«Арай биирдэ …»: остуоруйа, үһүйээн, номох дьоро түһүлгэтэ
Тохсунньу 14 күнүгэр Дьокуускайга “Арай биирдэ …” үгэс буолбут өрөспүбүлүкэтээҕи остуоруйа, үһүйээн,номох бүппэт сэһэнин-сэппэнин түһүлгэтэ бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста. Бүлүү, Таатта, Томпо, Мэҥэ Хаҥалас, Нам улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан барыта 14 киһи кытынна.
Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар үлэлээтилэр: научнай-методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо Киинин фольклорга сүрүннүүр исписэлиистэрэ: Сысолятина Зоя Григорьевна, Протодьяконова Елена Николаевна, Флегонтова Ульяна Михайловна. Тэрээһин үлэтигэр сылын аайы Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин исписэлиистэрэ күүс-көмө буолаллар.
Бу күөн-күрэс билиҥҥи кэмҥэ норуот тылынан уус-уран айымньытын салгыы сайыннарар соруктаах сылын аайы ыытыллар биир үтүө тэрээһин буолар. Көрөөччүлэр атах тэпсэн олорон сэһэн-сэппэн киэһэтигэр билбэтэхтэрин билэллэр, истибэтэхтэрин истэллэр. Кыттааччы киэҥ эйгэҕэ остуоруйалаан, былыргы номоҕу, үһүйээни кэпсээн, өбүгэ биир кэрэхсэнэр үгэһин сөргүтүүгэ, үйэтитиигэ бэйэтин кылаатын киллэрэр. Кини төрөөбүт тылын баайын, уус-уранын туттан, истээччини кэрэхсэтэр, умсугутар гына тиэрдиитэ, түөлбэтин сирин уостан уоска сылдьар номоҕун сэһэргээһинэ, остуоруйалааһына болҕомтоҕо ылыллар.
Быйыл кыттааччылар үлэһит дьон сиэри-туому тутуһууларын, бэлиэ сирдэр, өбүгэлэрин өтөхтөрүн туһунан кэпсээнин бу ийэ сирбитигэр харысхаллаах сыһыаннаах буоларбытыгар, баай тылларынан хомоҕойдук кэпсээбиттэрэ олус истиҥник иһилиннэ. Бу сырыыга хаһааҥҥытааҕар да фольклор көрүҥүттэн үһүйээн, ахтыы элбэх буолла. Тааттаттан Жегусов Иннокентий Степанович аҕатын Ыстапаан Жегусов туһунан «Улуу от охсооччу, улуу булчут» диэн кэпсээнэ уонна Горнайтан Семенов Валерий Васильевич «Күбээйи өтөх туһунан» кэпсээнэ дьон болҕомтотун тарта. Нам улууһуттан 91 сааһыгар үктэммит дэгиттэр талааннаах СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Бубякин Иван Афанасьевич Олоҥхо Киинигэр бэйэтэ суруйбут кинигэлэрин бэлэхтээтэ. Ааспыт кэмиттэн ахтан кэпсээтэ, бэйэтэ айбыт хоһоонун да аахта, ырыатын да ыллаата, төһө да сааһырдар тыл-өс, куолас мааны. Егоров Аскалон Лукич-Өркөн Дьол номоҕу хомоҕой тылынан ыпсаран кэпсээтэ. Цыпандина Вера Прокопьевна кыра эрдэҕинэ эһэтэ кэпсээбит эт кулгааҕынан истибит остуоруйатын уонна эһэтэ олоҥхоһут Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ туһунан тугу өйдөөн хаалбытын кэпсээтэ. Тыыннаах үгэһи илдьэ сылдьар остуоруйаһыппыт кини буолла. Дьон олус болҕойон иһиттилэр. Платонова Любовь Иннокентьевна «Мэлдьэхси Хотун” туһунан номоҕу уонна П.А. Ойуунускай “Мөккүөр”, “Саппыкылаах куоска” айымньыларын хомоҕой тылынан кэпсээн-ипсээн дьон сэҥээриитин ылла, Чурапчыттан Тарабукина Клара Максимовна биир дойдулааҕа саха норуотун аан дойдуга ааттаппыт, аатырбыт тустуук П. Пинигин туһунан кэпсээтэ, “Сүллүкүүн” туһунан үһүйээннэри бэрт сэргэхтик кэпсээтэ. Дьокуускай куораттан Басыгысов Юрий Николаевич урут эт кулгааҕынан истибит айылҕа көтөрдөрүн туһунан остуоруйатын бэрт сиһилии сэһэргээбитэ тыыннаах үгэс баарын көрдөрдө уонна «Олоххо тардыһыы” диэн олоҕор буолан ааспыт түгэннэртэн ахтан ааста. Исаков Валентин Гаврильевич «Көстүбэт сибиэн” туһунан үһүйээни ылбаҕайдык кэпсээтэ. Мордовская Наталья Иннокентьевна «Хабырылла Дьөгүөрэп туһунан» уонна бэйэтэ суруйбут эбэтин туһунан сэһэнин ааҕан иһитиннэрдэ. Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн оскуола оҕолоро Митрофанова Алеко уонна Попов Алгыс олус бэрткэ оруолларыгар киирэн олорон, остуоруйа кэпсээтилэр. Маннык кыттыы оҕо ситимнээн саҥарар дьоҕурун сайыннарыыга туһалааҕа саарбахтаммат.
Анал ааты ылбыт остуоруйаһыттар, сэһэнньиттэр өйдөбүнньүк бэлэҕи, диплому туттулар.
Күөн-күрэс түмүгэ:
- «Бастын остуоруйаһыт» Анал аат – Бубякин Иван Афанасьевич, Нам улууһа.
- «Бастын сэһэнньит» Анал аат – Платонова Любовь Иннокентьевна, Дьокуускай к.
- «Сээркээн сэһэнньит» Анал аат – Исаков Валентин Гаврильевич, Дьокуускай к.
- «Сээркээн сэһэнньит» Анал аат – Семенов Валерий Васильевич, Горнай улууһа.
- “Кэскиллээх сэһэнньит” Анал аат – Митрофанова Алеко. Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Төхтүр сэл.
- “Кэскиллээх сэһэнньит” Анал аат – Попов Алгыс. Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Төхтүр сэл.
- “Сонун сэһэнньит” Анал аат – Федотов Айтал. Дьокуускай к., 2 №-х орто оскуола. 1№-х Оҕо ускуустубатын оскуолата.
- «Сонун сэһэнньит” Анал аат – Мунхасытов Алан. Бүлүү улууһа.
- «Истээччи биһирэбилэ» Анал аат — Мордовская Наталья Иннокентьевна, Дьокуускай к.
- «Истээччи биһирэбилэ» — Анал аат – Тарабукина Клара Максимовна, Чурапчы улууһа.
- «Итэҕэтиилээх сэһэнньит» Анал аат — Жегусов Иннокентий Степанович, Таатта улууһа.
- «Итэҕэтиилээх сэһэнньит» Анал аат — Басыгысов Юрий Николаевич, Дьокуускай к.
- «Ылыннарыылаах сэһэнньит» Анал аат – Егоров Аскалон Лукич-Өркөн Дьол, Нам улууһа.
- «Түөлбэ сэһэнньит» Анал аат – Мексярова Клавдия Алексеевна-Оросунская, Томпо улууһа, Хаандыга.
Кыттааччыларга норуот тылынан уус-уран айымньыта үүнэ-сайда турарын туһугар киллэрэр кылааккытыгар сыаналыыр сүбэ махталбытын тиэрдэбит.
Устар ууну сомоҕолуур уус-уран тыллаах, сир түннүгэ дьоммутун харыстыыр, норуот тылынан уус-уран айымньытын сөргүтэр, үйэтитэр тэрийээччилэргэ, Научнай-методическай үлэҕэ уонна тас сибээскэ Олоҥхо Киинин үлэһиттэригэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин махталбытын тиэрдэбит!
Елена Протодьяконова
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: