Аптечка эмиэ быраабылалаах
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн массыынаҕа илдьэ сылдьар аптечкаҥ РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ олохтообут саҥа быраабылатынан хомуллубут буолуохтаах.
Ол гынан баран, билиҥҥи аптечкаҥ болдьоҕо бүтэ илик буоллаҕына уларытымыаххын сөп. Ол эрээри 2027 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн хойутаппаккын.
Туох киирдэ саҥа аптечкаҕа? Хааны тохтотор жгут, маарыла биинтэ, эластичнай биинтэ, лейкобылаастыр, 160 см х 210 см кырата суох кээмэйдээх элбэхтик туттуллар суорҕан, хирургическай кыптыый, биинтэни кырыйар кыптыый, 2 мэдиссиинискэй мааска, 2 мэдиссиинискэй бэрчээккэ, сүрэҕи-тыҥаны реанимациялыырга туттуллар, айаҕынан салгыны киллэрэр “загубник”, ону таһынан бастакы көмөнү оҥорор инструкция, хара эбэтэр халлаан күөҕэ маркер, харандаас, блокнот.
Ол оннугар ханнык эми-тому ыларын массыына хаһаайына бэйэтэ быһаарар. Сүрүнэ, массыынаны ыытарга мэһэйдэспэт препараттар буолуохтаахтар. Холобур сорох антигистаминнай, утутар эмтэр, транквилизатордар киһи болҕомтотун, реакциятын мөлтөтөллөр. Түүн утуйуоҥ иннинэ испит утутар эмкиттэн сарсыҥҥы күнү быһа утуктуу сылдьыаххын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: