Аракыататтан түспүт эттиктэр көстө иликтэр
Алтынньы 22 күнүгэр Москуба бириэмэтинэн 22 чаас 57 мүнүүтэҕэ “Восточнай” космодромтан “Союз -2.1б” аракыата куйаарга үс спутнигы (“ Гонец-М”, “Скиф –Д”, “Сфера”) таһаара көппүтэ.
“Союз -2.1б” носитель аракыата арахсар РП-985 чааһа Бүлүү улууһун территориятыгар түһүөхтээҕэ эрдэ чуолкайдаммыта уонна сэрэтиллибитэ. Онон аракыата көтүөн иннинэ “Роскосмос” ГК уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталастыбатын күүстэринэн оробуочай бөлөх тэриллибитэ. Бу бөлөххө Судаарыстыба экологияҕа кэтэбилин Бүлүүтээҕи иниспиэксийэтэ, Бүлүү улууһун муниципальнай дьаһалтатын эппиэттээх үлэһиттэрэ киирбиттэрэ.
Хамыыһыйа быһаарыытынан, аракыата көтүөн иннинэ сүһүөҕэ түһүөхтээх оройуонуттан биэс сиртэн анаалыстар ыллыллыбыттара уонна учаастактар радиационнай фоннара бэрэбиэркэлэммитэ.
Алтынньы 23 күнүгэр “Союз -2.1б” аракыата арахсар сүһүөҕэ сарсыарда олохтоох бириэмэнэн 5 чаас 07 мүн. арахсан, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү улуустарын үрдүлэринэн ааһан, эрдэ сабаҕаламмыт сиргэ, Өлөөн уонна Бүлүү улуустара быысаһар сирдэрин туһаайыытынан “Союз -2.1б” арахсар РП-985 чааһа 5 чаас 57 мүн. сиргэ түспүтэ чуолкайдаммыта.
Ити күн аракыата сиргэ түспүт тобохторун көрдүүр уонна ол түспүт учаастактарыгар мониторинг оҥорор соруктаах бөлөх: “ЦЭНКИ” АО филиалын сүрүн исписэлииһэ Горбачев И.В., сүрүн исписэлиис Ляховенко И.Г., “Восточнай” КЦ инженерэ Иванов А. В., “Хабаровскай” ФГБУ ЦАС дириэктэрин солбуйааччы Рябец В.К., “Хабаровскай” ФГБУ ЦАС исписэлииһэ Третьяков А.А., “ВКП” НПО Машиностроения” АО отделын начаалынньыгын солбуйааччы Чаговец С.А., “ВКП” НПО Машиностроения” АО бэрэстэбиитэлэ Шаповалов В.Ю., Судаарыстыба экологияҕа кэтэбилин Бүлүүтээҕи иниспиэксийэтин старшай иниспиэктэрэ Колтовской А.И., Судаарыстыба экологияҕа кэтэбилин Бүлүүтээҕи иниспиэксийэтин начаалынньыгын солбуйааччы Степанов Е.Ю., Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыһыыр сулууспатын сүрүн исписэлииһэ Алексеев П.В., Бүлүү улууһун муниципальнай дьаһалтатын ЫБМ начаалынньыга Каратаев А.А., Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччы Саввинов Н.В. буолан Бүлүү куоратыттан МИ-8 бөртөлүөтүнэн көппүттэрэ. Оробуочай бөлөх аракыата сүһүөҕэ түһүөхтээх биэс учаастагыттан анаалыстары ыллылар уонна радиационнай фоннары бэрэбиэркэлээтилэр.
Аракыата тобохторун көрдөөһүҥҥэ быһаччы кыттыыны ылбыт Судаарыстыба экологияҕа кэтэбилин Бүлүүтээҕи иниспиэксийэтин старшай иниспиэктэрэ Андрей Ильич Колтовской кэпсээбитинэн, Түҥ өрүс чэҥэрбит тыынын тумана былыт курдук тыа үрдүн саба хаппахтаан, сырдыгы баттаһа аракыата тобохторун көрдөөһүҥҥэ улаханнык мэһэйдээбит. Туман былыт дьайҕарарын кэтэһэннэр тоҕоостоох сири буланнар сис тыа ортотугар түһэннэр икки чаас курдук кэтэспиттэр. Былыт дьайҕарбытыгар тобох түспүт оройуонунан, схема быһыытынан, уһаты-туора көтөн көрдөөбүттэр да, аракыататтан сиргэ түспүт биир да фрагмент көстүбэтэх.
Алтынньы 24 күнэ былыттаах, хаардаах күн буолла. Былаан быһыытынан, халлаан туругуттан көрөн, алтынньы 30 күнүгэр диэри фрагменнары көрдөөһүн ыытыллар.
Андрей Яковлев, “Тимирдикээн” ООПТ иниспиэктэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: