Арааб тыла БКЭ иһинэн киириэн сөп

Share

Үөрэх миниистирэ Сергей Кравцов иһитиннэрбитинэн, биэдэмистибэ аны икки сылынан БКЭ иһинэн бэйэ талан ылыыга алтыс эксээмэн быһыытынан арааб тылын киллэрэр былааннаах.

«Биһиги аны икки сылынан биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ  бэйэ талан ылыыга арааб тылын алтыс эксээмэн быһыытынан киллэрэр былааннаахпыт», — диэн үөрэх миниистирэ кэпсээтэ.

Бу иннинэ былырыын ахсынньыга маннык этиилээх Рособрнадзор баһылыга Анзор Музаев тахсыбыта. Кини ону тэҥэ инникитин арааб тыла бэйэ талан ылар эксээмэн ахсааныгар киириэн сөбүн туһунан эппитэ.

«Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаартын ырытан оҥоруохха, ол баазатыгар учуобунньуктары бэчээттиэххэ, ити кэннэ тургутууну  ыытыахха наада. Итини сэргэ оскуолаҕа арааб тылын үөрэтиигэ педагогическай каадырдары бэлэмниэххэ наада. Федеральнай үөрэх бырагырааматын оҥоруу кэнниттэн БКЭ иһинэн туттарыллар биридимиэттэр ахсааныгар киириэн сөп, ол кэннэ үрдүк үөрэх кыһалара бу эксээмэн түмүгүн учуоттуур буолуохтара. Баҕар аҕыйах сылынан бу соругу  биһиги быһаарыахпыт», — диир Анзор Музаев.

Билигин оскуола оҕолоро английскай, немецкэй, французскай, испанскай уонна кытай тылларыгар БКЭ туттарыахтарын сөп. Холобур быһыытынан Рособрнадзор баһылыга санатарынан, кытай тылын БКЭ испииһэгэр киллэриигэ биэс сыл наада буолбута.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

38 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago