“Аптаах таас” оҕолорго аналлаах кинигэ биһирэмэ буолла
Бэчээт дьиэтигэр медиакииҥҥэ “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Ангелина Васильева-Дайыына “Аптаах таас” кинигэтин биһирэмэ буолла.
Фэнтези-сэһэн 200 ахсаанынан тахсыбыт. Орто саастаах оҕолор ааҕалларыгар анаммыт кинигэ буоларын быһыытынан, “Айыы кыһатын” 5-6 кылааһын үөрэнээччилэрэ: Айсен Попов, Амелия Чээринэ, Богдан Атласов кэлэн санааларын үллэһиннилэр.
Кинилэр кинигэни сөбүлээн аахпыттар. Сүрүн дьоруой доҕотторун туһунан сиһилии билиэхтэрин баҕараллар. Ону сэргэ, салгыы туох буоларын билэ охсубут киһи дэһэллэр. Аны туран, аҕыйах ахсаанынан тахсыбыт, онон сорох оҕолорго тиийбэтэҕэ буолуо диэн санаа баар эбит. Ол иһин, “Аптаах таас” салгыытын күүтэллэр уонна элбэх ахсаанынан бэчээттэнэригэр көрдөһөллөр.
Олук уурар үктэл таас
Бу үөрүүлээх бэлиэ күн Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, “Чолбон” сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Гаврил Андросов “Аптаах таас” кинигэ оҕо литературатын сайдыытыгар биир олук уурар үктэл таас буолуо диэн эрэнэрин биллэрдэ. Кини хас биирдии сонун ааптар оҕо литературатын эйгэтэ кэҥииригэр үлэлэһэрэ үтүө сонун буоларын эттэ. Манна даҕатан, кини “Алта” кинигэ кыһатын салайар Зинаида Архипова оҕолорго аналлаах айымньыны таһаарарга дьоһун бырайыагы саҕалаабытын бэлиэтээтэ.
“Саха сирэ” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Александр Тарасов Ангелина Васильеваҕа истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ. Ангелина түбүктээх үлэтин быыһыгар оҕолорго аналлаах айымньыны суруйан кинигэ оҥорон таһаарбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Саха литературатыгар оҕолорго анаммыт суруйуу аҕыйах, фантастика эмиэ», — диэтэ. Ангелинаны эҕэрдэлээтэ, ситиһиилэри баҕарда.
Чаҕылхай прозаик, поэт Анатолий Слепцов оҕоҕо анаан суруйар уустугун бэлиэтээтэ. Оҕолорго аналлаах айымньы тахсарыгар туруоруллубут сыал-сорук оннуттан хамсаабытынан, Ангелина онно бастакы чыычааҕын көтүппүтүнэн эҕэрдэлээтэ.
* * *
Манна даҕатан эттэххэ, оҕо айымньытын суруйууга былырыын аһаҕас күрэс ыытыллыбыта. Бу “Алта” кинигэ кыһатын салайааччы, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Зинаида Архипова сүүрүүтүнэн-көтүүтүнэн, көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Урбаанньыт, меценат Руслан Федотов анал бириэмийэ олохтообута. Түмүктүүр түһүмэххэ тахсыбыт биэс киһи айымньыта күн сирин көрүөхтээх. Олортон бу “Аптаах таас” фэнтези-сэһэн бастакынан бэчээттэнэн тахсыбыт.
Денис Попов хаартыскаларга түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: