Салгыы
Аныгыскы нэдиэлэҕэ буруо сүтүөҕэ

Аныгыскы нэдиэлэҕэ буруо сүтүөҕэ

Ааптар:
18.08.2023, 15:30
Хаартыска: М.Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:

Аныгыскы нэдиэлэҕэ тыал хайысхата уларыйан уонна салгын температурата түһэн, бу күннэргэ турбут буруо сүтүөҕэ. Бу туһунан Саха сиринээҕи гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление начаалынньыгын солбуйааччы – гидрометкиин начаалынньыга Татьяна Маршалик иһитиннэрдэ. 

Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар өссө даҕаны кыра буруо баар. Бу буруо Хабаровскай кыраайтан уонна Саха сирин соҕуруулуу-илиҥ өттүгэр буолбут ойуур баһаарыттан кэлбит.

Татьяна Маршалик эппитинэн, аныгыскы нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ Арктикаттан тымныы салгын кэлэрэ сабаҕаланар. Онон, халлаан туруга кыралаан уларыйан, салгын температурата түһэн бу күннэргэ турбут буруо сүтүөҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: