Олунньуттан социальнай төлөбүрдэр үрдээтилэр. Биэнсийэ 7,5 бырыһыанынан эбилиннэ. Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин дьон-сэргэ дохуоттаах буолуута Арассыыйа ыытар бэлиитикэтигэр бастакы миэстэҕэ турарын куруутун этэр. Быйыл Дьиэ кэргэн сылын биллэрэн, элбэх оҕолоох ыалларга көмөнү элбэттэ. Федерация кэлэр үс сыллааҕы бүддьүөтүгэр Уһук Илин эрэгийиэннэр, Арктика сайдыыта эмиэ бастакы күөҥҥэ сылдьаллар.
БҮДДЬҮӨТ СҮРҮН КӨРДӨРҮҮЛЭРЭ
Федерация 2024 сыллааҕы бүддьүөтүн дохуоттаах чааһын 35,06 трлн солк. былааннаан олорор. Бу көрдөрүү былырыыҥҥытааҕар 22,3 % үрдүк. Оттон ороскуоттаах чааһын – 36,66 трлн солк. быспыт. Федерация бүддьүөтүгэр биир сүрүн дохуот ньиэп, гаас эйгэтиттэн киирэр. Бу эйгэлэртэн бүддьүөккэ 32,8 бырыһыан дохуот киириэҕэ диэн сабаҕалыыллар. Үп сүрүн докумуонуттан көрдөххө, ньиэби хостооһун быйыл – 523, гаас 666,7 мөлүйүөн туоннаҕа тэҥнэһиэхтээх. Инвестиция киириитэ кэлэр үс сылга 39,59 трлн солк. диэри улаатыахтаах.
Бүддьүөт ороскуоттаах чааһын ыллахха, оборуонаҕа үбүлээһин хаһааҥҥытааҕар да эбиллибитэ көстөр. Быйыл манна барыта 10,77 трлн солк. барыаҕа. Бу уруккутааҕар 68,2 бырыһыанынан эбиллибит. Социальнай бэлиитикэҕэ – 7,73, национальнай экэниэмикэҕэ – 3,89, национальнай куттал суох буолуутугар – 3,39, доруобуйа харыстабылыгар – 1,62, үөрэхтээһиҥҥэ 1,55 трлн солкуобай көрүллүөҕэ.
Уопсай судаарыстыбаннай бырагыраамаларынан ыллахха, саамай улахан бырыһыаны судаарыстыба үбүн уонна үп ырыынагын салайыы бырагыраамата ылар. Манна үс сылга 10,51 трлн солк. былааннаммыт. Социальнай эйгэҕэ үс сылга эмиэ 10,27 трлн солк. көрүллүбүт. Онтон атын бырагыраамалары көрдөххө, 2026 сылга диэри оборуонаҕа – 8,15, суол-иис, тырааныспар эйгэтигэр – 4,35, доруобуйа харыстабылыгар – 3,99, билимҥэ 3,91 трлн солк. ууруллубут.
Манна даҕатан эттэххэ, Владимир Путин дойду ылыммыт былааныттан харыс да халбарыйбатын, социальнай тутуулар, улахан бырайыактар олоххо киириэхтэрин туһунан эрдэ этэн турар. Онон федерация кэлэр үс сыллааҕы бүддьүөтүгэр эрэгийиэннэргэ былааннаммыт тутуулар барыта киирэн тураллар. Ол иһигэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Өлүөнэ өрүһү туоруур муостабыт.
БЫЛЫРЫЫҤҤЫ СЫЛЛААҔЫ БҮДДЬҮӨТ ТУОЛУУТА
Тохсунньуга Арассыыйа Үбүн министиэристибэтэ былырыыҥҥы сыллааҕы бүддьүөт туолуутун барыллаан ааҕыытын таһаарбыта. Арассыыйа 2023 сыллааҕы бүддьүөтүн 3,2 трлн солк. дэписсииттээх сабыах курдук. Эбэтэр валовай бородууктанан ыллахха, 1,9 бырыһыанынан. Бу 2022 сыллааҕыны кытары тэҥнээтэххэ, ама курдук. Тоҕо диэтэргин ити сыл Арассыыйа бүддьүөтэ улаханнык “дьигиһийэн” ылбыта. Былырыын тохсунньуга бүддьүөт саҥа сылы 2,6 трлн солк. дэписсииттээх көрсүбүтэ.
Бүддьүөт дохуоттаах чааһын ыллахха, 29,1 трлн солк. тэҥнэһиэҕэ. Бу 2022 сыллааҕар 4,7 бырыһыанынан үрдүк. Ороскуоттаах чааһа – 32,3 трлн солк. буолуоҕа. Бу эмиэ иллэрээ сыллааҕар 4 бырыһыанынан үрдүк.
Сыана үрдээһинин туһунан эттэххэ, 2023 сыл түмүгүнэн барыллаан инфляция 7,4 бырыһыанынан үрдээбит. Былырыыҥҥы сыл көрдөрүүлэрин түмүктээн эттэххэ, дьон-сэргэ дохуоттаах буолуута 2023 сыл түмүгүнэн 7,7 бырыһыанынан үрдээбит. Манна судаарыстыба социальнай көмөнү үрдэппитэ улахан оруолу ыларын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ону сэргэ былырыыҥҥы дааннайдартан көрдөххө, инвестиция киириитэ эбиллибит. Холобур, үс кыбаартал түмүгүнэн дойду экэниэмикэтигэр инвестиция киириитэ уон бырыһыан эбиллибит. 2022 сыллаахха 6,7 бырыһыанынан үрдээбитэ. Атын эйгэлэртэн ыллахха, бырамыысыланнас – 3,6, бэйэ оҥорон таһаарыыта – 7,5 бырыһыанынан эбиллибит. Онон уопсай ылан эттэххэ, былырыын дойду иллэрээ сыллааҕар бүддьүөтүн этэҥҥэ түмүктээтэ.
ДЬИЭ КЭРГЭН СЫЛЫНАН
Үөһээ этэн аһарбытым курдук, быйыл Арассыыйа бүддьүөтүгэр демография боппуруоһугар үбүлээһин эбиллибитэ көстөр. Владимир Путин быйылгы сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрэн турар. Манна анаан кини дьиэ кэргэҥҥэ үгүс чэпчэтиини киллэрбитэ. Ол иһигэр элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтиилэри эбэн биэрдэ. Холобур, Уһук Илин эрэгийиэннэргэ үһүстэрин эбэтэр онтон кэлэр оҕолорун оҕоломмут ыалга ипотекаларын сабалларыгар судаарыстыбаттан уопсайа биир мөлүйүөн солкуобай көрүллэр буолла. Урукку өттүгэр Арассыыйа үрдүнэн бу сыалга 450 тыһ. солк. көрүллэрэ, аҥарын эрэгийиэн бэйэтэ уйунара. Ол эрээри сорох эрэгийиэннэр бу сууманы кыайан төлөөбөт буоланнар, сорох элбэх оҕолоох ыаллар федеральнай көмөнү эрэ ылаллара. Онон эрэгийиэннэр бүддьүөттэрин тэҥниир сыалтан оҕо төрөөһүнэ Уһук Илин федеральнай уокуругун орто көрдөрүүтүттэн кыра эрэгийиэннэригэр Арассыыйа бүддьүөтүттэн эбии 550 тыһ. солк. эбиллэр буолла. Уһук Илин сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков бэлиэтииринэн, бу чэпчэтии дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарарыгар олус туһалаах көмө. Ону ааһан эрэгийиэн нэһилиэнньэтин ахсаанын элбэтиитигэр эмиэ үтүө өрүттэрдээх. Миниистир этэринэн, кэлиҥҥи сылларга Приморьеҕа маннык көмө киирэн, эрэгийиэҥҥэ биир сыл иһигэр үһүстэрин, төрдүстэрин, бэһистэрин оҕоломмут ыаллар ахсааннара үс төгүл эбиллибит.
Итини таһынан элбэх оҕолоох ыал массыына атыылаһарыгар эмиэ чэпчэтиилэр киирэн биэрдилэр. Тырааныспар миниистирэ Денис Мантуров иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 15 күнүттэн уларытыылар киирэннэр, билигин Уһук Илин эрэгийиэннэргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоннор, мэдиссиинэ, үөрэх үлэһиттэрэ, элбэх оҕолоох ыаллар 25 бырыһыаннаах чэпчэтиинэн туһанар кыахтаннылар.
УҺУК ИЛИН ЭРЭГИЙИЭННЭРГЭ
Арассыыйа бүддьүөтүн үс сыллаах былааныгар Уһук Илин эрэгийиэннэргэ, Арктикаҕа эмиэ биир сүрүн болҕомто ууруллубута көстөр. Санатан этиим, Уһук Илин эрэгийиэннэргэ федерация өттүттэн кэлиҥҥи уон сылга болҕомто күүһүрүөҕүттэн инвестиция киириитэ да эбилиннэ. Биһиги бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитин да ыллахха, харахха быраҕыллар улахан тутууларбыт да эбилиннилэр. Холобур, 2023 сыл түмүгүнэн инвестиция киириитинэн Саха сирэ Амур уобалаһын кэнниттэн иккис миэстэҕэ таҕыста. Дьиэ-уот тутуутунан Приморье кэнниттэн эмиэ иккис иһэбит. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, 2023 сыллааҕы көрдөрүүнэн Саха сирин валовай бородууктата 2,3 трлн солк. тэҥнэспит. Бу 2022 сыллааҕы көрдөрүүнү кытары тэҥнээтэххэ, 3,5 % эбиллибит. Бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы 2022 сыллааҕытааҕар эбиллэн, 102,9 % буолбут. Оттон инвестиция киириитэ 715 миллиард солк. тэҥнэспит. Былырыын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 56 социальнай эбийиэк, ол иһигэр 30 эбийиэк национальнай бырайыактарынан, тутуллубут. Сыл иһигэр уопсайа 705 тыһыынча кв м тахса иэннээх олорор дьиэ үлэҕэ киирбит. Бу иннинэ биир сылга 500 тыһыынчаттан тахса кв м дьиэ тутуллар этэ.
Аны туран Уһук Илин эрэгийиэннэргэ салгын тырааныспарынан көтүүгэ чэпчэтиилэр киириэхтэриттэн кэлиҥҥи уон сылга дьону таһыы лаппа эбилиннэ. Холобур, былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн 2022 сыллааҕар 13 бырыһыанынан элбэх киһи чэпчэтиилэринэн туһанан көппүт. Быйылгы бүддьүөккэ чэпчэтиилээх көтүүгэ Арассыыйа үрдүнэн бу сыалга 25 миллиард солк. көрүллэн турар эбит буоллаҕына, мантан 60 бырыһыана Уһук Илин эрэгийиэннэргэ туһуламмыт.
Оттон суол-иис, тырааныспар боппуруоһугар сыһыаран эттэххэ, Арассыыйа бүддьүөтүгэр биир улахан бырайыагынан Өлүөнэ өрүһү туоруур муостабыт буолар. Үбүлээһинэ федеральнай бүддьүөт биэс сыллааҕы былааныгар киирэн турар. Уопсайа барыта 130 миллиард солк. буолуохтаах.
Манна даҕатан федерация бүддьүөтүгэр кэлэр үс сылга тыа сирин сайыннарыыга үбүлээһин эбиллибитин этэн аһарыым. Холобур, билигин нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран оҥорууга биир бырайыакка федеральнай бүддьүөттэн 3 мөл. солк. барар буолла. Ону сэргэ бу сыалга туспа көрүллэр субсидия эмиэ улаатан, кырата 3 мөл. солк. тэҥнэстэ. Эрдэ бу субсидия 1 мөл. солк. этэ. Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы бырагырааматын дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2019 сыллаахха киллэрбитэ. Билигин бу бырагырааманы бэрэсидьиэн бэйэтин хонтуруолугар илдьэ сылдьар. Бу туһунан кини баһылыктары кытары көрсүһүүтүгэр тоһоҕолоон этэн турар.
Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…