Арай, эргиллэн көрдөххө…
Бу күннэргэ Иван Васильевич Николаев аатынан Харбалаахтааҕы сынньалаҥ киинэ өрөспүүбүлүкэбит 100 сылынан «Эргиллэн көрдөххө…» диэн ааттаах түөлбэлэринэн быыстапка-күрэҕи тэрийдэ.
Онно түөлбэлэр урут туттулла сылдьыбыт малы-салы ыаллартан хомуйан, оччотооҕу дьиэ ис бараанын силигин сиһилии ситэрдилэр, урукку удьуордарын араас малларын кэккэлэччи тэниттилэр. «Чараҥ» түөлбэ олохтоохторо Харбалаах маҥнайгы ыалларын 4 хоһун сиһилии көрдөрбүт буоллахтарына, «Таатта» түөлбэ олохтоохторо олох урукку маллары көрдөрүүгэ ууран, дьон болҕомтотун тартылар. «Эрэл» түөлбэ сэбиэскэй кэм универмагын сынньалаҥ киинигэр киирээти кытта тэниччи тардыбыта оччотооҕу кэмҥэ сиэтэн киллэрэр. Үөрэнээччилэр нэдиэлэни быһа уочаратынан баран, бу сонун быыстапканы көрдүлэр, сэҥээрдилэр, түөлбэлэр олохтоохторун кэпсээннэриттэн урукку кэм туһунан элбэҕи биллилэр-көрдүлэр.
“Мин үһүс кылаас үөрэнээччилэрэ быыстапкаттан үөрэн-көтөн иһэллэрин көрсөн, кэпсэттим.
Коля Попов: “Мин урукку фотоаппараты уонна уруучуканы сөбүлээн көрдүм, өссө былыргы өтүүгү бэлиэтии көрдүм”.
Алгыстаана Федорова: “Быыстапкаҕа аан бастаан киирбиппитигэр биһиэхэ урукку таҥас сууйар тэрили көрдөрбүттэрэ, өтүүк, олус ыарахан ыйааһыннаах этэ”.
Афродита Бурцева: “Урукку кэрэһиин лаампаны, хаартыска түһэрэр аппарааты, сылабаары интэриэһиргээтим. Өссө урукку кэмнээҕи таҥас-сап бөҕө баар этэ”.
Туйаара Боярова: “Быыстапкаҕа урукку маҕаһыыны ойуулаабыттар этэ, онтон мин бараанканы наһаа ымсыыра көрбүтүм. Ону таһынан наһаа астык кыыс киэргэлэ, ытарҕалар бааллар”.
Артем Сотрудников: “Мин быыстапкаҕа сылдьаммын урукку малы-салы, чуолаан урукку төлөпүөнү, хаартыска аппараатын, холодильнигы, көбүөрү, дьиктиргии көрдүм”.
Слава Соломонов: “Миэхэ саамай урукку кэмнээҕи маҕаһыын өйбөр хатанна. Онно урукку таҥастары көрөргө наһаа астык”.
Сеня Соломонов: “Мин быыстапкаҕа 1963 сыллаахтан хаалбыт төлөпүөнү дьиктиргии көрдүм”.
Диана Дьяконова: “Мин урукку устуоруйа малларын, урукку оҕолор оонньуурдарын, ону таһынан, урукку таҥаһы-сабы көрдүм”.
Сайыына Винокурова: “Мин улахан баахыла буһарары көрбүтүм, олус ыарахан ыйааһыннаах этэ. Өссө урукку бигудины уонна фены көрбүтүм”.
София Петрова: “Урукку монпансье кэмпиэт баар этэ, урукку кэмнээҕи оонньуурдар, киэргэллэр баалларын көрбүтүм”.
Оттон бу оҕолору билии киэҥ эйгэтигэр сирдиир учууталлара, быйыл саҥа үөрэҕин бүтэрэн кэлбит эдэркээн уһуйааччы Кристина Игнатьевна Старостина санаатын маннык үллэһиннэ: “Наһаа астык… Урут дьоммор баар маллары, таҥастары көрөн уйадыйдым. Наһаа үчүгэйдик оҥорбуттар, итинниги киинэҕэ эрэ көрдөҕүм дии. Барытын сиһилии кэпсээтилэр. Көрөргө-истэргэ олус бэрт, оҕолор, хата, наһаа сөбүлээтилэр, сэргэхсийэн кэллибит”.
Ити курдук, бу быыстапкаттан долгуйуор диэри үөрбүт киһи күннэтэ элбээн иһэриттэн тэрийээччилэр сүргэлэрэ көтөҕүллэр.
8-с кылаас уолаттара Сайаан Иванов, Ньургун Винокуров билигин да үлэлии турар патефону олуһун сөбүлээбиттэрин, холбоон ыллатан көрбүттэрин туһунан учууталлара Варианна Васильевна Макарова кэпсээтэ.
Ити курдук, сэргэх тэрээһиннэр харбалаахтары аралдьыта, кэскиллээҕи, үйэлээҕи кэрэхсэтэ туруохтун!
Валентина КРИВОШАПКИНА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: