Салгыы
Анжелика Иванова: «Амма Эмиһэ сэттэ олоҥхоһуттаах айар куттаах нэһилиэк»

Анжелика Иванова: «Амма Эмиһэ сэттэ олоҥхоһуттаах айар куттаах нэһилиэк»

26.11.2022, 19:23
Бөлөххө киир:

Амма улууһун Эмис нэһилиэгин Олоҥхо дьиэтэ быйыл 15 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир.

Бу айымньылаах үлэлээх тэрилтэ туһунан  саха күөрэгэйэ Екатерина  Захарова аатынан  Эмис нэһилиэгин култуура киинин дириэктэрэ Анжелика Иванова маннык кэпсиир:

2003 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакы Олоҥхо Ыһыаҕа биһиги нэһилиэкпитигэр ыытыллыбыта. Оттон Олоҥхо дьиэтэ 2007 сыллаахха тутуллан олоххо киирбитэ. Онон сэттэ олоҥхоһуттаах Эмис улууска  тарбахха баттанар биир бастыҥ айар куттаах нэһилиэгинэн буолар. Ол да иһин буолуо,  Олоҥхо дьиэлээх дьон быһыытынан, кэлиҥҥи сылларга үгүс ыччаты  олоҥхоҕо утумнаахтык уһуйдубут. Иискэ норуот маастардарын үүннэрдибит. Ол курдук, билигин нэһилиэкпитигэр үс норуот маастара баар. 

Сөбүлэҥ баттаспыт дьон быһыытынан, олоҥхону өссө анаан чинчийэн, ыччаппытын, биир дойдулаахтарбытын олоҥхоҕо өссө да уһуйуохпут. Тимофей Захаров-Чээбий уонна Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап  курдук киэн туттар дьоммут айымньыларын өссө  дириҥник үөрэтэн, чинчийэн, киэҥ араҥаҕа тарҕатар соруктаахпыт. 

Онон мантан инньэ биир ситиминэн үлэлиир Олоҥхо дьиэлэрин салайааччылара  Амма Эмиһигэр тиийэн, 15 сыл устата ситиһиилээхтик үлэлиир тэрилтэ үлэһиттэриттэн уопут атастаһар соругу туруорунар эбиттэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: