Ар-бур буолбатах, көрдөөх көкөттөр!
Тууруллубатах тиис…
Дьэ, биһиги эргин мучумаан буолла. Быйыл Саҥа дьылга кулуупка бырааһынньыкпыт буолбата. Хата Биэлсэр Маарыйабыт алҕас Дьокуускайга киирэ сылдьан, “Бичик” маҕаһыыныттан аҕыйах кинигэни, бэлэҕи ытыран кэлэн, ол сураҕын хойут, саҥа сыл саҕаламмытын кэнниттэн истэммит, ымсыыраммыт һуй-һай, ый-хай бөҕөбүт.
Ыстапааннаахха, ыалларыгар барыта уруһуй ыскаатары бэлэхтээбит, Ким Игнатьевичка харыйа уруучуканы биэрбит (ол онтуҥ учуутал киһи ээ), Миитэрэйэбинэ дьыссаакка сылдьар оҕолорун Моруос оҕонньор ойуулаах наскынан хааччыйбыт… Оттон кинигэтэ диэҥ?
Онон, төрүкү да ол-бу сонуну наһаа сэҥээрэр дьон сэргэхсийдибит. Тииһэ ыалдьан киниэхэ көрдөрө кэлбит Кириили дэлби мөхпүт. “Атаххын тоҥорбуккун” диэн эмтээн баран туурбакка төттөрү үүрбүт. Киһитэ ыарыытын тулуйбакка ыйылаабытыгар, дьэ, маны аах диэн биир кинигэни биэрбит, үс мөһөөҕүн туура тутан ылбыт.
Онтуката буоллаҕына, ол түүн тииһин ыарыыта тоҕо эрэ мүлүрүйэ охсубут Кириил кэпсээнинэн, иэдээннээх кинигэ үһү. Уопсайынан “Айардар” урут да бэрт этилэр, бу сырыыга эриэккэс кинигэлэрэ ыһар кумах буолбут. “Күтүөккэ хомолто” диэнтэн Кириил саллыбытын иһин, биһиэхэ, аҕыйах ыаллаах кытыы сиргэ баар бары күтүөттэр ааҕаары уочаракка турдулар, биир да дьахтары чугаһаппаттар. Онтуларыгар күн аайы сибиэркэ! Чахчы саха киһитин сиэрэ, күүстээх санаата, тулуура уонна өйө көстөр айымньыта! Ону Сардаана Корякина диэн (кинигэтин кэннигэр өссө илэ саҥарар уонна ыллыыр!) эдэркээн да, кэрэчээн да кыыс суруйбут эбит ээ!
Үс кут, “Үс купсуун”…
Маайа барахсан, манна биһиэхэ оскуолаҕа үлэлиир Өймөкөөн кыыһын көрдөһүүтүнэн, куораттан Сардаана Сивцева-Саная “Три кувшина” диэн кинигэтин эмиэ булан аҕалбыт. Доҕоттоор, арааһа ол дойдутун ахтар барахсан, кинигэтин ытыы-ытыы аахпыт. Аны аймахтарын туһунан буоллаҕа дуу диэн күтүрээн, түргэнник билэ-сэрэйэ охсоору, оскуолаҕа уочарат буолбут! Кинигэ иһигэр-таһыгар видеолаах, онно отой да саха оҕолордоох курусуун оҕонньоро илэ бэйэтинэн бу кэпсии олорор! Бэтэрээн эбит ээ!
Ити “Три кувшина”, кырдьык, саха норуотугар чуо сыһыаннаах буолан таҕыста. Хата, сэһэн бүтүүтүгэр киһи санаата көтөҕүллүөх, ыраах Грузияны кытта аймахтаспыппыт мээнэҕэ буолумаарай дэһэбит.
Оһолу-моһолу туораан…
Константин Эверстов биллэр суруйааччы. Бу сырыыга, ыксаллаах майгыга, анал эпэрээссийэ эҥин саҕана, киһини толкуйдатар үчүгэй кинигэтэ бэчээттэммит. Биһиги олохпутугар Чечня, Афган, Хапкаас да сиригэр айдааннар бааллара… Ол барыта син биир биһигини ханан эмэ таарыйан аастаҕа. Ити сиэринэн анаардахха, бүгүҥҥү балаһыанньа тула төбөнү үлэлэтэргэ, өйү-санааны иитинэргэ суруйааччы олус да үчүгэй “мэҥиэни” ааҕааччыга быраҕан биэрбит. Күн киһитин күҥҥэ 44 моһол күүтэр дииллэр, олору туоруу сатыырбыт булгуччулаах диэн санааны иитэр үчүгэй кинигэ.
Кэлэҕэйдэр айбыттар?
Суох, доҕор! “Айар” аны билиини-көрүүнү тургутарга урут кинигэ атыылыыр эбит буоллаҕына, билигин бэйэлэрэ оонньуулары оҥорор буолбуттар. Ылахтаһарга олус бэрт. Хас да оннук биктэриинэ-оонньууттан “ККК” диэни биһирээтибит.
Урут эмээхситтэр лотуолуу мустар буоллахтарына, билигин дьиэ кэргэнинэн, турардыын-турбаттыын ыалга солбуһа сылдьан “ККК”-лыы ойор буолбуппут хаһыс да ыйа буолла. Ол тухары салгыбатыбыт. Ыйытыга элбэҕэ олус бэрт эбит. Саатар инники оонньообут ыйытыктарбытын умнан кээһэр диэн баар эбит, кыһалҕата. Ол бу хаартыта элбэҕиттэн. Хайаан тута барытын нойосуус өйдүөҥүй? Онон алыс эрчилиннибит, арааската бу буолаары турар түөлбэнэн күрэх “Туох? Ханна? Хаһан?” диэнигэр бастыырбыт буолуо диэн баҕа баһаам!
Киһи барыта “ККК” дэһэр тылламмыта күлүүтэ-элэгэ элбээтэ. Ити оонньууну билбэттэр бастаан утаа элбэхтик: “Туох даа?”,—диэбиттэрэ баара. Билигин билии бөҕө. Тута куоталаһаары харыларын ньыппарыммытынан барар буоллулар. Онон кэлэҕэйдиир киһи айда эрэ, көннөрү эрэ, быһата “ККК”-ны олус сөбүлээтибит! Ардыгар сатаан хоруйдаабакка ар-бур буолларбыт да, син очукуоларбытын аахсан, балыйтарбакка биэтэккэ тиийэн, сороҕор бириис үллэстэн, иннибит диэки дьүккүйэн иһэбит!
Онон, биэлсэр Маарыйабытыгар барҕа махтал! Сырдаппытыгар, сынньаппытыгар, кинигэнэн эмтээбитигэр!
Анисим НЕУСТРОЕВ.
Ааптар тиксэрбит хаартыскалара
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: