Салгыы
Арассыыйа 800 тыһыынчаттан тахса биэнсийэлээхтэрэ биир кэмнээх төлөбүрү ыллылар

Арассыыйа 800 тыһыынчаттан тахса биэнсийэлээхтэрэ биир кэмнээх төлөбүрү ыллылар

Ааптар:
10.04.2025, 12:15
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

800 тыһыынчаттан тахса биэнсийэлээхтэр биир кэмнээх төлөбүрдэри туттулар. Бу туһунан Социальнай пуонда пресс-сулууспата суруйар.

«2024 сылга биэнсийэҕэ мунньунуу чааһыттан биир кэмнээх төлөбүрдэри ыларга 812 849 аҕам саастаахтар сайабылыанньа түһэрбиттэрэ. Маннык төлөбүрдэр, биэнсийэ мунньуллар чааһа биэнсийэлээх тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 10 %-тан итэҕэс буолар түгэнигэр бэриллэр», — диэн Социальнай пуонда ааннайдарыгар сигэнэн РИА новости суруйар.

Маннык түгэҥҥэ бары мунньуллубут биэнсийэҕэ харчы барыта биирдэ бэриллэр. Гражданнар хаттаан төлөбүрү ыларга саҥа харчы биэнсийэҕэ мунньуллар түгэнигэр эрэ ылаллар. Ону таһынан бастакы төлөбүр кэннэ биэс сыл ааһыахтаах.

Бары сонуннар
Салгыы
18 апреля
  • -2°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 59% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: