Салгыы
Арассыыйа бөдөҥ бааннара ипотека ыстаапкатын улаатыннардылар

Арассыыйа бөдөҥ бааннара ипотека ыстаапкатын улаатыннардылар

Ааптар:
06.08.2024, 13:00
Хаартыска Дом.рф
Бөлөххө киир:

Дойду хас да улахан бааннара бу нэдиэлэҕэ ипотека ыстаапкатын үрдэтэр туһунан иһитиннэрдилэр. Атырдьах ыйын 6 күнүттэн ырыынакка ипотека бырагырааматын муҥутуур алын ыстаапкалара 20% уонна 20,5% тэҥнэһиэхтэрэ.

Атырдьах ыйын 5 күнүттэн баазовай ипотека саамай кыра ыстаапката 21,09%  тэҥнэһиэҕэ. Бу туһунан кирэдьиит тэрилтэлэрин уонна маркетинговай ааҕыныстыба Marcs кэтээн көрүүлэрин матырыйаалларыттан билиннэ.

Ол курдук, атырдьах ыйын 6 күнүттэн олорор дьиэ-уот атыылаһыыга, иккис ырыынакка кыбартыыраны атыылыырга страховкалааһын, баайы-дуолу «Домклик» витринаҕа атыылааһын, «Юридическай бэрэбиэркэ» сиэрбис, «Ипотека плюс» аахсыйаларын туһаныыга уонна хамсаабат баай-дуол сыанатын алын ыстаапкатын, бастакы усунуоһун учуоттаан туран 20% тэҥнэһиэҕэ.  Ону кытта ВТБ баана атырдьах ыйын 6 күнүттэн ырыынакка ипотека бырагырааматын ыстаапкатын эмиэ үрдэтэр. Кыбартыыраны атыылаһыыга саамай кыра ыстаапката 20,5% буолуоҕа.

Marcs ааҕыныстыбатын дааннайынан, атырдьах ыйын 5 күнүттэн Альфа баан баазовай бырагырааманан ыстаапкалары 21,99% диэри улаатыннарда. Итини кытта ааспыт нэдиэлэҕэ кэккэ бөдөҥ бааннар ипотека ыстаапкаларын саҥардан биэрдилэр. Ол курдук, Газпромбанк атырдьах ыйын 1 күнүгэр ипотека ыстаапкатын 22,5% диэри үрдэттэ. Совкомбанк от ыйын 21 күнүттэн баазовай бырыһыанын үрдэппит уонна  салгыы ыстаапканы үрдэтэр былаана суох диэн ТАСС суруйар.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: