Арааб тыла БКЭ иһинэн киириэн сөп
Үөрэх миниистирэ Сергей Кравцов иһитиннэрбитинэн, биэдэмистибэ аны икки сылынан БКЭ иһинэн бэйэ талан ылыыга алтыс эксээмэн быһыытынан арааб тылын киллэрэр былааннаах.
«Биһиги аны икки сылынан биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ бэйэ талан ылыыга арааб тылын алтыс эксээмэн быһыытынан киллэрэр былааннаахпыт», — диэн үөрэх миниистирэ кэпсээтэ.
Бу иннинэ былырыын ахсынньыга маннык этиилээх Рособрнадзор баһылыга Анзор Музаев тахсыбыта. Кини ону тэҥэ инникитин арааб тыла бэйэ талан ылар эксээмэн ахсааныгар киириэн сөбүн туһунан эппитэ.
«Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаартын ырытан оҥоруохха, ол баазатыгар учуобунньуктары бэчээттиэххэ, ити кэннэ тургутууну ыытыахха наада. Итини сэргэ оскуолаҕа арааб тылын үөрэтиигэ педагогическай каадырдары бэлэмниэххэ наада. Федеральнай үөрэх бырагырааматын оҥоруу кэнниттэн БКЭ иһинэн туттарыллар биридимиэттэр ахсааныгар киириэн сөп, ол кэннэ үрдүк үөрэх кыһалара бу эксээмэн түмүгүн учуоттуур буолуохтара. Баҕар аҕыйах сылынан бу соругу биһиги быһаарыахпыт», — диир Анзор Музаев.
Билигин оскуола оҕолоро английскай, немецкэй, французскай, испанскай уонна кытай тылларыгар БКЭ туттарыахтарын сөп. Холобур быһыытынан Рособрнадзор баһылыга санатарынан, кытай тылын БКЭ испииһэгэр киллэриигэ биэс сыл наада буолбута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: