«Арассыыйа» быыстапка-пуорумҥа «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулары сырдаттылар
«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт бэрэсидьиэнэ оонньуу сүрүн суолтатын кэпсээтэ.
Москваҕа ВДНХ «Арассыыйа» быыстапка-пуорумҥа норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары сырдаттылар. Дьокуускайга ыытыллар күрэхтэһии 2024 сылга сааамай киэҥ масштабтаах умнуллубат тэрээһининэн буолуоҕа. Түһүлгэҕэ 25 араас дойдуттан чулуулар түмсүөхтэрэ.
«Азия оҕолоро» — бу успуорт эрэ буолбатах. Бу, маны сэргэ, үөрэх, култуура уонна иитии эйгэтигэр улахан үлэ ыытыллыыта. Сүүрбэ сэттэ сыл устатыгар бу хайысхаҕа улахан үлэ ыытылынна. Биһиги биир сүрүн сорукпутунан — дьоһун дьону иитэн таһаарыы буолар. Бу оонньууларга кыттыбыт спортсмен барыта олимпийскай чөмпүйүөн буолбат эрээри, үксүлэрэ араас эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар«, — диэтэ «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэт бэрэсидьиэнэ Владимир Максимов уонна төрүттээччи, СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев «Азия оҕолоро» киһи-аймах чэчирии сайдарыгар олук ууралларын тоһоҕолоон эппитин бэлиэтээтэ.
Биһирэм түмүгэр Ил Дархан Айсен Николаев уонна Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин Бэрэсидьиэнэ Станислав Поздняков олимпийскай хамсааһыны сайыннарарга хардарыта сибээстээх үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Тэрээһин кэмигэр «Азия оҕолоро» оонньуулар ымыыларын (талисманнарын), логотиптарын сырдаттылар. Ыалдьыттарынан спортивнай оскуолалар иитиллээччилэрэ, ааттаах-суоллаах спортсменнар буоллулар.
«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар 1996 сылтан саҕалаан хас түөртүү сыл ахсын ыытыллаллар. Оонньуу сыала — оҕо, ыччат успуордун сайыннарыы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай бииргэ үлэлээһини бөҕөргөтүү.
2024 сылга бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри VIII төгүлүн ыытыллар спортивнай оонньууларга, успуорт 24 араас көрүҥэр илин-кэлин түсүһүөхтэрэ.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3378161 манна ааҕыҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: