Аппааныга саҥа амбулатория аһылынна
Алтынньы 18 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина Нам улууһугар үлэлээтэ.
Тутулла турар кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр саҥа интернат-дьиэлэрин тутуутун үлэтин билистэ. Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников, улуус баһылыга Юрий Слепцов, Намнааҕы социальнай көмүскэл управлениетын салайааччыта Феврония Охлопкова, Намнааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэрин дириэктэрэ Анастасия Заболоцкая тутулла турар эбийиэги кэрийэн көрдүлэр.
Бу тутуу «Демография» национальнай бырайыак иитинэн «Аҕа көлүөнэ» федеральнай бырайыак иһинэн барар. Бастакы сыбаайата 2021 сыл балаҕан ыйыгар түспүтэ. Интернат-дьиэ 65 миэстэлээх, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир толору хааччыллыылаах. Тутуу хаамыыта кыраапык быһыытынан баран иһэр. 2023 сыл төрдүс кыбаарталыгар түмүктэнэн үлэҕэ киириэхтээх
Ол кэнниттэн Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Аппааны сэлиэнньэтигэр саҥа быраас амбулаториятын үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Бу эбийиэк бастакы сүһүөх эмп тэрилтэлэрин модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн тутулунна.
Саҥа амбулатория ирдэбилгэ толору эппиэттиир. Манна баар терапевт, педиатр быраастарын кабинеттара; процедурнай, быһыы ылар кабинеттар о.д.а. Аппааны олохтоохторун доруобуйаларын көрүнэллэригэр бэртээхэй усулуобуйа тэрилиннэ.
Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: