Аныгы үйэ ыччата Василена Шарина

Аныгы үйэ ыччата Василена Шарина

06.10.2022, 12:04
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи кэмҥэ дойду киин эрэгийиэннэригэр уонна омук сирдэригэр Саха сирин сирэйдиир суолталаах тэрээһиннэргэ өрөспүүбүлүкэ талааннаах артыыстарын састаабыгар С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын артыыһа Василена Шарина хайаан да баар буолар.

Аатырбыт импровизатор-хомусчут, ырыаһыт, үҥкүүһүт, Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы араас таһымнаах куонкурустар лауреаттара Василена Шарина саха култууратын тарҕатааччы буолар. Сэһэргэһээччибин билиһиннэрии үгэс быһыытынан кэпсэтиинэн буолбакка, кини биир күнэ хайдах ааһарын сырдатыы быһыытынан репортаж буолуоҕа. Ол төрүөтэ – кэпсэппит күнүм сарсыныгар Василена Шарина Саха сирин дэлэгээсийэтин сас­таабыгар киирэн, Монголияҕа көтөр буолан, олох бокуойа суоҕа.

Күннээҕи былаана да, Василенаны айар киһи быһыытынан толору арыйар этэ: сарсыарда 9 чаастан – фотосессия, 15 чаастан – “Смарт” бибилэтиэ­кэҕэ норуот ырыатыгар, тойугар маастар-кылаас, 16 чаастан – саҥа косметика бородууксуйатын биһирэмэ, 17 чааска – тохтобул, 18 чаастан – урууга баран ыллаан кэлии, 19 чааска – Монголияҕа айанныырга маҕаһыыҥҥа куурка көрүнүү.

БЫЛААННААҺЫН КӨМӨТӨ

Сарсыарда Василена дьиэтигэр тиийбитим, дьоруойум кырачааннарын кытта үлэ-хамнас буола аҕай сылдьаллар эбит. “Бу туох фотосессиятай?” диэн ыйыппыппар, Василена “бу күннэргэ КПД дьиэни аныгылыы дизайнынан хайдах өрөмүөннүөххэ сөбүн инстаграмҥа кэпсии сылдьабын. Дьон интэриэһиргээтилэр аҕай. Онон бу оҕолорбун кытта хаартыскаҕа түһэн, дьиэбин хайдах өрөмүөннээбиппин кэпсиэм” диэн хоруйдаата.

Василена фотосессиялыыр кэмигэр түгэн булан, миигин кытта кэпсэтэ сырытта.

Айар куттаах киһи күнүн чааһынан былаанныыр эбит. “Бастатан туран, оҕолорбун бу күн ким көрөрүттэн (ийэм, кэргэним балта көрөөччүлэр) саҕалыыбын. Оҕо көрөр чааһы болдьоһон баран, дьэ, күннээҕи былааммын аттарабын. Эрдэттэн туох оҥоһуллуохтааҕын, ким туох этии киллэрбитин испииһэктээн иһэбин. Онтон онон аттаран, бириэ­мэтигэр сөп түбэһиннэрэн биир күн сылдьа сатыыбын. Күн аайы дьиэт­тэн тахсан барар кыах суох. Ол иһин бириэмэни аттардахха, барытыгар үспүөйдүүгүн”, – диэн кэпсиир Василена хаартыскаҕа түһэрин быыһыгар.

АТТЫГАР БААРТАН ҮӨРЭ СЫЛДЬЫАХХА

“Икки оҕолонон баран өйдөөтүм – киһи олоххо, нууччалыы эттэххэ, эмоциянан олоруохтаах эбит. Ол эбэтэр киһи эньиэргийэни итинэн күүстээхтик ылар эбит. Туох эрэ интэриэ­һинэйи көрөн, соһуйан, ”Һуой, наһаа үчүгэй дии!” диэн саҥа аллайан, күүскэр күүс, дууһаҕар көх-нэм эньиэрги­йэтэ киирдэҕэ ити. Умнуллубат түгэннэри чугас дьоҥҥор бэлэх­тиириҥ – эмиэ олох кэрэ түгэнэ. Кырачааннарбын сыллата­лаан, быһата, олохпор төһө элбэх эмоцияны ылабын да, күннээҕи олохпор уон оччонон күүс-­уох ылабын. Онон наар үлэнэн үлүһүйбэккэ, аттыгар баартан соһуйа, үөрэ сылдьыахха наада”, – диэн сэһэргэһээччим оҕолорун аттыгар сытан хаартыскаҕа түһэр түгэнигэр санаатын үллэһиннэ.
Салгыы мэһэйдээбэккэ, 15 чааска бибилэтиэкэҕэ көрсүөх буолан, дьиэттэн оргууй тахсан бардым.

ВАСИЛЕНА ШАРИНА – БАҺААРЫНАЙ!

Күнүс болдьоммут кэмҥэ саала иһэ ыччатынан кутулла түстэ.

– ”Өбүгэ үгэһэ” бырайыакпыт “Ырыа ыллыга” түһүмэҕэр саха норуотун ырыатыгар уонна тойу­гар бэйэтин идэтин дэгиттэр баһылаабыт саха култууратын тарҕатааччы Василена Шаринаны анаан ыҥырбытым, – диэн кэпсиир Смарт бибилэтиэкэ этно-­устуудьуйатын салайааччыта Ольга Матвеева.

Тэрээһин саҕаланаатын кытта, артыыска Василена Шарина олох бэйэтин эйгэтигэр киирэн хаалла. Киһи кэрэхсии истиэх уһуйаач­чыта аны педагогическай үлэҕэ ылсыан наада эбит дии санаатым.

– Кыра сылдьан, оскуолаттан кэлэн иһэн, киинэҕэ эбэтэр доҕотторбор баран иһэн, кураанах буочукалары өҥөйөн туран, “дьээ-буо!” диэн хаһыытаан, норуот ырыатыгар интэ­риэһим саҕаламмыта. Буочукаттан ой дуораана иһиллэн, куоласпын өссө тупсаран биэрэргэ дылыта. Музыкальнай кэллиэскэ фортепьяноҕа, домраҕа оонньуур, нотаны сатаан ааҕар буолбутум, хомуска үөрэммитим. Култуура үлэһитин идэтин дэгиттэр баһылаан, сарсыарда аайы мин таптыыр үлэбэр барабын. Эһиэхэ эмиэ ону баҕарабын. Киһи атын хайысханан эмиэ дьарыктаныахтаах диэн санаанан салайтаран, Мииринэйдээҕи индус­триальнай тиэхиньикумҥа баһаартан куттал суох буолууну хааччы­йыы идэтигэр үөрэммитим. Онон иккис идэм – баһаарынай, – диэн кэп­сээбитигэр ыччаттар көйгүөрэ түстүлэр. Кырдьык да киһи соһу­йуох курдук, Василина Шарина – баһаарынай!

32 ТЫҺЫЫНЧА СУРУТААЧЧЫЛААХ БЛОГЕР

Ыччаттарга маастар-кы­лаас ыытан баран, таксинан аны “Проспект” эргиэн киинигэр айаннаатыбыт. Аатырбыт блогер инстаграмыгар 32 тыһыынча сурутааччылаах эбит.

“Биллиилээх буолуу олоххун киэргэтэрэ буолуо?” диэн ыйытыыбар сэһэргэһээччим “сороҕор киһини кэрэҕэ уонна үрдүккэ талаһарга көҕүлүүр сылаалаах. Дьон болҕомтотуттан тэйэн, бэйэм бэйэбэр сылдьыахпын баҕаран кэлээччибин” диэн хоруйдаата. Үлэхтээх маҕаһыыныгар киирэн, дьонтон тэйэн олорон, Василена төлөпүөнүн хостоон, үлэлээн барда.

Бүтээтин кытта, кууркатын талар маҕаһыыныгар диэри атаа­ран баран, бүгүҥҥү күнүн түмүгүн ыйыттым. Онуоха Василена Шарина “маннык биир күммүн арыйар интервьюну бастакытын көрдүм, олус сөбүлээтим. Бары оҥоруохтаах дьыалам хайдах эрэ ураты ис хоһооннонно”, диэн “Саха сирэ” хаһыат айар куттаах киһиэхэ болҕомтотун уурбутугар махтанна.

… Ити курдук, саха талаан­наах ыччата, төрөөбүт Сахатын сирин аан дойдуга ааттата сылдьар Василена Шарина биир күнэ ааста.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: