Аппааныга киинэ саалата аһылынна

Share
«Култуура» национальнай бырайыак иитинэн, Аппааны сэлиэнньэтигэр «Чороон» норуот айымньытын дьиэтигэр киинэ саалата баар буолла.

Бэлиэ тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Марина Силина, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Иван Ноговицын, «Экстра Синема» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ ситимин дириэктэрэ Петр Чиряев кыттыыны ылбыттар.

Марина Силина: «Бу киинэ ситимин, салайааччы Петр Чиряев уонна Култуура министиэристибэтин холбоһуктаах бырайыактара. Дьоҕус тыа сиригэр киинэни көрдөрөргө култуурунай-сынньанар тэрилтэлэрин тэрилинэн хааччыйар сыаллаах бырайыак. Маннык киинэ көрдөрөр саалалар Мэҥэ Хаҥаласка Төҥүлүгэ «Эйгэ» социальнай-култуурунай кииҥҥэ, Чурапчыга Одьулууҥҥа «Сайдыс» норуот айымньытын дьиэтигэр, Кэбээйигэ «Сайдам» норуот айымньытын дьиэтигэр аһыллан үлэлии тураллар. Бу төрдүс киинэ саалата Аппааныга баар буолар», — диэн этэр кини.

Сэлиэнньэ олохтоохторо бастакынан «Тыгын Дархан» киинэни көрбүттэр. Бу туһунан култуура министиэристибэтин саайтыгар суруллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

12 часов ago