Арассыыйа бөдөҥ бааннара ипотека ыстаапкатын улаатыннардылар
Дойду хас да улахан бааннара бу нэдиэлэҕэ ипотека ыстаапкатын үрдэтэр туһунан иһитиннэрдилэр. Атырдьах ыйын 6 күнүттэн ырыынакка ипотека бырагырааматын муҥутуур алын ыстаапкалара 20% уонна 20,5% тэҥнэһиэхтэрэ.
Атырдьах ыйын 5 күнүттэн баазовай ипотека саамай кыра ыстаапката 21,09% тэҥнэһиэҕэ. Бу туһунан кирэдьиит тэрилтэлэрин уонна маркетинговай ааҕыныстыба Marcs кэтээн көрүүлэрин матырыйаалларыттан билиннэ.
Ол курдук, атырдьах ыйын 6 күнүттэн олорор дьиэ-уот атыылаһыыга, иккис ырыынакка кыбартыыраны атыылыырга страховкалааһын, баайы-дуолу «Домклик» витринаҕа атыылааһын, «Юридическай бэрэбиэркэ» сиэрбис, «Ипотека плюс» аахсыйаларын туһаныыга уонна хамсаабат баай-дуол сыанатын алын ыстаапкатын, бастакы усунуоһун учуоттаан туран 20% тэҥнэһиэҕэ. Ону кытта ВТБ баана атырдьах ыйын 6 күнүттэн ырыынакка ипотека бырагырааматын ыстаапкатын эмиэ үрдэтэр. Кыбартыыраны атыылаһыыга саамай кыра ыстаапката 20,5% буолуоҕа.
Marcs ааҕыныстыбатын дааннайынан, атырдьах ыйын 5 күнүттэн Альфа баан баазовай бырагырааманан ыстаапкалары 21,99% диэри улаатыннарда. Итини кытта ааспыт нэдиэлэҕэ кэккэ бөдөҥ бааннар ипотека ыстаапкаларын саҥардан биэрдилэр. Ол курдук, Газпромбанк атырдьах ыйын 1 күнүгэр ипотека ыстаапкатын 22,5% диэри үрдэттэ. Совкомбанк от ыйын 21 күнүттэн баазовай бырыһыанын үрдэппит уонна салгыы ыстаапканы үрдэтэр былаана суох диэн ТАСС суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: