Салгыы
Араагы утары охсуһар ньымалары дьүүллэстилэр

Араагы утары охсуһар ньымалары дьүүллэстилэр

30.10.2023, 09:00
Хаартыска: Д.Александрова (УлусМедиа)
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр алтынньы 29 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһаҕа дьахтар киэлитин араагын (РШМ) утары охсуһуу аныгы кыахтарын дьүүллэстилэр.

Бу тиэмэҕэ аналлаах эрэгийиэннээҕи научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэҕэ  Академик В.И.Кулаков аатынан акушерство, гинекология уонна перинатология национальнай мэдиссиинискэй чинчийэр киинин сүрүн акушер-гинекологтара кытыннылар.
Киин эспиэрдэрин кытары Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх  килиниичэскэй балыыһа быраастара алтынньы 25-28 күннэригэр Орто Халыма оройуонугар дьахтар киэлитин араагын эрдэ быһаарар туһугар  аныгы ньымалары туһанан үлэлээтилэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа кылаабынай бырааһа Ольга Татаринова:
«Саха сиригэр 2021 сылтан саҕаламмыт РШМ скрининыгар боруобалыыр бырагыраамаҕа биһиги балыыһабытыгар эмтэнээччилэр уонна Горнай, Ньурба, Орто Халыма улууһун олохтоохторо киллэриллибиттэрэ. Биһиги сорукпут – дьахталлар 80 бырыһыаннарын дьахтар киэлитин араагын скрининыгар чинчийии. Тоҕо манан дьарыктанабытый диэтэххэ, бастатан туран, биһиги дьахталларбытыгар бу ыарыы көрдөрүүтэ,  эмиий араагар тэҥнээтэххэ, үрдүк. Иккиһинэн, ыарыыны эрдэ булуу көрдөрүүтэ намтаата. Үсүһүнэн, араагы сэрэтиэххэ сөп, үчүгэйдик эмтэннэххэ, балаһыанньа тупсуон сөп», – диэн иһитиннэрдэ.
«Биһиги,  Академик В.И.Кулаков аатынан акушерство, гинекология уонна перинатология национальнай мэдиссиинискэй чинчийэр киинэ,  Арассыыйа эрэгийиэннэрин, ол иһигэр Саха сирин, кытары көхтөөхтүк үлэлиибит. Кэнники үс сылга араак үөскүөн иннинэ эрдэ быһаарар туһугар дьахтар киэлитин араагын скрининыгар боруобалыыр бырайыагы үлэлэттибит. Өскөтүн былырыын Дьокуускайга бэлиэтэммит ыарыы араас түбэлтэлэрин ырытан быраастары кытары көрсүһүүлэри уонна маастар-кылаастары ыыппыт буоллахпытына, билигин уустук түбэлтэлэри дьүүллэһэбит», – диэн бу Киин эстетическэй гинекологияҕа уонна реабилитацияҕа отделениетын салайааччы, мэдиссиинэ наукатын доктора Инна Апполихина кэпсээтэ.
«Биһиги үс күн устата Орто Халымаҕа тиийэн, 80-ча дьахтар доруобуйатын көрдүбүт. Бырайыак сыала-соруга – бу кыһалҕаҕа болҕомтону ууруу. Бырайыакка ыарыыны быһаарар саамай аныгы технологиялар, молекулярнай тиэстэр киирэллэр. Өскөтүн урут ыарыыны быһаарар төрүт ньыманан цитология чинчийиитэ буоллаҕына, билигин барыта уларыйар. Итинник чинчийии билиҥҥитэ хаалар, ол гынан баран, киһи папилломатын вируһун быһаарыы киирэр. Тоҕо диэтэххэ, киэли араагын чуолаан ити вирус үөскэтэр. Ону таһынан табахтааһын, ыарыыны утары охсуһар күүс мөлтөөһүнэ, сылдьыһар киһигин сотору-сотору уларытыы эмиэ төрүөт буолаллар», – диэн санаатын үллэһиннэ.
Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара эппиттэринэн, билигин дьахталлар анал тэрил, «тест на самозабор» көмөтүнэн бэйэлэрэ папиллома вируһугар мазогу ылыахтарын уонна лабораторияҕа туттарыахтарын сөп.
РШМ —  эрдэттэн сэрэтиэххэ сөптөөх онкология соҕотох ыарыыта. Онуоха дьахтар тиһигин быспакка гинекологка сылдьыахтаах уонна кини сааһыгар сөп түбэһэр чинчийиилэри ааһыахтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: