Куйаар ситимигэр быйыл саҥа үөрэх дьыла алтынньы 1 күнүттэн саҕаланар диэн иһитиннэрии тарҕанна.
Саха сирин Үөрэҕин уонна наукатын мминистиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, бу биллэрии сымыйа, «фейк» сонун буолар. Үөрэх бигэргэтиллибит халандаарынан балаҕан ыйын 1 күнүгэр саҕаланара былааннанар. Биэдэмистибэ туһааннаах үөрэх тэрилтэлэрин «официальнай», кырдьыктаах иһитиннэриилэригэр уонна биллэриилэригэр итэҕэйэргитигэр ыҥырар.
Боломуочуйалаах уорганнарынан бигэргэтиллибит эрэ кырдьыктаах информация үөрэх эйгэтигэр сөптөөх быһаарыылары ылынарга тирэх буолаллар диэн биэдэмистибэ пресс-сулууспата суруйар.
«Маннык сымыйа сонуннар төрөппүттэр, үөрэнээччилэр уонна учууталлар ортолоругар оруна суох айманыыны таһаарыаҕын сөп, ону тэҥэ үөрэх тэрилтэлэригэр мунаахсыйыыны үөскэтэр. Онон иһитиннэриилэр чахчытын чопчу бэрэбиэркэлиир наадалаах», — диэн министиэристибэҕэ бэлиэтээтилэр.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…