Араас омук ыччата сомоҕолоһуу пуорумугар санаатын үллэһиннэ

Араас омук ыччата сомоҕолоһуу пуорумугар санаатын үллэһиннэ

03.11.2022, 21:18
Бөлөххө киир:

Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө  «Диалог народов — диалог культур» диэн эригийиэннэр икки ардыларынааҕы этническэй 5-с пуорум араас омук ыччатын түмтэ.


Бастакы тэрээһин М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университетын устудьуоннарын көҕүлээһиннэрин киинигэр буолан ааста. Тэрээһини Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ уонна СӨ Ыччат ассамблеята тэрийэн ыыттылар. Пуорумҥа өрөспүүбүлүкэ национальнай култуурунай түмсүүлэрин, үлэһит, устудьуон ыччат  уонна оскуола оҕолоро мустан, бүгүҥҥү күн тирээн турар боппуруостарын дьүүллэстилэр, араас омук ыччаттара  сомоҕолоһуу, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, норуоттар бэйэ-бэйэлэрин өйөһүүлэрин уонна өйдөһүүлэрин туһунан ырыттылар, санааларын хото этиннилэр.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, ыччаттар эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлэн этэр-тыынар дьон буолбатахтара харахха быраҕыллар. Бу ыччаттар табаарыстарын ортотугар күннэтэ үлэлэһэ сылдьаллар эбит. Ол үлэ түмүгэ «Патриотизм диэн тугуй? Эрэл. Таптал. Тугу оҥоруохха?», — диэн санаа атастаһыытын былаһааккатыгар көһүннэ.

РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн үлэлиир омуктар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларга судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэ боппуруостарын  информационнай хааччыйыыга хамыыһыйа эппиэттээх сэкирэтээрэ, Арассыыйа норуоттарын ассамблеятын сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Андрей Худолеев, уопуттаах киһи быһыытынан,  ыччаттары кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттэ.

Кини устудьуоннартан «Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу (патриотизм) санаата туохтан саҕылларый?» диэн ыйытыытыгар  омук сирдэриттэн сылдьар устудьуоннар «Бэйэҥ омуккунан киэн туттуу, бэйэ-бэйэни өйөһүү, кыра да үтүө дьыаланы оҥоруу», — диэн этэн туран, кэккэ холобурдары аҕалан, киһи кэрэхсиир араас хоруйдарын биэрдилэр. Узбек ыччаттара пуорум кыттыылаахтарын плов астаан, босхо эбиэттэттилэр

Арменияттан, Узбекистантан, Таджикистантан, Тываттан, Чукоткаттан кэлэн үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ сылдьар усутудьуоннар бэйэлэрин дойдуларын туһунан олус кэрэхсэбиллээх «Доҕордоһуу маршрута» диэн этно-квест оонньууну ыыттылар.

Ити курдук, «Диалог народов — диалог культур» эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы этническэй 5-с пуорум ыччаттарга анаммыт күнэ олус дириҥ ис хоһоонноохтук ааста.

Видео-устууну көрүҥ. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: