Араас омук сөбүлүүр салаата — «Индигирка»

Share

Ханнык баҕарар дойдуга тиийдэххинэ, бастатан туран, ол омук аһыыр аһын амсайаҕын. 

Кэнники сылларга киин куораппытыгар араас кафе, эрэстэрээн дэлэйэн, ыраата айанаабакка да, кытай, узбек, бүрээт (киһи итинник ааттыы туруон сөп) национальнай бүлүүдэтин амсайыахха сөп. Биллэн турар, үгүс эрэстэрээн  «европейскай», «паназиатскай» диэн ааттаан, араас муора үүнээйититтэн, балыктан, эттэн, быһата, күн талбытын барытын амсатыан сөп. Өрөбүл күн анаан, ыраата барбакка, Дьокуускай куорат хабыллар киинигэр турар үс-түөрт кафеҕа уонна эрэстэрээҥҥэ киирэн, менюларын үөрэттим. Сүрүн соругум — Норуоттар сомоҕоһууларын күнүн көрсө бу тэрилтэлэр сүрүннээн  ханнык норуоттар астарын астыылларын, дьон ордук туох бүлүүдэни сөбүлээн сакаастыырын, менюга саха аһа төһө баарын билсиһии.  Биллэн турар, ас амтанын амсайыы буолбакка, репортаж буоларын быһыытынан, эрдэттэн тустаах салайааччыны сэрэппэккэ, кими көрсөрбүнэн кэпсэттим.

Бастакынан «Салам пополам» диэн илиҥҥи куукуна кафетыгар сырыттым. Манна «устудьуоннарга босхо чэй уонна лэппиэскэ биэрэллэр үһү» диэн эрдэттэн истибитим. Кырдьык, устудьуон-аймах анаан мустар сирэ бу эбит. Мин уочаракка турар оҕолорго чугаһаан, кэпсэтиибин саҕалыыбын:

Бу устудьуоннары аны мэдисиинэ кэллиэһин  кыргыттара солбуйдулар. Дьүөгэлиилэр сөбүлүүр астарын анаан ыла кэлбиттэр.

Салгыы атыылааччы Феруза Муякыпованы кытта кэпсэттим. Кини бу кафеҕа соторутааҕыта үлэлии киирбит.

Лэппиэскэ уонна чэй  босхо бэриллэрин ыйыппыппар, сэһэргэһээчим тута хардара оҕуста: «Кырдьык, манна үлэлии кэлээппин кытта «лэппиэскэни уонна чэйи оҕолорго босхо биэрэбит» диэн анаан сэрэппиттэрэ. Маны таһынан, устудьуоннар иэс эмиэ суруттаран аһыыллар. Истипиэндьийэлэрэ кэллэҕинэ, уһаппакка төлөөн иһэллэр. Биһиги астыыр аспытын оҕолор олус сөбүлүүллэр. Сыанабыт да удамыр. Дьонноруттан ыраата сылдьар оҕолору кафе салалтата өйүүр». Астарын сыаната, кырдьык, удамыр эбит. Холобур, пловтара, мантылара — 200 солкуобай.

Илиҥҥи куукуна аһын кытта билсэн баран, «Застава» эрэстэрээҥҥэ тиийдим. Бу манна сүрүннээн нуучча куукуната буолааччы. Ол эрээри менюларын кытта билсэн баран, соһуйдум аҕай. Дьэ, бу манна баар эбит, хаан, харта, убаһа этин, таба тылын «ийэтэ-аҕата»! Администратор Дария Соловьеваны кытта кэпсэтиибитин саха астарыттан саҕалаатыбыт:

Салгыы «Кубик» эрэстэрээҥҥэ сылдьан, менюттан олохтоох икки ас бүлүүдэтин буллум. Ол «Индигирка» салаат уонна кыһыл отонтон оҥоһуллубут убаҕас тума (соус). Бу туһунан эрэстэрээн администратора Кирилл Кириллин кэпсээтэ:

Куорат хабыллар киинигэр турар «Бекетовъ» эрэстэрээҥҥэ сырыттым. Манна менюлара болҕомтобун тарта. Ол курдук, бүлүүдэ аайы «илии оҥоһуга», «олохтоох бородууксуйа», «оһохтон тута», «саҥа көрүҥ», «ураты көстүү» диэн ыйаллар эбит. Онон эрэстэрээҥҥэ кэлбит киһи бүлүүдэ аатыгар эрэ буолбакка, бу ыйынньыкка болҕомтотун эмиэ ууран сакаас оҥорор эбит. Администратор Василий Кай эрэстэрээнин туһунан маннык билиһиннэрдэ:

Аныгы куукуна кафетынан аатырар «Mone» кафе Наука академиятын ойоҕоһугар турар буолан, манна эмиэ киһи хото сылдьар эбит. Кафе администратора Алина Слепцова  интернациональнай кэлэктиип үлэлиир кафетыгар туох бүлүүдэлэр баалларын билиһиннэрдэ:

… Бу эрэстэрээннэри, кафелары көрө-билэ сылдьан, барыларыгар араас омук ыччаттара биир хамаанда буолан үлэлии сылдьалларын бэлиэтии көрдүм. Кэпсэппит дьонум бары да ону киэн тутта бигэргэтэллэр. «Араас омук дьоно буоламмыт, килийиэннэрбитин кытта алтыһарбытыгар, үлэлиирбитигэр чэпчэки. Биһиэхэ араас омуктар сылдьаллар. Онон менюну аттаран оҥорууга норуокка  сөбүлэнэр бүлүүдэлэр хайаан да баар буолалларын учуоттуубут» диэн бэлиэтииллэр администратордар. Сылдьыбыт эрэстэрээним тухары араас омук сөбүлээн сакаастыыр бүлүүдэтинэн «Индигирка» салаат буоларын этэллэр. Онон эрэстэрээннэргэ барытыгар Саха сирин «визитнэй карточкатынан» бары да сөбүлүүр салааппыт «Индигирка» буолбут.

Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая

Сиһилии бу репортажпын, эрэстэрээннэр бэйэлэрин бүлүүдэлэрин уонна саха аһыттан ураты тутан тугу астыылларын, кинилэр көрүүлэринэн астаммыт убаһа уонна таба этиттэн, балыктан, тылтан оҥоһуллубут бүлүүдэлэр ырысыаптарын Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр анаммыт «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

2 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

43 минуты ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago