Араагы утары охсуһар ньымалары дьүүллэһиэхтэрэ

Араагы утары охсуһар ньымалары дьүүллэһиэхтэрэ

27.10.2023, 20:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

2021 сыл ахсынньытыттан өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһаҕа дьахтар киэлитин (маткатын) араагар (РШМ)  скринины боруобалыыр бырагыраама үлэлээн саҕалаабыта. Бырагыраама чэрчитинэн, 30-65 саастаах дьахталлар гинекологка көрдөрөн, РШМ сайдарыгар сүрүн төрүөт буолар папиллома вируһун көрүҥүн чинчиттэрэр кыахтаахтар.

Билигин РШМ —  эрдэттэн сэрэтиэххэ сөптөөх онкология соҕотох ыарыыта. Онуоха дьахтар тиһигин быспакка гинекологка сылдьыахтаах уонна кини сааһыгар сөп түбэһэр чинчийиилэри ааһыахтаах.

Бу туһунан алтынньы 29 күнүгэр 13.00 чаастан «Будущее без рака шейки матки» пресс-кэмириэнсийэҕэ кэпсэтиэхтэрэ.

Пресс-кэмпириэнсийэҕэ РШМ утары охсуһуу аныгы кыахтарын дьүүллэһиэхтэрэ уонна Орто Халыма улууһугар оробуочай  сырыыларын түмүгүн кэпсиэхтэрэ.

Манна кыттыахтара: мэдиссиинэ наукатын доктора, бэрэпиэссэр, “Академик В.И.Кулаков аатынан акушерство, гинекология уонна перинатология национальнай мэдиссиинискэй чинчийэр киинин эстетическэй гинекологияҕа уонна реабилитацияҕа отделениетын салайааччыта Инна Анатольевна Аполихина;

Академик В.И.Кулаков аатынан акушерство, гинекология уонна перинатология национальнай мэдиссиинискэй чинчийэр киинин эстетическэй гинекологияҕа уонна реабилитацияҕа отделениетын үрдүк категориялаах акушер-гинеколога, наука үлэһитэ  Елена Алексеевна Горбунова;

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа  кылаабынай бырааһа,      “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ВПЧ-диагностикаҕа олоҕуран  РШМ эрдэ булуу” бырайыак оробуочай бөлөҕүн салайааччыта Ольга Викторовна Татаринова;

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа  акушер-гинеколога, “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ВПЧ-диагностикаҕа олоҕуран  РШМ эрдэ булуу” бырайыак оробуочай бөлөҕүн стейкхолдера  Сардана Егоровна Киприянова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: