Арассыыйа бүддьүөтүн сокуонун барыла иккис ааҕыытын ааста
Судаарыстыбаннай Дуума сэтинньи 14 күнүнээҕи мунньаҕар дьокутааттар дойдубут кэлэр сыллааҕы үбүн сүрүн сокуонун барылын иккис ааҕыынан ылыннылар. Үп сүрүн сокуонун барылын бастакы ааҕыытынан парламент алтынньы 24 күнүгэр ылыммыта.
Парламент аллараа палаататын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, үп сүрүн сокуонун барылын иккис ааҕыытыгар барыта тыһыынчаттан тахса көннөрүү киирбит. Мантан аҕыс сүүстэн тахса көннөрүү үлэҕэ ылыныллыбыт. Мунньах түмүгүнэн, дойдубут бүддьүөтүн сүрүн көрдөрүүлэрэ уларыйбатылар. Бүддьүөт ороскуоттаах чааһыгар сүрүн болҕомто социальнай эйгэҕэ, дойду оборуонатыгар, технологияны сайыннарыыга ууруллубут.
Иккис ааҕыыга Судаарыстыбаннай Дуума бырабыыталыстыбаны кытары сөҥнөһөн, бүддьүөт сүрүн көрдөрүүлэрин хаалларан туран, эрдэ ууруллубут ороскуоттан үс сылга (2025—2027 сылларга) аҕыс триллион солкуобайтан тахса үбү тыырбыт. Бу үбүлээһин эрэгийиэннэргэ национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ, ону сэргэ нэһилиэнньэҕэ судаарыстыбаттан көрүллэр көмөҕө ыытыллыаҕа.
Бүддьүөт сүрүн сокуонун бүтэһиктээх ааҕыытын дьокутааттар сэтинньи 21 күнүнээҕи мунньахтарыгар көрүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: