Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Share

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга дьулуһаллара. Аныгы кэмҥэ арыый атын.

Ийэ, аҕа, бары аймах, кыыс буоллун, уол буоллун, үчүгэй киһини көрсөн ыал буоларын туһунан сүбэлииллэр.  Ол түмүгэр киһи өйүгэр-санаатыгар ыал буолуу олоххо сүрүн сыал-сорук буолан хаалыан сөп. Мындыр сахалар киһи соҕотох кырдьыа суохтаах, бэйэтин кэнниттэн кэнчээри ыччат­таах буолуохтаах диэн толкуйдууллар. Ол эрээри аныгы олоххо ыал буолууну кытта арахсыы араллаана эмиэ баар. Олох уустугун уйбакка, өйдөспөт буолууттан билигин үгүс ыал арахсар.

Олох олоруу – хонууну туорааһын буолбатах

Былыр дьахтар ыал буолан ыраах улууска сүктэн кэллэ даҕаны, өлүөр диэри ол кириэ­һин сүгэрэ. Ол эбэтэр, хайдах да эрэйдээх-буруйдаах олоҕу олордор, дьылҕам маннык диэн бэринэн олороро. Оттон билиҥҥи үйэҕэ хайдаҕый? Аныгы дьахтар атаҕастабылга  түбэстэҕинэ, туора дьонтон көмө көрдүүргэ, олоҕун уларытарга кыһанар. Олох олорууга аҥаардас эр киһи эрэ буруй­даах буолбат. Кэргэнниилэр арал­лааннарыгар икки киһи буруйдаах диэн мэлдьи этиллэр. Уйулҕа үлэһиттэрэ бэлиэ­тииллэринэн, киһи бэйэтин таһымыгар сөптөөх киһини кытта ыал буолар эбит. Кинилэри ситимниир эйгэ баар буолан бииргэ олороллорун этэллэр. Онон хас биирдии киһи бэйэтин таһымынан көрөн, бу миэхэ сөптөөх диэбитин кытта холбоһон, бииргэ күөстэнэн олорор эбит.

Эппиэтинэстэн куотуу

Үгүс ыалга өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Ол эрээри кыраны да улаатыннаран, өсөһөн, атаахтаан, үгүс эдэр дьон олоҕу сыаналаабакка арахсыан сөп. Сүрүн төрүөт – кыаммат-түгэммэт олох, бэйэ бас билэр дьиэтэ суох буолуу уонна эппиэтинэс­тэн куотуу. Ол иһин эспиэртэр бэлиэтииллэринэн, ыал буолан сыбаайба ньиргитиэх иннинэ эдэр дьон бэйэ майгытын билсэ-көрсө таарыйа, бииргэ олорон көрөллөрө оруннаах эбит. Хаһаайыстыбаннайа, сүрэҕэ  суох буолуу эдэр оҕолорго элбэхтик көстөр. Киинэҕэ, социальнай ситим хартыыналарыгар көрөр чэпчэки олоххо бары баҕараллар. Ол эрээри күн сиригэр кырачаан киһи эбилиннэ даҕаны, эппиэти­нэс үс бүк үрдүүрүн аҕыйах киһи өйдүүр. Арахсыы түгэнигэр эдэрдэр кыттыһан ылбыт дьиэлэрин аҥаардаһыы эрэйэ, алимент төлөбүрэ барыта эбии кыһалҕаҕа кубулуйар. Ол да иһин ыал буолууга ык­саабаттар. Аныгы ыччат көҥүл олоххо талаһара көстөр.

Арахсыыны ким көҕүлүүрүй?

Ыал арахсар түгэнигэр, кинилэр саастарын ситэ илик оҕолордоох буоллахтарына, арахсыы суут нөҥүө барарын юристар этэллэр. Кэргэнниилэргэ уонна кинилэр уопсай оҕолоругар охсуута суох буоларын туһугар эйэ-дэмнээхтик арахсар ордугун этэллэр. Статистика көрдөрөрүнэн, бу сылга дойду үрдүнэн  арахсыы ахсаанын сыыппарата үрдээбит. Арахсыыны үксүн дьахтар көҕүлүүр эбит. Сыл ахсын Арассыыйаҕа 700 тыһыынча дьиэ кэргэн арахсар. Маны таһынан, эдэр дьон саахсата суох ыал буолан олоруулара эмиэ үгүс. Сүрүн төрүөтэ – элбэх суумалаах босуобуйа буолар диэн бэлиэтиир Арассыыйа демограф эспиэрэ Владимир Тимаков.  2022 cылтан ый ахсын төлөнөр босуобуйа үрдүөҕүттэн, соҕотох ийэ ахсаана элбээбит. Онон сорохтор арахсыахтарын сөп эбэтэр төрүт да саахсата суох ыал буолан олороллор.

Ким ночооттоох хааларый?

Дьиэ кэргэн олоҕо ыһылларыгар сүрүн төрүөтэ эр киһи да буоллаҕына, бүтэһик быһаа­рыылаах дьайыыны дьахтар оҥорор эбит. Өскөтүн, дьахтар олоҕунан астыммат, дьиэтэ-­уота суох, кэргэниттэн истиҥ сыһыаны ылбат буоллаҕына, арахсарга сананар. Оттон эр дьон өттүттэн арыый уустук. Кинилэр кэргэннэригэр тапталлара сойбут, олохторунан астыммат да буоллахтарына, итинник быһаарыы­лаах хардыыны мээнэ оҥорботтор. Онон олох диэн уустуга манна эмиэ көстөр. Бу кинилэр эппиэ­тинэһэ суохтарыттан буолбатах, олорбут олохторун укулаата уларыйарын сааһыран истэхтэрин ахсын ыараханнык ылыналларыттан тахсар. Өскөтүн, арахсыы тахсар түгэнигэр ким ночоотурарый? Сааһын ситэ илик оҕолор кимиэхэ хаалалларый? Дьиэ-уот кыһалҕата хайдах быһаарылларый? Эйэ-дэмнээхтик арахсар кыаллыбатаҕына, суут дьиэ кэргэни араарар. Кинилэр уопсай оҕолорун, баайдарын-дуолларын үллэстиилэрэ оҕолор кимиэхэ хаалалларыттан тутулуктаах. Ону сэргэ, олорор дьиэлэрэ, массыыналара, даачалара ыал буолбуттарын кэннэ ылыллыбыта дуу, ыал буолуох иннинэ ылыллыбыта барыта учуоттанар. Дьиэ кэргэн ыһыллар түгэнигэр, хаһан баҕарар сааһын ситэ илик оҕолор эмсэҕэлииллэр. Дьиэ-уот, массыына диэн күннээҕи кыһалҕа. Оттон оҕо чөл өйө-санаата, сарсыҥҥы салҕанар олоҕо төрөппүттэртэн тутулуктаах.

Арахсар уустугуруо

Дойду үрдүнэн арахсыы  бырыһыанын аччатар туһуттан сайабылыанньа төлөбүрүн сууматын аҕыс төгүл үрдэтэри былаанныыллар. Ол курдук, төлөбүр  650 солк. эбит буол­лаҕына, 2025  сыл тохсунньутуттан 5000 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Ону таһынан, арахсаары ар-бур дэспит дьиэ кэргэни эйэлэһиннэриигэ уйулҕа үлэһиттэрин кытыннарар туһунан эмиэ толкуйдууллар эбит.  Судаарыстыбаннай Дуумаҕа арахсыыны уустугурдар сокуон бырайыагын киллэрбиттэр. Олох көрдөрөрүнэн, арахсыбыт дьахтар өр соҕотох сылдьыбат. Кини эр киһиэхэ өйөнө үөрэммит буолан, иккис­тээн кэргэн тахсарга бэлэм буолар. Оттон эр киһи арахсан баран иккистээн ыал буолара ыарахан. Кини олоҕу арыый атыннык ылынар, онон иккис­тээн ыал буоларга ыксаабат.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

38 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

5 часов ago