Сарсын, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Арассыыйа былааҕын күнүн бэлиэтиибит. Бу дойду дьоһун суолталаах күнүн көрсө Дьокуускай куорат дьаһалтатын Уопсастыбаннай сибээстэргэ уонна ыччат бэлиитикэтигэр управлениета кэккэ тэрээһиннэри бэлэмнии сылдьар.
Ол туһунан управление начаалынньыга Андрей Михайлов билиһиннэрэр:
— Арассыыйа былааҕын күнэ дойдубут хас биирдии олохтооҕор дириҥ суолталаах күнүнэн буолар. Былаах – судаарыстыба бэлиэтэ, хас биирдиибит ытыктыы-сүгүрүйэ сыһыаннаһыахтаахпыт. Биһиги сорукпут диэн, ыччат Арассыыйа былааҕын күнүн суолтатын билиэхтээх, дойдутун ытык бэлиэтинэн киэн тутта, үрдүктүк тута сылдьарыгар иитиэхтээхпит.
Арассыыйа былааҕын күнүн көрсө кэккэ тэрээһиннэр хайыы-үйэ саҕаламмыттара. Атырдьах ыйын 13-26 күннэригэр куорат бибилэтиэкэлэригэр оҕолорго, устудьуоннарга аналлаах кинигэ быыстапкалара, бибилэтиэчнэй уруоктар, аахсыйалар буола тураллар.
Атырдьах ыйын 16-18 күннэригэр Национальнай художественнай түмэлгэ уонна Афанасий Осипов хартыыналаах галереятыгар айар дьарыктаныылар ыытыллыбыттара.
Сарсын, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, сарсыарда 10 чааска “Бүтүн Арассыыйатааҕы “Триколор” аахсыйанан ыччаттар Чочур Мыраан 7 км. тахсан, 20х30 м. иэннээх Арассыыйа былааҕын күөрэччи көтөҕөн көрсүөхпүт.
10 ч.-12 ч. “Арассыыйа – Мин устуоруйам” пааркаҕа “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” пуонда филиалын быыстапката аһыллыа, “Арассыыйа сиимбэллэрэ” киинэни көрдөрүөхтэрэ, биктэриинэ, маастар-кылаастар ыытыллыахтара.
12 чаастан Комсомольскай болуоссаттан автопробег саҕаланыаҕа.
12 ч.-13 ч. Орджоникидзе болуоссатыгар Арассыыйа былааҕар аналлаах бырааһынньыктааҕы кэнсиэр ыытыллыаҕа.
13.00-13.30 ч. “Держава былааҕа – албан аат сиимбэлэ” диэн девизтээх 9 миэтирэлээх былааҕы болуоссакка өрө тутуохпут, флажоктары түҥэтиэхпит, флеш-моб үҥкүүлүөхпүт, харысхаллары оҥорууга маастар-кылаастар буолуохтара.
Бу тэрээһиннэр барыта ыччакка ананан ыытыллаллар. Биһиэхэ элбэх уопсастыбаннай тэрээһиннэр көмөлөһөллөр: Ыччат лигата, «Молодежка» Арассыыйа норуодунай фрона, куорат баһылыгын иһинэн үлэлиир ыччат дьаһалтата, Дьокуускай к. ыччатын парламена, уокуруктар уонна кытыы бөһүөлэктэр ыччакка сэбиэттэрэ. Маны таһынан Арассыыйа былааҕын күнүн куорат уокуруктарыгар уонна кытыы бөһүөлэктэригэр киэҥник бэлиэтиэхтэрэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…