Араак ыарыыны утары охсуһуу нэдиэлэтэ саҕаланна
Олунньу 4 күнүгэр бэлиэтэнэр Аан дойдутааҕы араак ыарыыны утары охсуһуу күнүгэр сигэнэн Саха сиригэр тохсунньу 29 күнүттэн онкологическай ыарыылары профилактикалыыр көрүү уонна диспансеризация ыытыллар.
Нэдиэлэ устата өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо көрдөрөр балыыһаларыгар диспансеризация барыахтарын сөп. Ону кытта сурутуу төлөпүөн нөҥүө 122 нүөмэргэ уонна Госуслуги порталга ыытыллар, эбэтэр балыыһаҕа илэ кэлэн суруттарыахха сөп.
Онтон кэлэр нэдиэлэҕэ олунньу 12-16 күннэригэр Медцентрга (Өрөспүүбүлүкэтээҕи №1 балыыһа) онколог быраастар оҕолору көрүөхтэрэ.
“Өр сыллааҕы уопут көрдөрөрүнэн эрдэ көстүбүт араак ыарыы ситиһиилээхтик эмтэнэр. Онон куруутун көрдөрүнэ сылдьар ордук, уонна кыра сибики бэлиэтээт даҕаны тута бырааска көрдөрбүт оруннаах”, — диэн онколог быраастар этэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: