федор Катасонов диэн Арассыыйаҕа биллэр оҕо быраа­һа быһаарбытынан, аныгы оҕолор ыарыылара кытта уларыйбыт эбит. Урукку өттүгэр инфекцион­най ыарыылар сэрэхтээх эбит буоллахтарына, билигин оҕо үксэ бронхиттыыр, аллергиялыыр, болҕомто тиийбэтиттэн сыл­таан гиперактивнай эбэтэр бэйэтигэр аһары бүгэр аутичес­кай буол­бут. Кинилэр эттэрэ-сиин­нэрэ буолбакка, дууһалара ыалдьар диэн бэлиэтээбит бы­­раас. Онон оҕоттон гаджетын былдьыыр үтүө түмүккэ тиэрдибэтин этэр. Төрөппүт бэйэтин уйулҕатын кыһалҕатын сатаан быһаарбатыттан оҕотугар сатаан көмөлөһөр кыаҕа суох эбит. Кини үлэтинэн эрэ олорор. Төрөппүт социальнай эйгэҕэ киэҥник биллэ-көстө сатыыр. Дьиҥ олоҕунан олорбокко, экран нөҥүө олоҕун барытын көрдөрөр, бэйэтин эрэ сайыннара сатыыр. Кини санаатыгар, сайдыы­лаах төрөппүт эрэ оҕотугар элбэҕи биэрэр. Оттон дьиҥ тапталга ийэ, аҕа олоххо төһө ситиһиилээхтэрэ дьайбат. Кини төрөппүтүн киһи быһыытынан уонна төһө чугаһынан ылынар буоллаҕа.

Сатаан доҕордоспоттор

Аныгы оҕолор социальнай ситимҥэ тыһыынчаҕа тиийэ доҕордонуохтарын сөп. Ол эрээри дьиҥ олоххо доҕордоро суоҕун тэҥэ. Ол туһуттан төрөппүттэр бэйэлэрин холобурдарынан, хайдах дьону кытта доҕордоһуох­ха сөбүн көрдөрүөхтээхтэр диэн уйулҕа үлэһиттэрэ сүбэлииллэр. Аныгы оҕо  үксэ бэйэмсэх. Сатаан санаатын үллэстибэт, аһаҕастык эппэт. Оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр дьаарбайа да тиийдэхтэринэ, төлөпүөҥҥэ оонньууллар эбэтэр мультик көрөллөр. Оннооҕор бэйэлэрин сатаан аралдьытыммат буоланнар, төрөөбүт күннэргэ, бырааһынньыктарга аниматор саататарын күүтэллэр. Аныгы оҕо уратыта – хамсаныан, сүүрүөн-көтүөн баҕарбат. Манна оскуолаҕа физкултуура уруо­гун чааһа аҕы­йаҕа эмиэ дьа­­йар. Оттон эт-­сиин өттүнэн эньиэр­гийэтин сатаан таһаарбат оҕо уйулҕата уйан буолар. Кини барытын иһигэр тутар, аралдьыйара төлөпүөнэ эбэтэр планшета буолар.

Эрдэҕэс сааска соҕотохсуйуу

Давид Фельдштейн диэн сэбиэс­кэй кэмнээҕи Арассыыйа психолога, педагог быһаарбытынан, аныгы оҕолор сатаан оонньооботтор эбит. Илиилэринэн ону-маны оҥорон моторикаларын кэмигэр сайыннарбатах буолуохтарын сөп.  Ону таһынан, саҥа оскуолаҕа киирэр оҕо 25%-на бэйэтин сатаан көрүммэт, кыра да кыһалҕаны төрөппүтэ суох сатаан быһаарбат буолбут. 1997-2012 сс. чинчийии түмүгэ быһаарбытынан, ити 15 сыл устата 6-10 саастарыгар диэри саастаах оҕолор дойду араас эрэгийиэннэригэр саҥаралларыгар эрэйдэнэллэрин туһунан көрдөрүү икки төгүл үрдээбит. Ол курдук 90-c сылларга эрдэҕэс саастаах оҕолор соҕотохсуйууларын көрдөрүүтүнэн 4-5 миэстэҕэ сылдьыбыт буоллаҕына, 2012 сыллаахха  12-15 саастаах оҕолор уйулҕаларыгар соҕотохсуйуу иккис миэстэҕэ тахсыбыт. Уйулҕа өттүнэн кыһалҕалаах оҕо ахсаана сылтан сыл ахсын элбээн иһэрин Фельдштейн быһаарар.

Оҕо уйулҕатын хайдах бөҕөргөтөбүт?

Оҕо киһи буолан тахсыытыгар 9-12 сааһа улахан оруол­лаах. Оҕо бу сааһын уйулҕа үлэһиттэрэ кыыһырымтаҕай сааһынан ааттыыллар эбит. Оҕо бэйэтин ылыммат, төрөппүттэригэр кыыһырар буолуон сөп. Туохтан саҕаланыан сөбүй? Бастатан туран, төрөппүт аһары ирдэбиллээх, атын оҕолорго өрүү тэҥ­­ниир буоллаҕына, маннык көстүүнү көрсүөн сөп.  Иккиһинэн, саас­тыылаахтарын дьайыыта эмиэ оруоллаах.

Кэриэйэнэн үлүһүйүү саха оҕотугар барсар дуо?

Оҕо эрдэҕэс сааһыгар өйө-санаата, физиологията, майгыта барыта тосту уларыйыан сөп. Кыра оҕо буолан бүтэр. Ситэр, сайдар. Ол иһин ыччат субкултууратынан үлүһүйүөн сөп. Маннык кэмҥэ оҕоҕо төрөппүттэрин аптарытыата ааһар, саас­тыылаахтарын санааларын ордук чугастык ылынар буолар. Тоҕо диэтэххэ, соҕотох буолуон баҕарбат. Ол иһин бу сааска оҕолор араас бөлөхтөргө арахсаллар. Ким эрэ успуордунан дьарыктанар, ким эрэ көмпүүтэргэ оонньуур, ким эрэ кэриэйэ кии­­нэлэринэн үлүһүйэр. Төрөппүт манна сыһыанын уларытыан наада. Урукку курдук кыра курдук санаабакка, оҕотун тус санаа­тын, тугу сэҥээрэрин ылынарга дьулуһуохтаах. Кинини убаас­тыахтаах. Оҕону урукку туругар төннөрө сатыыр буоллаххына, бу уйулҕатыгар охсуу­лаах буо­луон сөп. Мантан сылтаан кыыһырсыы, өйдөспөт буолуу түгэннэрэ тахсаллар. Оҕону бэйэ тылыгар киллэрэ сатыыр сатаммат. Төһөнөн улаатар, соччонон киниэхэ эппиэтинэс уонна көҥүл биэрэргэ кыһаллыахтааххыт. Ханнык да уустук балаһыанньаны кэпсэтэн быһаарыахха сөп.

Психолог сүбэтэ:

Надежда Васильева, «Надежда» уйулҕа киинин салайааччыта, Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба чилиэнэ, дьиэ кэргэн психолога:

– Сэмэй, кыбыстанньаҥ оҕоҕо хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?

– Маннык чараас туруктаах оҕолору интроверт диэн ааттыыллар. Ол аата, кини атын дьону кытта кэпсэтэрин ыарырҕатар, оннукка наадыйбат даҕаны. Бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьарын ордорор. Маннык оҕолор кэлин улаатан программист, худуоһунньук буолуохтарын сөп. Бу куһаҕан да, үчүгэй да буолбатах. Оҕо бэйэтин уйулҕатын уратыта буолар. Оттон экстраверт оҕолор чэпчэкитик билсэллэр, уопсай тылы начаас булаллар, уопсастыбаҕа талаһаллар. Кинилэри элбэх дьон тулалыырын сөбүлүүллэр. Интроверт оҕо төттөрүтүн, уопсастыбаттан, элбэх оҕоттон сылайыан сөп. Төрөппүт кинини уларытыан баҕарара сыыһа. Хас биирдии төрөппүт оҕото лиидэр буолуон баҕарар. Ол эрээри интроверт майгылаах оҕо ньиэрбэтин систиэмэтэ оннук буоллаҕа, ону төрөппүт уларытар кыаҕа суох. Төттөрүтүн бу уратытын өйдүү, көмөлөһө сатыахтаах. Элбэҕи ирдээбэккэ, мөхпөккө, кыыһырбакка тулуйуохтаах. Маннык оҕолор адаптацияны уһуннук ааһаллар. Кинилэр кэлэктиипкэ бытааннык киирэллэр. Сыл да ааһыан сөп. Маннык оҕолор уларыйыыны ыараханнык ылыналлар.

– Буллинтан хайдах көмүскэниэххэ сөбүй?

– Буллинг диэн өйдөбүл сэбиэскэй кэмтэн баар. Роман Быков «Чучело» киинэтигэр бу көстүү ырылхайдык ойууламмыта. Кылаас барыта биир оҕону сэнииллэр, атаҕастыыллар. Билигин социальнай ситим нөҥүө бу көстүү баар буолуон сөп. Манна оҕоҕо төрөппүттэриттэн улахан өйөбүл наада. Төрөппүт ситэ билбэккэ, «эн тугу эрэ сыыһа гыммытыҥ буолуо» диэн буруйдуура сыыһа. Оҕо бэйэтэ кылаас утары кыайан турбат. Кини көмүскэлэ суох курдук сананар. Бу балаһыанньаны төрөппүт эрэ быһаарар кыахтаах. Ол курдук, оскуолаҕа тиийэн кылаас салайааччытын, атаҕастыыр оҕолор төрөппүттэрин кытта кэпсэтэн, оскуола дьаһалтатыгар, сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар тэрилтэҕэ тиийэ. Кыра да балаһыанньаны оҕо уустугурдар, ол иһин төрөппүт көмүскэлин көрдөрүөхтээх. Төрөппүттэрэ өйүүллэрин, көмүскэһэллэрин билэ улааттаҕына, бэйэтигэр эрэллээх буолар. Маннык балаһыанньаны быһаарсар хайаан да наада. Туох эрэ буоллаҕына, кыһалҕаны кытта соҕотох хаалбатын оҕо билиэхтээх.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: