«Биһиги саҕана уончалаах оҕолор оҕус сиэтэллэрэ, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлииллэрэ…» диэн эбэм оҕо сааһын ахта олорон биһиги көлүөнэ оҕолору сэмэлиирдии саҥатын үгүстүк истибитим. Биһиги оччолорго оҕус да сиэппэтэрбит, тыа сирин бары үлэтигэр сыстан үлэлии сатыырбыт. Урут оҕо уйулҕатыгар улахан болҕомто ууруллубат буолара. Оҕо улахан киһини утары көрбөт, учууталы убаастыыр, төрөппүтүн тылын истэр. Бэрт гыннар, сайыҥҥы киэһэ магнитофоҥҥа эбэтэр плеергэ муусука истэр, дэриэбинэ устун доҕотторун кытта хаамсар. Оттон билиҥҥи оҕо хайдаҕый. Тоҕо кини уйулҕата чарааһаата?
Дьиктитэ диэн, билиҥҥи оҕолор, чахчы, атын көлүөнэ дьон буолаллар. Олоҕу, буола турар быһыыны-майгыны, тулалыыр эйгэни ылыныылара ураты. Аныгы көлүөнэ майгыта-сигилитэ кинилэр билиини-көрүүнү бастаан кинигэттэн, сурунаалтан, онтон кэлин сыыппара эйгэтиттэн ылыыларыттан саҕаламмыт диэн бэлиэтииллэр эспиэртэр. Ол эбэтэр, аныгы оҕо куһаҕан буолбатах, кини урукку көлүөнэттэн атын. Арай толкуйдуур дьоҕура уларыйан биэрбит. Урукку көлүөнэ бытааннык, сиһилии, ырыҥалаан, толкуйдаан ханнык эрэ түмүккэ кэлэр буоллаҕына, аныгы оҕо түргэнник, биир мөлүк ылан уобарастаан көрүүтэ түргэтээбитин бэлиэтииллэр.
Оҕо уйулҕатын быһаарар эспиэртэр бэлиэтииллэринэн, билигин гаджет эйгэтэ аныгы оҕолорго хайдах дьайбытын 10-15 сылынан эрэ быһаарар кыахтаахтар. Бу сыыппара эйгэтин оҕолоро ханнык көлүөнэни иитэн таһаарарыттан тутулуктаах. Ол эрээри түмүктэр хайдах буолуохтарын сөбүн Федор Катасонов диэн Арассыыйаҕа биллэр оҕо бырааһа быһаарбытынан, аныгы оҕолор ыарыылара кытта уларыйбыт эбит. Урукку өттүгэр инфекционнай ыарыылар сэрэхтээх эбит буоллахтарына, билигин оҕо үксэ бронхиттыыр, аллергиялыыр, болҕомто тиийбэтиттэн сылтаан гиперактивнай эбэтэр бэйэтигэр аһары бүгэр аутическай буолбут. Кинилэр эттэрэ-сииннэрэ буолбакка, дууһалара ыалдьар диэн бэлиэтээбит быраас. Онон оҕоттон гаджетын былдьыыр үтүө түмүккэ тиэрдибэтин этэр. Төрөппүт бэйэтин уйулҕатын кыһалҕатын сатаан быһаарбатыттан оҕотугар сатаан көмөлөһөр кыаҕа суох эбит. Кини үлэтинэн эрэ олорор. Төрөппүт социальнай эйгэҕэ киэҥник биллэ-көстө сатыыр. Дьиҥ олоҕунан олорбокко, экран нөҥүө олоҕун барытын көрдөрөр, бэйэтин эрэ сайыннара сатыыр. Кини санаатыгар, сайдыылаах төрөппүт эрэ оҕотугар элбэҕи биэрэр. Оттон дьиҥ тапталга ийэ, аҕа олоххо төһө ситиһиилээхтэрэ дьайбат. Кини төрөппүтүн киһи быһыытынан уонна төһө чугаһынан ылынар буоллаҕа.
Аныгы оҕолор социальнай ситимҥэ тыһыынчаҕа тиийэ доҕордонуохтарын сөп. Ол эрээри дьиҥ олоххо доҕордоро суоҕун тэҥэ. Ол туһуттан төрөппүттэр бэйэлэрин холобурдарынан, хайдах дьону кытта доҕордоһуохха сөбүн көрдөрүөхтээхтэр диэн уйулҕа үлэһиттэрэ сүбэлииллэр. Аныгы оҕо үксэ бэйэмсэх. Сатаан санаатын үллэстибэт, аһаҕастык эппэт. Оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр дьаарбайа да тиийдэхтэринэ, төлөпүөҥҥэ оонньууллар эбэтэр мультик көрөллөр. Оннооҕор бэйэлэрин сатаан аралдьытыммат буоланнар, төрөөбүт күннэргэ, бырааһынньыктарга аниматор саататарын күүтэллэр. Аныгы оҕо уратыта – хамсаныан, сүүрүөн-көтүөн баҕарбат. Манна оскуолаҕа физкултуура уруогун чааһа аҕыйаҕа эмиэ дьайар. Оттон эт-сиин өттүнэн эньиэргийэтин сатаан таһаарбат оҕо уйулҕата уйан буолар. Кини барытын иһигэр тутар, аралдьыйара төлөпүөнэ эбэтэр планшета буолар.
Давид Фельдштейн диэн сэбиэскэй кэмнээҕи Арассыыйа психолога, педагог быһаарбытынан, аныгы оҕолор сатаан оонньооботтор эбит. Илиилэринэн ону-маны оҥорон моторикаларын кэмигэр сайыннарбатах буолуохтарын сөп. Ону таһынан, саҥа оскуолаҕа киирэр оҕо 25%-на бэйэтин сатаан көрүммэт, кыра да кыһалҕаны төрөппүтэ суох сатаан быһаарбат буолбут. 1997-2012 сс. чинчийии түмүгэ быһаарбытынан, ити 15 сыл устата 6-10 саастарыгар диэри саастаах оҕолор дойду араас эрэгийиэннэригэр саҥаралларыгар эрэйдэнэллэрин туһунан көрдөрүү икки төгүл үрдээбит. Ол курдук 90-c сылларга эрдэҕэс саастаах оҕолор соҕотохсуйууларын көрдөрүүтүнэн 4-5 миэстэҕэ сылдьыбыт буоллаҕына, 2012 сыллаахха 12-15 саастаах оҕолор уйулҕаларыгар соҕотохсуйуу иккис миэстэҕэ тахсыбыт. Уйулҕа өттүнэн кыһалҕалаах оҕо ахсаана сылтан сыл ахсын элбээн иһэрин Фельдштейн быһаарар.
Оҕо киһи буолан тахсыытыгар 9-12 сааһа улахан оруоллаах. Оҕо бу сааһын уйулҕа үлэһиттэрэ кыыһырымтаҕай сааһынан ааттыыллар эбит. Оҕо бэйэтин ылыммат, төрөппүттэригэр кыыһырар буолуон сөп. Туохтан саҕаланыан сөбүй? Бастатан туран, төрөппүт аһары ирдэбиллээх, атын оҕолорго өрүү тэҥниир буоллаҕына, маннык көстүүнү көрсүөн сөп. Иккиһинэн, саастыылаахтарын дьайыыта эмиэ оруоллаах.
Оҕо эрдэҕэс сааһыгар өйө-санаата, физиологията, майгыта барыта тосту уларыйыан сөп. Кыра оҕо буолан бүтэр. Ситэр, сайдар. Ол иһин ыччат субкултууратынан үлүһүйүөн сөп. Маннык кэмҥэ оҕоҕо төрөппүттэрин аптарытыата ааһар, саастыылаахтарын санааларын ордук чугастык ылынар буолар. Тоҕо диэтэххэ, соҕотох буолуон баҕарбат. Ол иһин бу сааска оҕолор араас бөлөхтөргө арахсаллар. Ким эрэ успуордунан дьарыктанар, ким эрэ көмпүүтэргэ оонньуур, ким эрэ кэриэйэ киинэлэринэн үлүһүйэр. Төрөппүт манна сыһыанын уларытыан наада. Урукку курдук кыра курдук санаабакка, оҕотун тус санаатын, тугу сэҥээрэрин ылынарга дьулуһуохтаах. Кинини убаастыахтаах. Оҕону урукку туругар төннөрө сатыыр буоллаххына, бу уйулҕатыгар охсуулаах буолуон сөп. Мантан сылтаан кыыһырсыы, өйдөспөт буолуу түгэннэрэ тахсаллар. Оҕону бэйэ тылыгар киллэрэ сатыыр сатаммат. Төһөнөн улаатар, соччонон киниэхэ эппиэтинэс уонна көҥүл биэрэргэ кыһаллыахтааххыт. Ханнык да уустук балаһыанньаны кэпсэтэн быһаарыахха сөп.
Психолог сүбэтэ:
Надежда Васильева, «Надежда» уйулҕа киинин салайааччыта, Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба чилиэнэ, дьиэ кэргэн психолога:
– Сэмэй, кыбыстанньаҥ оҕоҕо хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?
– Маннык чараас туруктаах оҕолору интроверт диэн ааттыыллар. Ол аата, кини атын дьону кытта кэпсэтэрин ыарырҕатар, оннукка наадыйбат даҕаны. Бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьарын ордорор. Маннык оҕолор кэлин улаатан программист, худуоһунньук буолуохтарын сөп. Бу куһаҕан да, үчүгэй да буолбатах. Оҕо бэйэтин уйулҕатын уратыта буолар. Оттон экстраверт оҕолор чэпчэкитик билсэллэр, уопсай тылы начаас булаллар, уопсастыбаҕа талаһаллар. Кинилэри элбэх дьон тулалыырын сөбүлүүллэр. Интроверт оҕо төттөрүтүн, уопсастыбаттан, элбэх оҕоттон сылайыан сөп. Төрөппүт кинини уларытыан баҕарара сыыһа. Хас биирдии төрөппүт оҕото лиидэр буолуон баҕарар. Ол эрээри интроверт майгылаах оҕо ньиэрбэтин систиэмэтэ оннук буоллаҕа, ону төрөппүт уларытар кыаҕа суох. Төттөрүтүн бу уратытын өйдүү, көмөлөһө сатыахтаах. Элбэҕи ирдээбэккэ, мөхпөккө, кыыһырбакка тулуйуохтаах. Маннык оҕолор адаптацияны уһуннук ааһаллар. Кинилэр кэлэктиипкэ бытааннык киирэллэр. Сыл да ааһыан сөп. Маннык оҕолор уларыйыыны ыараханнык ылыналлар.
– Буллинтан хайдах көмүскэниэххэ сөбүй?
– Буллинг диэн өйдөбүл сэбиэскэй кэмтэн баар. Роман Быков «Чучело» киинэтигэр бу көстүү ырылхайдык ойууламмыта. Кылаас барыта биир оҕону сэнииллэр, атаҕастыыллар. Билигин социальнай ситим нөҥүө бу көстүү баар буолуон сөп. Манна оҕоҕо төрөппүттэриттэн улахан өйөбүл наада. Төрөппүт ситэ билбэккэ, «эн тугу эрэ сыыһа гыммытыҥ буолуо» диэн буруйдуура сыыһа. Оҕо бэйэтэ кылаас утары кыайан турбат. Кини көмүскэлэ суох курдук сананар. Бу балаһыанньаны төрөппүт эрэ быһаарар кыахтаах. Ол курдук, оскуолаҕа тиийэн кылаас салайааччытын, атаҕастыыр оҕолор төрөппүттэрин кытта кэпсэтэн, оскуола дьаһалтатыгар, сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар тэрилтэҕэ тиийэ. Кыра да балаһыанньаны оҕо уустугурдар, ол иһин төрөппүт көмүскэлин көрдөрүөхтээх. Төрөппүттэрэ өйүүллэрин, көмүскэһэллэрин билэ улааттаҕына, бэйэтигэр эрэллээх буолар. Маннык балаһыанньаны быһаарсар хайаан да наада. Туох эрэ буоллаҕына, кыһалҕаны кытта соҕотох хаалбатын оҕо билиэхтээх.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…