Аныгылыы көрүҥнээх Тиэлигигэ
Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигитигэр өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуота тэрээһиннээхтик ыытылынна. Отчуот Арассыыйа Саха сирин норуодунай артыыската Степанида Ильинична Борисова аатынан култуура киинигэр буолла.
Манна туруу үлэһит дьон түөлбэлээн олорор сэлиэнньэтэ. Тиэлигигэ 535 киһи олорор, онон бүгүҥҥү отчуокка чыамайыкылар курдук эмиэ көхтөөхтүк кэллилэр. 1 Наахара нэһилиэгин олохтоохторо ордук бырамыысыланнас үлэтин, үлэ миэстэтинэн хааччыйыы туһунан иккис бөлөх салайааччыта, өрөспүүбүлүкэ Бырамыысыланнаска, геологияҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Кириллин сиһилии кэпсээнин иһиттилэр.
«Карьертан таас таһаллар даҕаны, бэйэбит суолбут мөлтөх. Төһө да муниципальнай диэбиттэрин иһин», – диир бааһынай хаһаайыстыба баһылыга. Ону сэргэ хотон туттаары хантан көмөнү ылыахха сөбүн туһунан туоһуласта. Ийэ тыл күнүнэн эҕэрдэлээн туран, «нууччалыы эттэххэ» диэн кыбытан саҥарбакка, ыраастык сахалыы саҥарарга ыҥырда. «Амма суола хаһан тупсуой?», – диэн туоһуласта. Наталья Данилова үгүс ыйытыыларыгар хоруйдаата.
Карьерга сыһыаннаан, Михаил Афанасьевич нэһилиэк дьаһалтата сөбүлэһии түһэрсэригэр сүбэлээтэ. Ордук сааскы кэмҥэ тиэхиньикэ сылдьыа суохтаах диэн чопчулаата. Кэпсэтиини ыытар эргиччи туһалаах буолуох сөбүн эттэ. «Хотон тутуутугар бырайыагын бэлэмниэххэ уонна сыанатыгар эспэртиисэ ирдэнэр», – диэн хоруйдаата СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин департаменын салайааччыта Анастасия Колодезникова. Наталья Ивановна бэтэринээринэй өҥө ыараханын туһунан салгыы этиннэ.
Ити курдук, Тиэлигигэ сэргэх отчуот буолла. «Ирбис» боппуруоһугар тохтоон, Илин эҥэр сытар улуустар кыттыһан, сөбүлэҥ түһэрсэн, «Ирбис» ылан, күрэстэһиини тэрийэн, сыананы түһэрэр баҕалаахпыт диэн улуус баһылыгын солбуйааччы Василий Филиппов хоруйдаата.
«Кулууппутугар өрөмүөн барыа дуо?», – диэн ыйытык киирдэ. Онуоха бу аҕыйах сыллааҕыта тутуллубут кулуупка сыһыаннаах претензияны тутааччыга түһэриэххэ сөбүн туһунан «Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспа» генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Иванов сүбэлээтэ. Салгыы олохтоохтор оскуола тутуутун туруорустулар. Кырыы дэриэбинэ буолан, хаалбатарбыт ханнык дэһэллэр. Олохтоохтор харах быраастарын кэтэһэллэр. Итиннэ олунньу-кулун тутар ыйга кэлиэхтэрэ диэн хоруйданна.
Куораттан быраастар биригээдэлэрэ тахсыан баҕараллар. Хата, мин баанньык тиэмэтигэр суруйбут буолан, Василий Солдатов хас биирдии нэһилиэккэ баанньыгы тутуохха диэн этиитин сэргээтим. Уруккута физкултуура учуутала дьон доруобуйатын инники күөҥҥэ тутара хайҕаллаах.
Нэһилиэккэ сүүс бырыһыан ититэр ситимҥэ холбооһуҥҥа күүскэ үлэлэһн ыытыллыахтааҕа этилиннэ. Ити 2025 сылга диэри туолуохтаах.
«Бөрө буолунай. Тоҕо бөртөлүөт көтүппэттэрий?» — диэн Светлана Сивцева ыйыталаста. Ыйытыыга хоруйдаабыт СӨ Экологияҕа министиэристибэтиттэн отчуокка кыттар А.Чемезов бөртөлүөккэ үбүлээһин суоҕунан сиринэн бултааһын тэриллэрин чопчулаата. Кырдьык, Тиэлигигэ ардай аһыылаах соторутааҕыта биир биэни тардыбыт. Онон тиэлигилэр сүрүн туруорсуулара – оскуола тутуута уонна сүүс бырыһыан кииннэммит сылааска холбонуу.
Саргылана Макарова, Женни Стрюкова хаартыскалара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: